* * Оччоҕо мин, Ыытар ыра баҕаҕыт, ырыаҕыт, ытабылгыт, ынчыккыт Ытык Дорҕооно буоламмын, эһиги сүргүтүнэн туоламмын, Хара аан хараҕатын туураммын, Аҕыс иилээх-саҕалаах Аан ийэ дойдуну аймаһытыам! Тоҕус хаттыгастаах толомон маҥан халлаан толуу суолун тобулуом! Мин – Ытык Саха Уолабын! Мин – Ырыа Дорҕоон буолабын! Мин харааммар киирэн, хааммар иҥэн, — Дьиҥи, Чахчыны булуом! Кырдьыгы туойуом! Толбонноох өй торумун тобулуом! Дириҥ долоҕой ирдэбилин толоруом! Тыал көтүппүт тыймыыт да үөстээх тымныы тыллары ириэриэм! Андаҕар, Аман өс, Айхал-Уруй, Алгыс, Ааттал, Албан аат алыптаах тылларын тэһиинниэм! Өспөт өрөгөй ырыатын, Өһүк өбүгэ өһүн хоһоонун, Саргы-Дьаалы саҥатын, Сатабылын табыам! Кэми-кэрдиини курдарар, Кэнэҕэс кэскил кэпсээнин, Сир ийэ тыынар Сиэдэрэй сэһэнин силигин Ситэн-хотон ситэриэм! Чыҥыс Хаан утары этиппэт ыйааҕын дуораанын, Одун Хаан уталыйбат оҥоһуутун уораанын, Дьылҕа Хаан дьаһаҕын дьайаанын, Билгэ Хаан үөйүллүбэтэх үөтүүтүн, Таҥха Хаан таайыллыбатах таайбараҥын – Мин эрэ үүннүөм! Мин эрэ тэһиинниэм! Мин сүллэр этиинии сүөрүөм, Аан чаҕылҕанныы дапсыйыам! Мин симэх-чэчик, сэбирдэх-мутукча сиккиэринэн илгийиэм! Мин сиик-таммах, Уу-сүүрүк сипсиэринэн имэрийиэм! Мин саха сүрэҕин тэтимин олоҕу кытта дьүөрэлиэм! Мин Айыы Дорҕоонун аҕалан аймах-билэ дьоммун, төрөөбүт ийэ дойдубун арчылыам! Табыкта охсуҥ! Табыкта охсуҥ!!! Табыкта охсуҥ!!! Мин Ытык Саха Уолабын!!! Мин Ытык Дорҕоон буолабын!!!
ГИТААРА
Мин доҕуһуолдьут доҕорум —
гитаара,
Мин кынаттаах атым —
гитаара.
Махтанабын эйиэхэ,
Долгуйар иэйиим
долгураҥ дьүрүскэнин,
Добун халлаан санааҕа
дорҕоон гынан көтүппүккэр.
Дойдубар, дьоммор
мин ааппын ааттаппыккар.
Мин ыллыыр баҕа ырам —
гитаара,
Сүрэҕим ырыаҕа сирдьитэ —
гитаара,
Махтанабын эйиэхэ,
Ис дьиҥим кырдьыгын
иһирэхтик истибиккэр,
Өй-сүрэх мөккүөрүн
дьүөрэ тэтимҥэ тиспиккэр.
Кэрэ, дьикти эйгэтигэр
сүрэхпин сиэтэн илдьибиккэр.
Саҥарбат санаам