уҥуор киирэр күнтэн
Көмүс суол ырылыйар.
9
Пароходтар күн аайы,
Маня суругун ылаары,
Манна тиксэр эбиттэр.
Хаһыытаһан бырастыылаһа,
Сайыһыннара, ыраата
Суругу илдьэ сүтэллэр.
Ыытта үксү.
Хоруй суох.
Өссө ыытта – суох да суох.
Күн-дьыл ууна уһунна
Улугурдар көһүтүүгэ.
Олох, үлэ, куолутунан,
Өрө күүрэ турбута.
Харсаах тыллар умнуллан,
Хоргутуһуу да ааста.
Доҕордоһуу эмиэ тиллэн,
Аньыылаах санаа арахта.
Ол курдук аргыстаһан
Олох суолунан истилэр…
Биирдэ күһүн Тууһуурга
Үгүс баарса тигистэ.
Фроҥҥа ыытар балыгын
Биригээдэ таһыста.
Онно күнү, түүнү быһа
Буочука хачайданар,
Тыраап устун тыаһаан киирэн,
Кырыытынан кыстанар.
Маня эмиэ куруустаһар
Мироннуун сэргэ, бииргэ.
– Баҕар, Кеша быстар саҕар
Бу балык тиийиэ, – диирэ.
Улуу муора кудулутун
Арҕаран муспут балыгын
Биригээдэ таһан, кыстаан
Бүтэриитин саҕана
Эмискэччи айдаан буолар
Ол куруустаммыт баржаҕа:
– Уу киирэр!..
– Дьүүк туолла!..
Носуостаан туһа суоҕа.
– Ханан дьөлө ыстанна?..
Баржевойдар айманаллар:
– Куотуҥ, баржа былдьанна!
Уу дэбилийэр, уһаат устар.
Тыраабы иэмэхтии тэпсэн
Куотар дьон ньамаласта:
– Быраһаай, элбэх дьон эрэйэ,
Сүүс туонна хатыыс бэрдэ.
Биэрэккэ тахсан көрбүттэрэ:
Баржа ыарыы дьаакырданар.
Арай будулуйар дьүүккэ
Икки киһи чалбааттанар.
– Таҕыс, Маня!.. Субу туолуо!..
– Ханан?.. Манан!.. Бу тугуй?!
– Куота тарт!.. Бэйэм булуом!..
– Мирон! Мирон!!! Бу… Буллум…
– Куулла!
Кумахтаах куулунан
Дьөлөҕөһү бүөлүү кыстыыллар,
Ууну хачайдаан, төттөрү таһан,
Балыктарын быыһыыллар.
10
Киэһэ Маня, сылайбыттыы,
Куру-һары дьиэлээн истэ,
Хантан эрэ түргэн тыы
Буор биэрэккэ тигистэ:
– Готовцева… Тохтоо… Үөр-көт… –
Почтальон ойон турар.
Суумкатыттан үс муннук
Суругу ылан уунар.
«Кешаттан!..»
Маня саарбаҕалаан,
Ах бара, хатылаата.
Хатылаата, салгыы аахта:
– «Госпитальтан…»
Сүрэх-быар
Нүөлүйэ тэбиэлээтэ…
Онтон биирдэ баар буолта
Тулаайах оронугар.
Сүрэҕинэн кини аахта
Туох баарын ол суругар.
Арыт ытаан, арыт күлэн,
Оо, үөрүүтүн хайдах этиэй?!
– Тыыннаах! – диэтэ куолаһын муҥунан. –
Кеша! – диэтэ сибигинэйэн.
Уонна уунна баар дьоҥҥо
Дьолун эргиппит суругун.
Үрдүк үөрүү буолла онно,
Доҕор дьон мунньуһунна.
Үлэ,