Багдарыын Сүлбэ

Үһүйээннэр, номохтор


Скачать книгу

хамнанаарыҥ. Айаннаан, сылайан иһэр дьоммут».

      Онтон Арыылаахха кэлбиттэрэ, киһи аҕыйах эбит, ураһа диэн элбэх эбит. Дьэ, били баар дьоннор тиит хатырыгынан остуол бөҕөнү тарпыттар уонна онно хаппыт балык бөҕөнү туруорбуттар. Ыалдьыттарыгар. Уонна туос тордуйаҕа балык сыата бөҕөнү туруорбуттар. Балыктарын быыһын аайы. Хас биирдии киһи аайы мас биилкэни туттарбыттар, балыгы хоргуҥҥа булкуйан сииргэ анаан.

      Онно Луоҕа Боотур мас биилкэни, хомуйан ылан, ууран кэбиспит. Уонна хаппыт балыгы били хоргуҥҥа булкуйан сиэн барбыттар.

      Дьэ, онуоха ойууртан ох тутуурдаах тоҥус бөҕө киирэн кэлбит.

      Ол түөрүйэтэ буоллаҕына, балык сыатын биилкэнэн сиэбиттэрэ буоллар – ытыалаан барыах эбиттэр. Ону буоллаҕына балык сыатын илиитинэн сиэбит киһи ох кирсин кыайан туппат буолар эбит. Ол аата сэриилэһэр санаата суох диэн. Ол иһин тоҥустар ойууртан киирбиттэр. Эйэлээх дьон кэлтэр диэн.

      Ол дьоннортон икки киһи быстан, бу дойдуга хаалбыт. Убайдыы бырааттыы. Биирдэһэ Тааһаҕар диэн ойуун эбит. Биирдэһэ Бахсы Боотур диэн улахан күүстээх уонна баай киһи эбит. Ити дьон баһылыктааннар, манна хас да киһи хаалбыт. Онтон тэнийэн-ууһаан, тоҥустар үтүрүллэн, өрүс уҥуор хоту диэкки баран биэрбиттэр.

      Ити Бахсы Боотур сүрдээх дохсун, баттыгастаах баҕайы киһи эбит. Аҕатын ууһа элбээбитин кэннэ, биир аҕа ууһун Күүлэт диэкки үүртэлээн кэбиспит. Сир биэрбэккэ. Онтон кэлин, быраата Тааһаҕары кытта иирсэннэр, Бахсы Боотур кэлин бэйэтэ эстэн хаалбыт. Ол иһин бу нэһилиэк Тааһаҕар аатын сүгэн хаалбыт. Ол ойун тэнийбитинэн сибээстээн.

      Онтон кэлин киһи ньуучча аатын ылбытын, сурук-бичик үөскээбитин кэннэ ол үүрүллүбүт аҕа ууһуттан, Күүлэттэн, үс бырааттыы төттөрү дойдуларыгар киирбиттэр. Онтон ол бырааттыылар улахан убайдарын аата Баатаҕай диэн эбит. Биир бырааттара Аччыгый Киһи диэн баар эбит. Биирдэрин аатын умнан кэбиспиппин. Баатаҕай диэн киһиттэн Хаппытыан диэн кулуба буолар киһи төрөөбүт. Ол буор дьадаҥы киһиттэн.

      Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:

       1 Дуоланнаан турар – тобус-толору уулаах. Хаһан даҕаны түспэтэх уулаах.

      ГОРНАЙ

      Анатолий Степанович Максимов. Горнай, Атамай. 1996 с. кэпсэтэрбэр сааһын ыйыппыппар: «80-муттан чорбойдум. 70-ҥар дылы лоппоччу ааҕан биэрэҕин. Онтон 70-ҥуттан чорбойдоххуна, өстөөх сааһым диэн, чорбойдум диэн сыыппаратын эппэккин. Барыахтарыгар диэри. 80-мар үктэнэ сылдьабын диир. 70 – өстөөх саас диэн. 70-нун аастаҕына, өлөрүгэр да сөп диэн. Айыыһыт айбытын толордо диэн».

      МООННЬОҔОН ОЙУУН УҤУОҔУН КӨТӨҔҮҮ

      Атамайга Бэс Күөлэ диэн сиргэ, Дьаарбаҥ Толоон диэн сиргэ төрөөбүтүм. Сайылыкка.

      Атамайга, ити мин үлэлээбит сирбэр, Моонньоҕон ойуун диэн олорбут. Оҕото суох, ойохтоох. Өлөн хаалбыт. Өлүүтэ маннык. Туруору, быыкаан үүтээн курдук сиргэ олорбут. Оҕонньор үс сылы быһа ыалдьыбыт. Оҕонньору араҥастаан кэбиспиттэр. Иккиһин оҥотторбут. Ол иккиһин оҥотторбута сууллаары гыммытын, биһиги оҥотторбуппут. Итиннэ мэнэрийэллэр, манна мэнэрийэллэр. Оҕонньоттор, муста-муста, бу оҕонньору уҥуоҕун, ытык көтөҕөн, саҥалыы сүөһү сиэн, саҥа оҥотторуохха