хары үрдүбэр күлүм күн мэлдьи мичээрдии туруоҕун, үтүөкэннээх атастарым-доҕотторум өрүү чэгиэн-чэбдик сылдьыахтарын курдук саныырым. Баар үһү дуо ама ыарыы, өлүү-сүтүү? Сымыйа!
Ол бэйэм 60 сааспыттан лаппа тахсан баран, сүрэх ыалдьара диэн тугун биллим. Түөһүм иһигэр ааспакка-арахпакка ньириһийэрэ, эдэрбэр хайа да чымаан хайа чыпчаалыгар тэппит атахпын кубулуппакка сүүрэн дабайар бэйэм (бу түгэҥҥэ 1969 сыллаахха Володя Андросовы, Коля Захаровы кытта Болгарияҕа Шипка хайатын чыпчаалыгар диэри тыһыынчаттан тахса үктэли биир тыынынан элэҥнэтэн тахсыбыппытын өйдөөн кэллим) билигин иккис да этээскэ тахсарбар аҕылаан барарым дьулатар буолбута.
Балыыһаҕа быраастарга көрдөрөөрү күнү быһа уочаракка олорору олох сөбүлээбэт суолум да буоллар, ыарыым тулутарыттан ааста, хайыам баарай, хаһааҥҥа диэри маннык туруктаах сылдьыамый – бырааска көрдөрбүппэр: «Сүрэххин хааччыйар сүрүн тымырыҥ улахан аҥаара бүөлэммит, онон атаҕыҥ тымырынан киирэн, тымыры кэҥэтэр стентирование диэн операция оҥоруохха наада», – диэтилэр. Биллэн турар, урукку өттүгэр улаханнык ыалдьан көрбөтөх киһиэхэ сүрэххэр эпэрээссийэ оҥоробут диэбиттэрэ ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии соһумар этэ.
Үрүҥ халааттаах аанньаллар барахсаттар (хирурдарбар Петр Иванович Захаровка, Григорий Дмитриевич Бугаевка, Петр Борисович Кривошапкиҥҥа тыыннааҕым тухары махтана туруом) өр-өтөр гыммакка эпэрээссийэлээн, доруобуйам кэм чөлүгэр түспүт курдук да буоллар, чэгиэммин-чэбдикпин диэн эрдэттэн быһа этэн кэбиһэр табыллыбатын өйдөөбүтүм. Балыыһаҕа палаатам үрүҥ үрүтүн одуулаһа сытан саныырым: «Киһи Таҥара илиитигэр сылдьар дииллэрэ уот харахха эбит, саха өһүн хоһоонугар баарыныы, уол оҕо биир күн ат уорҕатыгар, иккис күн ат өрөҕөтүгэр. Бүгүн этэҥҥэ курдугуҥ тугу да билбэт, хаһан баҕарар эҥин дьүһүн буолан хаалар олох ыраахтан буолбатах. Ыччаттарбар анаан тугу да ахтыбакка, суруйбакка хааллахпына, ким кэлэн оҕолорбор, сиэннэрбэр, бары миигин билэр дьоммор мин түһүүлээх-тахсыылаах, үөрүүлээх-хомолтолоох олоҕум туһунан кэпсиэ буоллаҕай?»
Мутугунан быраҕар муҥур үйэбэр ситиһии-кыайыы өрөгөйүн да, охтор-самнар алдьархайын да билбитим. Быһата, бэйэм очурдаах-чочурдаах дьылҕам туһунан кэпсээн көрүүм, баҕар, кими эмэ сэҥээртэҕинэ, өссө үчүгэйэ – хайа эмэ ыччакка олоҕун суолун буларыгар, быстах уустуктартан сынтарыйбакка өрө охсон, уустук балаһыанньаттан тахсарыгар көмөлөстөҕүнэ, мин туруоруммут сорукпун сиппиттии сананыах этим.
