Манна тахсан, субу дайдыга, субу томторго олохсуйабыт. Былыргыттан ааттаммыта Орто Дайды диэн.
Бастаан, Дьааҥы диэкиттэн кэлэн, бу сири булбуттар. Ол кэлэн туран эппиттэр: «Орто аан дойду үтүө сирэ бу дайдыга баар эбит», – диэн. Онтон ити Орто Дайды диэн ааттаммыт.
Бэрт былыр манна киһини сүрэхтээбиттэр үһү. Бу тоҕойго. Ураһа Хонуута диэн сир. Ол сүрэхтээбит томтордоро. Онно кэлэннэр, бастаан дьиэ суоҕар, ураһанан олорбуттар үһү. Ол киһини сүрэхтээбит дьиэлэрэ диэн чачыабына диэн баар этэ. Мин хойут, улаатан баран, уон алтабар дуу, төттөрү Абыйга киирэ сылдьыбытым. Икки сылга киирэ сылдьыбытым. Ол чачыабына, хойут улаатан баран, көрдүү сатыыбын да ончу булбаппын. Ойуур үүнэн хаалбыт. Талах үүнэн хаалбыт. Сити Ураһа Хонуута диэн сиргэ, итиннэ баар этэ.
Дьааҥы диэккиттэн ол Мөрөк диэн киһи кэлтэ үһү. Кулун Өлбүт диэн бу томтор аата. Кулун Охонооһой диэн киһи манна олохсуйбута үһү, манна бастаан. Ол кини аатынан ааттаммыт бу.
ТҮҤҮР МАТАЙБЫТ
Ойууттар түҥүрдээх буолаллар. Ити тиити үүттээннэр ойууттар түҥүрдэрин өҕүлүннэрэллэр эбит. Итиннэ модьуйан, эрийэн. Ити тиит аата Түҥүр Матайбыт диэн.
Түҥүрү матаппыт ойуун эттэҕэ дии: «Ыччаттарбыттан, киһи буолан, үчүгэйдик олоруохтара буоллар, күөх мутук үүнэн тахсыаҕа», – диэбит.
Ол ойун удьуоруттан мин олоробун. Ол хас да киһи үйэтэ буолта буолуо. Ол ойун Тэрбээйик Уйбаан диэн. Ууччатын аата, холобур, Уйбаан.
КААТ БУОДЫЛ
Биир эбээн биир эдэр, биир кырдьаҕас дьахтардаах эбит. Биир хамначчыт дуу, ханнык дуу уоллаах эбит. Ол киһи, чубукалаан сылдьан, биир чубуката олоххо 1 иҥнэн хаалбыт. Дьэ, сарсыҥҥытыгар туран, уолун кытта иккиэн барбыттар. Уолун этэр: «Чэ, эн түһэн көр. Мин маамыгынан быалаан түһэрэн көрүөм», – диир.
Уол буолбат. Онтон, дьэ, бэйэтэ түһэр. Уолугар маамыгынан быалаттаран баран. Чубуканы түһэн ыыппыт. Төлө тардан. Уол буоллаҕына маамыгын быһан кэбиспит. Быһаҕынан. Киһи, дьэ, онно олоххо сыстан хаалбыт. Мээнэ.
Уол, чубуканы ыҥыырдан баран, дьиэтигэр кэлбит. Дьэ, ол кэлэн түүн утуйа сыттахтарына, анараа киһи кэлбит. Олохтон тахсан. Ол кэлэн, уолун өлөрбүтүнэн киирбит. Ол гынан, сарсыарда туран, эдэр дьахтарын аҥаар атаҕын тоһутан, аҥаар илиитин тоһутан баран, быраан кэбиспит. Кырдьаҕас эмээхсинин кытта көһөн хаалбыт. Ол сир аата билигин сахалыы буоллаҕына Аҥаар Атах диэн, эбээннии буоллаҕына Каат 2 Буодыл 3 диэн. Ол сир ала бэлиэтик ааттанар – Буодыл Үрэҕэ диэн.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
1 Олох – ончу маннык истиэнэ курдук турар. Туох даҕаны таба тирэммэт. Арай оннукка киирэр дэҥ чубука. Чубука, холобур, түөрт атаҕыттан биир атаҕа хатанар буоллаҕына, бара турар. Чубука олоҕо диэн, туох да иҥнибэт, турар хайыр. Сырай хайыр. Атахтаах кыыл, чубукаттан атын, туох да киирбэт.
Эбээн тылыгар:
1 Каат (гаад) – половина (аҥаар) (Лебедев В. Д. Язык эвенов Якутии. – Л.: Наука, 1978. С. 155).
2 Буодыл (боодэл, буудел) – нога (атах) (Русско-эвенский словарь / В. И. Цинциус, Л. Д. Ришес. – М.: Гос. изд. иностранных и