кэлбэт туох эрэ буоллаҕа. Арай биһиги палаатабытыгар улахан суолталаах комиссия кэлиитэ буолара. Комиссия кэлиэхтээҕин этэ да иликтэринэ, эрдэттэн сэрэйэрбит. Сиэстэрэлэр палаатабыт иһигэр уларыйар кыахтааҕы барытын уларыталлара, сууллар кыахтааҕы барытын хос-хос сууйаллара. Биһиги сыттыкпытын уонна суорҕаммытын биир да мырчыстаҕаһа суох гына көннөртөрөллөрө. Күҥҥэ хаста да сиэстэрэлэр комиссия хайдах киирэн кэлэрин үтүктэн көрдөрөн «репетиция» ыыталлара. Биһигини сөпкө мичээрдииргэ үөрэтэллэрэ. Ити күннэргэ «комиссияҕа» дьоллоох оҕо сааспытын сөпкө мичээрдээн көрдөрбүппүт иһин, киэһэ аайы бүтүн дьаабылыка манньаҕа тиксэрбит.
Ити түгэни санаан кэлэн, улахан суолталаах «во!»-ну сөпкө көрсөргө бэлэмнэммитинэн бардым: сыттыктаах суорҕаммын көннөрүннүм, баттахпын имэринним, дьоллоох оҕо саас мичээрэ хайдах буолуохтааҕын өйдүү сатаатым да, табыллыбата. Репетициялыыр сиэстэрэлэрбин суохтаатым. Күн ахсын, аан тыаһын иһиттэҕим аайы, «во!» киирэн кэлэрин кэтэһэрим. Күн-дьыл ааһан испитэ. «Во!» суоҕун курдук суох этэ.
Кистээбэккэ эттэххэ, «во!» хайдах сирэйдээҕин-харахтааҕын, дьүһүнүн-бодотун, туттарын-хаптарын, таҥаһын-сабын, тылын-өһүн, өйүн-санаатын билбэт этим. Ол эрээри киирэн кэллэҕинэ халлаан күөх хаймыылаах бүлүүһэҕэ ууруллубут үс сымыыты тута сылдьарыттан «во!» бу кэллэ диэн билиэм этэ. Сиэстэрэ Света остуоруйатыгар, ол сымыыттары алдьаппыт киһиэхэ дьол тиксэрэ.
«Во!» кэлэрин кэтэһэ таарыйа, уруһуйдуурум. Ол гынан баран, кыталык үҥкүүлээх хартыыналарым төһө да үчүгэйдик таҕысталлар, дьонум төһө да сөхтөллөр, хайҕааталлар, санаабар син биир туох эрэ тиийбэт курдуга. Уруһуйдарбын хас көрдөҕүм аайы, Амма кытылыгар сааскы саһарҕаҕа үҥкүүлүү сылдьар кыталыктар санаабар илэ тиллэн кэлэллэрэ, кырыымпалыы ырыалара дууһабын аймыыра, таайтарыылаах дьол сибикитэ сүрэхпин хам тутуталаан ылара. Хартыынабын көрбүттэр тас көрүҥүн эрэ сөҕөллөрө, мин курдук дууһалыын аймамматтара, кынаттаммыкка дылы буолбаттара, дьол чугас баарын сэрэйбэттэрэ, иннилэригэр биллибэт кэрэни кэтэспэттэрэ. Санаабар, мин кыталыктары үчүгэйдик билбэппиттэн, тугу эрэ ситэ өйдөөн көрбөккө хаалбыппыттан, дууһам ол өрүкүйүүтүн хартыынам сатаан тиэрдибэт курдуга. Кыталык үҥкүүтүн төһөнөн элбэхтик уруһуйдуубун да, соччонон күүскэ ол кытылбар тардыһарым. Аҕам иккистээн илдьибэтин билэр буоламмын, онно тиийэрим-тиийбэтим бэйэбиттэн эрэ тутулуктааҕын өйдөөбүтүм уонна хайаан да угуйар кытылбар тиийиэм диэн бигэ санааны ылыммытым.
– Нохолоор! Кэлиҥ эрэ ыл, бары бэттэх! – диэн аҕам суостаах куолаһа таһырдьаттан аһаҕас аанынан иһилиннэ. – Ити тоҕо таһараа ыал ытын тааһынан тамныы сылдьаҕыт, ээ?! Бүгүн эмиэ баппат күҥҥүт үөскээбит дуу, тугуй? Мааҕын куоска кутуругар кэнсиэрбэ бааҥкатын баайан баран, өрүс таастарын устун сарылаһа-сарылаһа эккирэппит үһүгүт.
– Ону ким эйиэхэ үҥүстэ? – диэтэ Кеша.
– Ким үҥсүөҕэй? Үрүҥ Аар Тойон тохсус халлаантан эһиги оройгутунан харахтана сылдьаргытын көрөн баран сөбүлээбэтэх этэ.
– Үрүҥ Аар Тойон биһигини