align="center">
Багдарыын Сүлбэ уонна Далан
Л.В. Иванова
Үтүө санаалара өссө күүһүрбүтэ
Бу түһүмэҕи норуот суруйааччыта В.С. Яковлев-Далан тылларыттан саҕалыым: «Мин олорбут олоҕум уопсастыба тутула уларыйар кэмнэрин баттаста. Тус бэйэбиттэн туох да тутулуга суох норуотум чулуу уонна олус интэриэһинэй дьонун: Г.П. Башарины, Н.Е. Мординовы-Амма Аччыгыйын, В.М. Новиковы-Күннүк Уурастыырабы, В.А. Протодьяконовы-Кулантайы, Семен П., Софрон П. Даниловтары, М.С. Иванову-Багдарыын Сүлбэни, Е.Е. Алексеевы о.д.а., кинилэр охсуһууларын, дьулуһууларын кытары алтыста. Саха норуота үйэлэргэ үөскэппит интеллектуальнай баайын-дуолун бэйэтигэр төннөрөр туһугар ити дьон бэрт уһун сыллаах дьаныардаах туруулаһыыларын ортотугар олордум. Онтон туора туран хаалбатым да диэххэ сөп».
Чахчыта да оннук, Далан ити тыҥааһыннаах кэмнэргэ туора турбатаҕа, кырдьык туһугар биир санаалаахтарын кытта турууласпыта, охсуспута. Бары да билэргит курдук, Василий Яковлев-Далан уонна Михаил Иванов-Багдарыын Сүлбэ пединститукка бииргэ үөрэммиттэрэ. Билиигэ-көрүүгэ тардыһар эдэр дьон преподавателлэрэ Г.П. Башарин ыытар куруһуогар умсугуйан туран дьарыктаммыттара. Бу туһунан Далан «Дьылҕам миэнэ» эссе-романыгар маннык суруйбут:
«Г.П. Башарин пединститукка кэлээт, биһигини, эдэр ыччаты, наукаҕа көҕүппүтүнэн, угуйбутунан барбыта. Саха сирин историятын туһунан аан бастаан систематическай курсу аахпыта, историческай куруһуогу тэрийбитэ. Ол кэмҥэ Саха сирин историята саҥардыы үөрэтиллэн эрэрэ, онно эдэр научнай каадырдары бэлэмниир баҕалааҕа.
Саха сирин историятын үөрэтэр аан бастакы историческай куруһуокка 1950–51 сс. үөрэх дьылыгар 19 чилиэн баара. Миша Ивановтуун иккиэн биһиги ол куруһуокка киирбиппит. Куруһуокпутугар биһиги тиэмэ ылан, бибилэтиэкэттэн, архыыптан матырыйаал хомуйан, реферат суруйарбыт.
Рефераттары дьүүллэһии, научнай кырдьыкка талаһар эдэр дьон сиэринэн, итэҕэстэргэ ханнык да эйэлэһимтиэтэ суох принципиальнайдык, уохтаахтык-күүстээхтик барара.
Биһиэхэ, студеннарга, Башарин куруһуогар сылдьыыбыт, төрөөбүт дойдубут, Сахабыт сирин историятын үөрэтиибит, системаламмыт дириҥ билиини уонна научнай үлэҕэ бэртээхэй бэлэми биэрбитэ. Ити сыллааҕы куруһуок чилиэннэриттэн биэс учуонай тахсыбыта. Оттон, уопсайынан, Г.П. Башарин куруһуогуттан алта уонча учуонай иитиллэн тахсан, бүтүн научнай оскуола төрүттэммитэ».
Маны таһынан, Далан уонна Багдарыын Сүлбэ Г.П. Башарин курдук уһулуччулаах уһуйааччы куруһуогар дьарыктанан, күүстээх айымньылары, үлэлэри суруйан хааллардахтара. Ол курдук Багдарыын Сүлбэ топонимиканан утумнаахтык дьарыктаныыта, Далан «Тыгын Дархана», «Тулаайах оҕото», «Үһүс хараҕа» саха норуотун түҥ былыргыттан историятын көрдөрөллөр, кэпсииллэр. Ити аата кинилэр дьиҥнээх Учууталга үөрэнэн, кини биэрбит билиитин эттэригэр-хааннарыгар иҥэринэн, онтуларын сайыннаран, бар дьонноругар суруйан