Багдарыын Сүлбэ

Үһүйээннэр, номохтор


Скачать книгу

Күөбүргэттэр аҕыйаҕы уурдубут быһыылаах дии санаабыттар. Онтон тойон били тааһы көрө биэрбит уонна хоһугар илдьэ киирбит. Сотору буолаат, хоһуттан тахсыбыт. Дорооболоспут, кимнээхтэрин ыйыталаспыт. Дьыалаларын дьүүллээбит уонна: «Тэриэскиттэр көстүннэр», – диэн кулубаҕа сурук ыыппыт.

      Онон Тэриэскиттэр Күөбүргэнтэн көспүттэр. Биир Тэриэскин Бэлиэдэйгэ барбыт, биир – Чамчаҕа, биир – Бүлүүгэ, Хочо диэн сиргэ, биир – Нүүнэ баһыгар, биир – Наахараҕа.

      Владимир Иванович Попов (1904). Ленскэй, Бэтинчэ. 1979 с. кэпсэппитим.

      ТҮӨРТ КИЛИЭП

      Ат Кытыла диэн сир. Былыр сүүрүк аты сүүрдэллэр. Сунтаартан киллэрэн сүүрдэллэр этэ. Түөрт Килиэп диэн киһи сүүрүк аттаах этэ. Моҕол диэн. Нэлэкэ диэн күөлгэ таххан, биир дьахтарга килиэп биэрбит. Түөрт килиэби. Түүн онтугар барбытыгар: «Кимҥиний?» – диэбит. Ону: «Били, түөрт килиэп», – диэбит. Ону дьон истибит уонна Түөрт Килиэп диэн ааттаабыттар.

      Дьахтар хоойугар киирэбин диэн ааттанан хааллаҕа ол.

      Фаина Васильевна Захарова (1930). Ленскэй, Орто Наахара нэһилиэгэ. 2002 с. кэпсэппитим.

      ЗАХАРОВКА ҮӨСКЭЭБИТ

      Арассыыйаттан биир саллаат куотан кэлбит. Лена устун түспүт. Бэлиэдэйгэ диэри. Онтон Бэлиэдэйтэн Нүүнэҕэ түспүт. Сиһинэн. Захаров диэн ньууча эбит. Хомустаах диэн күөл үрдүгэр тахсыбыт. Кураанах сиргэ олохсуйан, сибиэбийэ туттан олорбут. Ол олорон, Хомустаах Күөлү, хоруу хаһан, Нүүнэ өрүскэ түһэрэн кэбиспит.

      Орто Наахараҕа олорор Тартыыйап диэн баай киһи эбит. Ол киһи, ол сири уутун түһэрэн, ходуһа оҥостуохтаах эбит. 40 киһилээх кэлбит. Хоруу хаһаары.

      Онуоха ньуучата хайы-һахха хаһан бүтэрэн кэбиспит уонна: «Мин сирим, мин хаспытым», – диэн үүртэлээн кэбиспит. Онтон, саха кыыһын ылан, кэргэннэммит. Олохсуйбут, үс уолламмыт. Ол уолаттарыттан барта буолуо ол Сахаараптар.

      Ити былыргы Кэтириинэ Торуой саҕана буолуо.

      Ити кини уолаттарыттан үөскээбит Захаровка диэн түөлбэ этэ.

      МУОМА

      Дмитрий Петрович Соркомов (1938). Муома улууһа, Төбүлэх. 1982 с. Төбүлэххэ суруйбутум.

      ХАТЫС

      Мин, бэһис кылааска үөрэнэ сылдьаммын, ити былыргы үһүйээннэри, остуоруйалары, дьон кэпсээннэрин истэр, кэрэхсиир этим. Холобур, онтон биир истибит үһүйээмминэн, бу биһиги үөһээ өттүбүтүгэр турар Хатыс Үрэх олохтоох киһитин туһунан маннык.

      Оччолорго биһиги сирдэрбитигэр табалаах эбээннэр биирдии ыалынан сир аайы олохсуйан олорбуттара. Ол курдук бу Хатыска биир оннук оҕото-уруута суох, эмээхсининээн иккиэйэх, киһи аҕыйах таба сүөһүлээх олохсуйан олорбуттара биллэр. Оҕонньор, үлэтин быыһыгар, тыа булдунан дьарыктанар идэлээҕэ.

      Ити курдук кини бултаан-алтаан, бу Хатыс Эбэтигэр олордоҕуна, биирдэ, күһүөрү диэххэ, икки оҕолоох, кэргэннээх эдэрдиҥи соҕус эр киһи ыалынан көһөн кэлэр.

      Хатыс бу киһини дьиктиргиир. Кини хантан кэлбитин, туох соруктаах кэлбитин ыйыталаһар. Анараа киһи мин бачча сааһым тухары онно-манна сир үтүөтүн көрдөөн, киһи олохсуйуох сирдэрин туохтуубун. Онон эйиэхэ бу эбэҕэр