Вячеслав Карпов

Очурга оҕустарыы, кыайыыга кынаттаныы


Скачать книгу

эрдэҕинэ, эмискэ үрдүбэр бөдөҥ баҕайы саҥалаах киһи соҕотохто тоҕо барбытыгар, куттанан тэлиэгэ түгэҕэр умса түһэ оҕустум. Саҥа тохтообокко биир күрүс эҥээрэриттэн дьиктиргээн, өндөйөн тулабын көрбүтүм – остуолбаҕа ыйаммыт тэллэҕэр тэрил иһиттэн кэпсээн-ипсээн аан дойдуну толорон доргута аҕай турар эбит. Кэлин билбитим – ол военкомат томторо диэн эбит.

      Хайа эрэ ыал олбуоругар киирдибит, дьиэлээх-тэр «һуу-һаа» буолан тахсан, биһигини эргийэн кэбистилэр, көрөн-истэн айманан, ону-маны ыйы-талаһан бардылар. Дьэ, ити курдук ырыаҕа ыллам-мыт, хоһооҥҥо холбоммут, киэргэттэхтэринэ «тоҕус томтордоох иккис Москва» диэн ааттыыр Чурапчы сэлиэнньэтин дьоно буоллубут.

      2

      Ол күн Дьөгүөр биһигини Чурапчыга аҕалан баран Мындаҕаайытыгар төнүннэ, оттон ийэм биһикки ыалга дьукаах киирдибит. Ийэбиниин, бэйэбит бас билэр дьиэтэ суох дьон, мин улаатыахпар диэри Чурапчыга ыалтан ыалга көһөн да биэрбиппит! МТС, райпо, оскуола, интернат-оскуола томтордоро, Милиция Алааһа, Арҕаа Бас, Илин Бас…

      Чурапчы орто оскуолатыгар маҥнайгы кылааска төрдүс чиэппэрбин салҕаан үөрэнэрбэр, бэрт кытаанах ирдэбиллээх, чиҥ-чаҥ Александра Ильинична Герасимова диэн учууталга түбэстим. Өссө аатырбыт Уот Субуруускай уола Константин Николаевич эмиэ үөрэппитэ. Ийэм үлэлии бардаҕына, соҕотох хаалабын. Ол иһин ийэм көрдөһөн, уолбун ханна да хаалларар сирим суох диэн сайабылыанньа суруйан, мин үсүһү бүтэриэхпиттэн урукку педучилище базатыгар тэриллибит интернат-оскуолаҕа төрдүс кылааска киирбитим.

      Манна үөрэммит сылларбын олус күндүтүк саныыбын. Киэҥ нэлэмэн Чурапчы эбэ кытылыгар үс муус маҥан куба олорорунуу, интернат-оскуола маҥан оппуохалаах корпустара ыраахтан туналыһаллара. Маҥнайгыта – үөрэнэр, иккиһэ – олорор, үсүһэ – остолобуой уонна мастарыскыай дьиэлэрбит буолаллара.

      Иитээччилэрбит, учууталларбыт олус да үчүгэй дьон этилэрэ, республика араас муннуктарыттан кэлбит, үксүлэрэ тулаайах оҕолорго кинилэр туох да омуна суох ийэлэрин-аҕаларын солбуйбуттара. Иитээччибит Евдокия Яковлевна Барашкова хас биирдиибитин араҥаччылыы, харыстыы сылдьар курдуга, икки чаас уруок аахтарара. Иллэҥ кэммит буоллаҕына, Евдокия Яковлевна кинигэ тутан киирэрин кэтэһэрбит. Иитээччибит сахалыы кинигэлэри дорҕоонноохтук ааҕара. Тылбаастанан тахсыбыт «Тисса үрэх үрдүгэр» диэн курдук быһылааннаах сырыылардаах, үспүйүөннээх, хабыр киирсиилэрдээх айымньыны аахтаҕына, сэриигэ сылдьан суругунан билсибит кыыһыгар Терезаҕа айаннаан иһэр Иван Белограйы аара суолга өлөрөн баран, кини оннугар кубулунан кыыска тиийбит үспүйүөнү субу тутан ылыахтыы абаран-сатаран, сутурукпутун бобуччу тутан, тыынарбытын да кыатанан истэрбит.

      Сэрии ветерана, бойобуой уордьаннаах иитээччибит Петр Егорович Спиридонов туһунан үөрэтэр ньымалардаах, оҕолору бэйэтигэр тардар, улаханнык ытыктыыр иитээччибит этэ. Кини сэрииттэн аҕалбыт, мэктиэтигэр, Чурапчы күөлүн уҥуоргу өттүгэр тиийиэх айылаах сытыы