Якутскайга аҕалыллыбыттарын кэннэ, мин В. Котенканы кытта элбэхтэ суруйсубутум. Кини көҥүлгэ тахсан революционнай охсуһуутун салгыырга олус баҕарара… Түрмэҕэ сытар большевиктар бириэмэни таах сүтэрбэтэхтэрэ. Кинилэр восстание оҥорорго былааннаммыттара. Кэлин биһиги сэриилэрбит Усть-Куту ылбыттарын уонна Лена устун иһэллэрин истэн бараннар, восстание буолар түбэлтэтигэр анаан түрмэҕэ революционнай штабы талбыттара, ол штаб састаабыгар В. Котенко эмиэ баара. Восстание 1919 с. ахсынньы 15 күнүгэр анаммыта. Мин итини М. Мегежескэйтэн уонна хаайыыга сытар Котенкалаах Аржаковтан истибитим. Түүн 12 чааска хаһаарымаҕа тиийиэхтээҕим (саллааттар биһиги диэки этилэр), ити кэмҥэ дьиэ умайан, куорат уотунан сандаарбыта. Нэһилиэнньэ баһаарга мустубута. Ол бириэмэҕэ биһиги хаһаарымаҕа барбыппыт. Восстанияҕа үрүҥ гвардеецтар соччо утарсыбатахтара. Кинилэр былаастара соҕуруу киин сиргэ айгыраабытын, кыра охсууттан да эстэр буолбутун билбиттэрэ. Ол түүн миигин штабка хаалларбыттара. Үрүҥ гвардеецтар командаларын начальнигын капитан Каминскайы аан маҥнайгынан тутан аҕалбыттара. Кини куттанан сарай отугар саспытын булбут этилэр. Иккиһинэн поручик Расторгуевы, кини кэнниттэн кыра чыыннаахтары аҕалбыттара. Кинилэр бары өлбүт-өспүт көрүҥнээхтэрэ. Оттон биһиги төрөөбүт-үөскээбит Сахабыт сиригэр Советскай былааһы чөлүгэр түһэрэр кэскиллээх үлэбит саҕаламмыта. Мин ити бириэмэҕэ дьылҕабын бэйэм бойобуой доҕорбун В. Котенканы кытта холбообут кэмим этэ. М. Аммосов телеграмматынан салайтаран, биһиги В. Котенко быһаччы кыттыытынан «Эдэр коммунист куруһуога» диэн ааттаан ыччат тэрилтэтин тэрийбиппит. 1920 сыллаахха бэс ыйыгар, С. Васильев Якутскайга кэлбитин кэннэ, Саха сиригэр төрүттэммит ыччат Коммунистическай Союһун Устаабын аҕалбыта. Иркутскайга комсомол губкомугар үлэлээбит опытын билиһиннэрбитэ. С. Васильев улуустарга саха ыччатын комсомолга тардыбыта, ячейка тэрийбитэ. Кини партийнай үлэҕэ да сылдьан комсомольскай тэрилтэҕэ мэлдьи көмөлөһөрө. Комсомол оччотооҕу салайааччыта Р. Цугель киниэхэ улаханнык махтанара. Мин комсомольскай үлэни таһынан дьахталлар ортолоругар үлэлээбитим, оҕо дьиэлэрин тэрийсибитим. В. Котенко уобаласка былаас үрдүкү органа буолбут Кыһыл Армия революционнай штабын чилиэнинэн үлэлээбитэ. Кинини Москваҕа Свердлов аатынан партийнай университекка ыыппыттара. Үөрэхтэн 1921 сыл бүтүүтүгэр эргийэн кэлбитэ. Совнархоз председателинэн уонна РКП(б) губкомун чилиэнинэн үлэлээбитэ. Халымаҕа балаһыанньа күчүмэҕэй буолбутугар Свердлов аатынан университеты бүтэрбиттэртэн түөрт буолан (В. Котенко, А. Кугаевскай, В. Чижик, В. Синеглазова) онно барарга көрдөспүттэрэ. Губбюро секретара Г. Лебедевы кытта кэпсэтии кэнниттэн Вася түүн икки дуу, үс дуу чаас саҕана кэлбитэ. Миигин Халымаҕа барыс диэбитэ. Кыһын кыра оҕолоох (уолбут биир саастаах этэ) барар кыаллыбатынан мин кэнники барарбар сөбүлэспиппит. Кини ханна куттал суоһаабыт, ханна үлэ элбээбит сиригэр дьулуһара. Сарсыныгар Губбюро мунньаҕа