Л. В. Иванова

Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ


Скачать книгу

биһиги көлүөнэ, биһиги иннинээҕи көлүөнэ саха бэртэрэ нууччаны кэргэн ылаллара. Ити гынан баран төрүөхтэрэ төһө да төрөлкөйүн иһин үчүгэйдик олорботохторо. Өй-санаа, быһыы-майгы өттүнэн тапсыбаттар. Нууччаны кэргэн ылбыт киһи сахаттан тэйэр. Нуучча дьахтара саханы сырытыннарбат, уруу тардыспат. Инньэ гынан, бу киһи бэйэтэ сахаттан тэйэр, оҕолоро нуучча буолан хаалаллар. Аны пенсияҕа таҕыстылар да соҕуруу барар айдаана. Онон улахан омуктуун эрэ тутуһуохха, эт-хаан өттүнэн кытта уруурҕаһыахха диэн аҕыйах ахсааннаах норуоту эһэр суолга тириэрдии буолар.

      Ол эрээри нууччаны утары пропаганда, этии ыытылларын мин олох утарабын. Нуучча государствотыгар олорорбут да быһыытынан уонна киһини омугунан көрөн үчүгэй, куһаҕан диэн араарар сатаммат. Ол гынан баран дьиҥ олоххо баарынан көрөр эбит буоллахха, нуучча кэлии өттө манна байаары, үбү өлөрөөрү, баайы хоро таһаары кэлэр. Ол чахчы. Онон биһиги былааһы бэйэбит тутан олорорбут быһыытынан, сувереннай республикалаахпыт быһыытынан кинилэргэ миэстэлэрин кырдьыгынан этиэхтээхпит. Эһиги миэстэҕит бу, эһиги уораргытын, хоро таһаргытын биһиги көҥүллээбэппит диэн.

      – Кырдьыгынан этиэхтээхпит диигин. Уопсайынан баары баарынан саҥарыы олоххо киирэрэ ыраах быһыылаах. Уруккулуу сэрэнии, куттаныы, тыл быһаҕаһынан саҥарыы билигин даҕаны эккирэтэ сылдьаллар дии санаабаккын дуо?

      – Үс көлүөнэ тухары атаҕастаан, баттаан биир муостанан хаамтарбыттара норуот мэйиитин хатарар. Норуот куттанан этиэҕин эппэккэ, оҥоруоҕун оҥорбокко сылдьыбыта бу билигин баар көлүөнэ олоҕун устата көнөр кыаҕа суох. Уонна билигин балаһыанньабыт түөрэккэйэ бэрт. Россия үрдүкү салалтатыгар хайдах курдук туруулаһыы барарын дьон көрө олорор. Баҕар сарсын былаас уларыйан хаалыа, эмиэ тутан-хабан барыахтара. Ону сахаҥ даҕаны көрө-билэ олордоҕо дии.

      – Михаил Спиридонович, мин билигин кэпсэтиини саха интеллигенциятын туһунан боппуруоска салайыахпын баҕарабын. 1989 с. Август Муран «Молодежь Якутии» хаһыакка ыстатыйа таһаартаран турар. Онно саха дьиҥнээх, төрүт интеллигенцията 20–30-с сыллардаахха эстибитэ. Билиҥҥи интеллигенция силиһэ, умнаһа суох искусственнай интеллигенция диэн санааны этэр. Эн итиннэ сөбүлэһэҕин дуо?

      – Соторутааҕыта ити туһунан «Саха сирэ» хаһыакка суруйан турабын. Дьокуускай куорат олохтоохторуттан сыл аҥаарыгар бу хаһыакка 700 эрэ киһи суруйтарбыт. Оттон манна 50 тыһыынча кэриҥэ саха, саха интеллигенциятын сүөгэйэ, сүмэтэ олордоҕо дии. Араас бэйэлээх салайааччылар, учуонайдар, артыыстар. Тоҕо манныгый? Тоҕо саха интеллигенцията сахалыы хаһыаты аахпатый, бу үлүгэрдээх суверенитеппытын туруулаһар, төрүт култуурабытын сайыннарар кэммитигэр бэйэтин санаатын этиэн баҕарбатый? Итиннэ мин Август Муран санаатын кытта сөбүлэһиэхпин баҕарабын. Биһиги бастыҥ өйдөөх-санаалаах дьоммутун, төрүт интеллигенциябытын киин былаас сыал-сорук туруорунан туран кыргыбыта. Саамай ордук кыргыбыта 20-с сылларга, 30-с сылларга. Кэлин эккирэтии, кыргыы син биир бара турбута.

      – Эн санааҕар