Егор Неймохов

Эр киһи уонна дьахтар


Скачать книгу

дуомнаахтар, күннэтэ оптуобуска анньыалаһан кэлэллэр-бараллар, харчылара хамнастан хамнаска тиийэр буоллаҕына баһыыба. Оттон кини эрин эйгэтин дьонун тыла-өһө: коттедж, лимузин, Куршавель, бутик…

      Дьүөгэтэ ааҕы, арааһа, сыыһа ыҥырбыт, куоракка маҥнай көрсө түспүччэ, соһуйбучча кэлэ сылдьыҥ диэн кэбиспитэ, мэйиитин хайа эрэ улаҕатыгар төрөппүт оҕом бу күн сиригэр баар диэн өйдөбүлэ ааспакка-арахпакка сылдьар быһыылааҕа. Ол иһин кинини иитэр дьону көрөөт, дэлэй-былас бардаҕа. Эмиэ да оҕолооҕум туһунан Карп биллэҕинэ киэҥ айдаан, улахан иирээн тахсыа диэн, Ксеньялааҕы бэйэтигэр чугаһатан, кинилэри албыннаһан, ону-маны ордугу-хоһуну кэпсии сылдьыбатыннар диэн ньымааттаһар быһыыта эбитэ дуу? Эрим эрэ билбэтэр диэн баҕалаах, ол иһин күлүгүттэн да дьаарханар курдуга, барыттан бары дьулайыы, дьиҥ санаатын кистии-саһыара сатааһын, быһата, элбэх айа тардыллыбыт хонуутугар сылдьар курдук өрүүтүн куттанар, сэрэнэр-сээбэҥниир дьик-дьах турук олус сылатар уонна доруобуйаны да күүскэ айгыратан эрдэҕэ…

      Дина күөгэйэр күннэригэр элбэх уол сүрэҕин долгуппут, бэйэтэ да хардары таптал таарымтатыгар ылларбыта балачча буолуохтааҕа. Сорохтору кытта арахсыы хаһан да оһуо суох курдук сырҕан бааһы үөскэттэ диэн ытааһын-соҥооһун, айманыы-сайманыы да баара, ол эрээри барыта ааһар, сыл-хонук үгүһү оһорор, ити курдук Русланныын урукку уохтаах-омуннаах кылгас тапталларын олох да умнуох быһыылаах эбит да, Ивановтары соһуччу көрсүһүү уонча сыл кэтэҕэр хаалбыты олус сытыытык санатта, оҕото эрэйдээҕи өйдөттө, Эллээйчик ити икки этээстээх кыараҕас дьиэ быыкаайык кирдээх-хохтоох, тымныы-хамныы квартиратыгар сылдьаахтаатаҕа. Эллээйчик… Соһуччу көрсө түспүт Русланыныын олус да омуннаахтык, таарымта киирбитин курдук тапталга ылларыы туоһута уонна түмүгэ буолан, кини үөскээн хааллаҕа, эһээхэй эрдэҕиттэн ыла биирдэ көрө илик кырачаана, этин-сиинин, сүрэҕин тэбиитин сорҕото…

      Дина сүр күүскэ өрө тыынна, илиитигэр кинигэ тутан олорор да, ааҕарыттан биир да тыл төбөтүгэр кыайан киирбэт, ол оннугар университеттааҕы сылларыттан күннэр-дьыллар уһуктан, субу хараҕын иннигэр элэҥнэстилэр.

      Оччолорго кини кыыс оҕото, бастыҥ үөрэхтээх устудьуонка буолан кынтаһыйа сылдьара, суруйбут дакылаата университекка бастаан, научнай кэмпириэнсийэҕэ Москваҕа көтөр буолбута, Дьокуускайтан соҕотох этэ. Пассажирдар соччо элбэҕэ суохтара, сөмөлүөккэ киирэн миэстэтин булан олороот, эрээттэр икки ардыларынан хааман иһэр үрдүк уҥуохтаах, өрүкүйбүт куудара баттахтаах, бааһынайдыы ыраас хааннаах уолга хараҕа хатана түспүтэ. Чох хара арылхай харахтардыын харахтара харса түһээтин, хайдах эрэ соһуйбута, кинини хаһан эрэ чуолкай ханна эрэ көрбүтэ. Уол ханна олоруохтааҕын көрдүүр быһыылааҕа, кини эрээтигэр кэлэн тохтообута: «Манна эбит», – диэн ботугураабыта уонна кириэһилэҕэ киирэн иһэн, куударатын өрө анньыммытыгар, сонно өйүгэр чаҕылҕан кэриэтэ сандаарыс гыммыта – «Лоокуут уонна Ньургуһун» испэктээкилгэ Лоокууту оонньоон сценаҕа хааман-сиимэн