Семён Данилов

Дойду ахтылҕана


Скачать книгу

туһугар.

      ЫРЫАЛАР НААДАЛАР

      Поэкка

      Оо, поэт, эн ыллаа хабарҕаҥ муҥунан,

      Ийэ дойду саҥарар набаата буолаҥҥын,

      Биһиги үйэбит аар аатын арбыйан,

      Аан дойду сиксигэр тарҕанар хаһыынан!

      Уһуга биллибэт уйгулаах дойдубар

      Күөрэгэй чыычаахтыы көҥүллүк туйаарар,

      Биһиги олохпут мичилэ буоланнар,

      Буурҕаны мэҥэстэр ырыалар наадалар!

      Трактор көлөлөөх эдэркээн колхозтаах

      Күөмэйин муҥунан көтөҕөр ырыата,

      Сөрүүн киэһэҕэ сынньанар бөһүөлэк

      Уоһуттан түһэрбэт дорҕоонноох ырыата!

      Ыанньыксыт дьахтарым чараҥым быыһыгар

      Санаатын долгутар сайаҕас ырыата,

      Эр-хорсун киһибит охсуһуу уотугар

      Күдэҕин көтөҕөр чаҕылҕан ырыата!

      Хаарчахтан хаайтарбат, мэһэйтэн иҥнибэт,

      Аан дойду сиксигин тыал курдук арҕарар,

      Хаһан да эргэрбэт, сир курдук чэлгийэр

      Хотойдуу куорсуннаах хоһооннор наадалар!

      Кыргыска кырыктыыр, үлэҕэ көҕүтэр,

      Кыайыыга кынаттыыр, олоҕу киэргэтэр,

      Этиҥтэн эрчимнээх, көмүөлтэн күдэхтээх

      Бойобуой ырыалар биһиэхэ наадалар!

      Бу ырыа сүрэҕэ, бу ырыа кыната –

      Тапталлаах партия норуокка саҥата!

      Ырыабыт хас тыла, төлөннөөх эрчимэ

      Сылаастык сатардын норуотун сүрэҕэр!

      ДЕПУТАТЫ АТААРЫЫ

      Долгууса сыарҕаҕа көлүллэн

      Турдулар торуойка дьоруолар.

      Ыанньыксыт кыратык долгуйар…

      Ыанньыксыт айаҥҥа хомунар.

      Дьонноро кинини таллылар,

      – Депутат буол, оҕобут, – диэтилэр.

      Дьокуускай куоракка атаара,

      Дьонноро бүтүннүү кэллилэр.

      Дьүөгэлэр, ыанньыксыт кыргыттар,

      Кинини тулалыы көтөллөр,

      Доҕоттор, сылгыһыт уолаттар,

      Долгуйа сэмэйдик көрөллөр.

      Алаапый эмээхсин алаадьы,

      Ас астаан, ыһык диэн аҕалла.

      Доропуун «быһытын былаанын»

      Туруорсан көрөөр диэн туттарда.

      – Оҕобут, этэҥҥэ сырыт, – диэн

      Охоноос оҕонньор сүбэлиир:

      – Бар дьонуҥ баҕатын билэҕин,

      Барытын мунньахха кэпсээр, – диир.

      Намыйаан, кыыһынан киэмсийэ,

      Наҕыллык, намыыннык мичээрдиир:

      – Намчы да сарыннаах киһиэхэ

      Үлэхпит үгүһүн баҕас, – диир.

      Долгууса сыарҕалаах дьоруолар

      Дьоруонан түһэрэн бардылар.

      Депутат бэйэтэ салайар,

      Депутат кыратык долгуйар.

      Өйүгэр үгүс да былааннар,

      Сүүс киһи сүбэтэ түмүллэр…

      Дьэргэһэ, тэлимнии хааллылар

      Тэтиҥнэр, чэпчэки тэтиҥнэр.

      ТУУНДАРАҕА

      Тугу да тулуппат

      муҥутуур буурҕа

      Туундара ньуурун

      сууйар,

      ыраастыыр.

      Тыынар тыыннаах

      тыын былдьаһыгар куотар,

      Ханна эмэ

      хаспаҕы булан саһар.

      Силлиэлээх туундара оҕолоро бэл

      Кылбары маҥан кырсалар кирийбиттэр…

      Буурҕаһыт