1
Мин төрөөбүт-үөскээбит Чакырбын биир дойдулаах убайбыт, саха классик суруйааччыта Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин бэргэнник этэн кэбиспитинии Дьаҕа Баһа диэн ааттыыллара. Чахчы да, биһиги аччыгый эрдэхпитинэ, ылбычча киһи тиийбэт ыраах сирэ, соҕуруунан Амма улууһун кытта быысаһар, «ырааһыран ыла-ыла ыбыллаҕастаммыт, ыллыга-аартыга бүөлэммит» үрэх баһа дойду этэ. Ол иһин массыына тоҕута сүүрбэтэх сирдээх-уоттаах, уматык ыыра-дьаара тунуйбатах күөх сирэм дойдубар, өлбөт мэҥэ уутуттан итэҕэһэ суох угуттуур мүөттээх салгыннаах Дьаҕам Баһын алаастарынан, хатыҥ, тиит былаастаах тыаларынан оонньоон-көрүлээн, көтөн-мөҕөн оҕо сааһым ааспыта. Оччотооҕу кэмтэн өйдөбүлүм – күн манна Толооҥҥо (Чакыр диэн нэһилиэгин, оттон Толоон диэн дэриэбинэтин ааттара) ордук чугаска, сир-дойду быдан ырааска, чаҕылхайга дылыта, миигин, эрдэ аҕата суох хаалбыт уолчааны, дэриэбинэҕэ билэр-билбэт дьонум-сэргэм өрүүтүн таптаан-атаахтатан тахсаллара.
Кэлин дьон ахтыытыттан биллэххэ, түөрт хостоох дьиэни Тураҥнаах диэн сиртэн көһөрөн аҕалбыттарыгар Эрилик Эристиин иккис кэргэнэ, биэлсэр буолан бу дьиэттэн үс хоһун ылан өлүөр диэри олорбут. Билигин бу дьиэ музей буолан турар. Дьиэ соҕурууҥҥу киэҥ хоһо дьахтар оҕолонор палаатата эбит. Мин манна 1947 сыллаахха кырыа кыһын кыйданан, сааскы таммах чоллурҕаччы түһэн эрдэҕинэ, чыычаах уйа туттубат, киһи үлэлиэ суохтаах ытык күнүгэр – Былаҕасыанньайап таҥаратын чэчиэринньигэр, ол аата ыаллар алаадьы астаан бырааһынньыктыыр кэмнэригэр – муус устар 6 күнүгэр төрөөбүппүн.
Аҕабынан төрүттэрбит Байаралар диэн эбиттэр. Аҕам Павел Дмитриевич, эппитим курдук, эрдэ, мин үс саастаахпар, суох буолаахтаабыт. Эдьиийим кэпсээнин сабыдыалыттан дуу, эбэтэр дьиҥ-чахчы оннугу көрбүтүм хатанан хаалбыта дуу – хаар кыыдамныыр күһүҥҥү хаҕыс күнүгэр хоруобу сыарҕалаах акка тиэйэн илдьэн эрэллэрин, миигин эдьиийим көтөҕөн турарын өйдүүр курдукпун, олус лүҥкүрбүт, хобдох-курус күҥҥэ дылыта…
Ийэм Евдокия Егоровна биһигини иитээри үлэттэн ордубата: повар да, лааппыга атыылааччы да буола сылдьыбытын билэбин. Онон борбуйбун көтөҕүөхпэр диэри сайын аайы эһэм Дмитрий Павлович миигин көрөн-истэн улаатыннарбыта, сөбүгэр дьарыйан, ардыгар атаахтатан, уол оҕо бары дьарыгын сатыыр буоларга уһуйбута. Күүтүүлээх сайыҥҥы каникул саҕаланнар эрэ, Толоонтон көс курдуктаах сиргэ – Соҕуруу Эбэҕэ барарбыт. Эһэм атын миинэн баран, миигин кэннигэр мэҥэһиннэрэрэ, ол кэнниттэн айахпыт хам буолбакка кэпсээн-ипсээн бөҕөнөн аар тайҕа иһигэр киирэн, ыркый ойуурунан айаннатан дибдитэрбит.
Биһиги, Карповтар, өбүгэ саҕаттан олохпут дьиэбититтэн арҕаа, икки биэрэстэлээх Хоспохтоох диэн сиргэ баар. Алаас Эбэттэн Хоспохтооххо лиҥкир тиит тыаны быһа түстэххэ, төрүт-уус алааспытыгар, оттуур сирбитигэр тиийэрбит. Бу алаас халдьаайытыгар дьон уҥуохтарын кириэстэрэ,