сүбэ өйдөбүлгэр —
өй-санаа быһаарыыта!
СЫРДЫК
Күнү түүн
солбуйан иһэринии
Киһи сырдыктаах
хараҥалаах дии…
Кыһыны сайын
солбуйа кэлэринии
Киһи тоҥуй, сылаас
сыһыаннаах дии…
Сырдык өй-санаа
хайаан да баһыйыахтаах,
Сырдыктан сылаас
сыһыан сайар дии…
Сырдык ыра – баҕа
хайаан да байытыахтаах,
Сырдыктан эрэ
ыра санаа туолар дии…
Күн сырдыгын
таптыырбыныы,
Таптыыртан харах
сырдыыр дии…
Сырдыктан сылаанньыйа
манньыйарбыныы,
Иһирэхтэн эрэ
истиҥ иэйии кэлэр дии…
Сырдыктан хараҥаҕа,
хараҥаттан сырдыкка,
Хайаан да сырдык өттө
баһыйыахтаах дии…
Сырдык – тыыннаах олох
тыллар, үүнэр өҥө,
Сырдык сырыыта —
тыгар күн утаҕа дии…
ҮӨР КҮН СЫРДЫГЫТТАН
Сарсыарда эрдэ туран
Илин диэки көрөбүн,
Үүммүт күммүн тургуутуу,
Күн сырдыгын уруйдуу,
Үөрэбин күн сырдыгыттан,
Бүгүн этэҥҥэ сылдьарбыттан,
Кэрэни кэрэхсиир
Киһилии буолбуппуттан.
Өйдөөн-дьүүллээн көрдөххө,
Өрдөөҕүттэн аттыгар баарыҥ
Бэйэҥ сорҕото буолбутун
Бүгүн кэлэн билэҕин.
Үөр күн сырдыгыттан,
Бүгүн этэҥҥэ сылдьаргыттан,
Кэрэни кэрэхсиир
Киһилии буолбуккуттан.
Аттыгар тулалыыр эйгэҥ
Тулаайах сыппат, тутахсыппат,
Эйигин атыҥырыы көрбөт,
Ол аата эн бэйэҥ миэстэҕэр.
Үөр күн сырдыгыттан,
Бүгүн этэҥҥэ сылдьаргыттан,
Кэрэни кэрэхсиир
Киһилии буолбуккуттан.
Аахайбатах даҕаны түгэҥҥин
Аттара санаан көрөҥҥүн,
Күндүргэтэр көстүүнү булан
Сүрэххэр үөрүүтэ ииттин.
Үөр күн сырдыгыттан,
Бүгүн этэҥҥэ сылдьаргыттан,
Кэрэни кэрэхсиир
Киһилии буолбуккуттан.
Кыра диэн кыһамматаххыттан
Кыһалҕатын, туһатын арааран
Кыһамньыгын, дьаныаргын уур,
Онно эбилиннин дьоҕур, тулуур.
Үөр күн сырдыгыттан,
Бүгүн этэҥҥэ сылдьаргыттан,
Кэрэни кэрэхсиир
Киһилии буолбуккуттан.
ТУЛУЙ!
Олох амтана
сүтүөҕэ да буоллар,
Оҥоһууҥ хотторуулаах
түгэннэрин тулуй,
Эрэл санаа
эстиэҕэ да буоллар,
Дьылҕаҥ өксүөннээх
мөккүөрдэрин тулуй!
Тугу да гынан
турууласпаккын биллэргин,
Эн тулуй!
Чысхааны, куйааһы
тулуйарыҥ курдук,
Түүн кэнниттэн
сарсыарда хайаан да
кэлэрин курдук!
Эн тулуй
үрүҥү хара дииллэрин,
Эрэлгин,