интернат-оскуолалар кэллилэр! – диэн дьон хайгыыр-киһиргэтэр сиэринэн саҥа аллайалларын үөрэ истэрбит.
Интернат-оскуолаҕа учууталларбыттан өссө нуучча тылын үөрэппит Николай Николаевич Павлов-Тыаһыты, биологияны наһаа кэрэхсэбиллээхтик биэрбит Василий Федотович Ермолаевы ахтыам этэ. Биирдэ Василий Федотович хантан эрэ чырылыы-чырылыы сүнньэ суох курдук төбөтүн хайа баҕарар, ол иһигэр 360 кыраадыс тохтоло суох эргичитэр көтөрү кылааска аҕалла уонна:
– Бу вертишейка диэн буолар, – диэтэ.
Сөҕөрүм диэн баар – онтон ыла хаһан да вертишейканы көрбөтөҕүм. Кэлин анаан-минээн биология кинигэлэриттэн биллэхпинэ, вертишейка диэн хотугулуу-арҕаа Африка уонна Евразия тыаларыгар баар тоҥсоҕойдуҥулар биис уустарыгар киирсэр сүүрбэччэ сантиметр уһуннаах чыычаах диэбиттэр. Василий Федотович ити вертишейканы хантан булбута буолуой, биһиги Чурапчыбыт тыатыттан дуо? Ити курдук интернат-оскуолаҕа олорон, бэртээхэй учууталларга үөрэнэн, үтүөкэн уолаттардыын доҕордоһон, билбэтэхпин билэн, көрбөтөхпүн көрөн, коллективка сылдьарга үөрэнэ улааппытым.
Оскуолабытыгар пионерскай дружинабыт герой-пионер Леня Голиков аатын сүгэрэ, баһаатайбыт Иннокентий Семенович Окоемов наһаа кыһаллан-мүһэллэн араас өрүттээх үлэни ыытара, бэйэтэ каллиграфическай буочарынан олус ыраастык, кыраһыабайдык суруйарыгар ымсыырар этибит. Үөрэнээччилэртэн дружинабыт сэбиэтин салайар Валя Баишева, Нюта Местникова диэн, маҥан булууһаларын сиэҕигэр түөртүү кыһыл бэлиэҕэ тиийэ анньыммыт (звеньевой биир, этэрээт командира икки оннук бэлиэлээх буолаллара) биһигинньик дьоҥҥо иэдээннээх хотун кыргыттардаах этибит. Түөрт муннуктаах хордуону жетон диэн биэрэллэрэ, мэниктээн элэҥнэтэ сылдьан хотуттарга түбэстиҥ да, быраһаай – жетон муннуга быһа кырыллара. Түөрт муннуга быһыннаҕына оскуолаттан үүрүллүөххэ сөптөөх куттал суоһуура. Инньэ гынан баһаатай да, учууталлар да, «хотун» кыргыттар да бэрээдэги сүрдээхтик тутан, араас кэрэхсэбиллээх дьаһаллары ыытан, дружинабыт бүтүн Советскай Союз пионерскай дружиналарын ортолоругар бастаан, улахан үөрүү-көтүү буолбуттааҕа.
Биирдэ муус устар ылааҥы күнүгэр үөрэнэ олордохпутуна, арай ааммыт тэлэллэ түстэ, олус үөрбүт киһи хаһыытаан бытарытта:
– Оҕолоор! Космоска сэбиэскэй киһи көппүт!
Биһиги бары «ураалаан» ньиргиппитинэн таһырдьа сырсан таҕыстыбыт. Линейка, уруйдаһыы-айхаллаһыы бөҕө буолбутун өйдүүбүн. Оччолорго «космос» диэн тугун билбэт да буолларбыт, туох эрэ сөҕүмэр кыайыы ситиһиллибитин эппитинэн-хааммытынан сэрэйбиппит, ыйга дуу, сулустарга дуу киһи көппүтүн тэҥэ санаабыттаах этим.
Кыра эрдэхпититтэн доҕорбунуун Петя Калачев-туун лүөччүк буолуохпут диэн ыраланар этибит. «Валерий Чкалов», «Повесть о настоящем человеке», «Два капитана» курдук киинэлэргэ баар тоҥтон толлубат, ириэнэхтэн иҥнибэт хорсун-хоодуот Валерий Чкалов, Алексей Маресьев, Саня Григорьев курдук лүөччүктэр