таптал,
үөрүү, кэрэ тиллэр.
Санаа куттаах буоламмын
санаарҕыыр айылгылаахпын,
Тутан турарбынааҕар
суоҕу суохтуур эбиппин.
Баартан баранар
баламат майгылаахпын,
Ыраахтан салҕыбат
ыллыыр ыралаахпын.
Мин
санаа буолардааҕынан,
санаа буолбаттааҕынан олоробун…
ЫРА ТЫЛА – ЫРЫА
Ырам тыллар – ырыа тыла
Мин сүрэхпэр иитиллэҕин,
Ырам тыына – ырыам тыла
Мин ийэ куппар тыллаҕын.
Иэйэр кутум – ырыа кутум,
Уран тылбар уһуллаҕын,
Доҕуһуолга, кэрэ куоласка
Дьүөрэлэһэ кутуллаҕын.
Мин күндүлүөм эйигин
Ыра ыһыаҕын тылынан,
Толору ырыа куттаах
Кыынньар иэйии кымыһынан.
Сынньан, сылаанньый доҕоруом,
Сылаас сыдьаай тыллартан.
Манньый, астын, сэгэриэм,
Ыралаах ымыы ырыаттан.
Ыраланарым тухары
Ырыа мин сүрэхпэр уйалаах,
Санаам сахалыы саргыта
Ырыам тылыгар тыыннаах.
КЭМСИММЭТ ЭБИППИН
Кэннибин хайыһа
анаара көрдөхпүнэ,
ахтан аһардахпына:
Сүрэхпин сылытар
ааспыт сылларым
арахпат ахтылҕаннара,
Күннэтэ күүркэйэ
күлүмэхтэнэ түбүгүрбүт
күүрээннэрим үгэннэрэ,
Сыраласпыт дьаныарым,
дьулуспут дьулуурум,
ситиспит ситиһиим.
Дууһабын угуттуур
таптаспыт кыргыттарым
табыллыбыт үгэннэрэ.
Санаабын саймаардар,
саккай сырыыларым
сатаммыт сахтара.
Түгэннэртэн түмүллэн,
үөрүүлэртэн өрүллэн,
санаалартан салҕанан,
Өйбөр-санаабар
өрөөн хаалбыттар
олоҕум өйдөбүллэрэ.
Кэннибин хайыһан
кэмсиммэт эбиппин,
кэлбит суолбуттан…
ЫТЫК ДОРҔООН
Һуот-татай оҕолоор!
Түүн үөһэ.
Сай.
Ытык Сахсары…
Алаас-сыһыы арылы күөлэ
Аҥаатта айгыстан
Үрүҥ тумарыгынан
үлүгүнэйбит…
Саха сирин Аар айылҕата
Ахталыйа айгыстан
Нухарыйар нуһараҥ
Нууралыгар абылаппыт.
Бэл, саха балаҕана
Сири кытта силбэһэн
Иһирдьэ тимирэ иһиллии
иһийбит.
Ок-сиэ ньии, оҕолоор!
Ити утуйан унаара сытар
уу куттаах урааҥхайтан
Саймаархай салгын кута
арахсан,
Тыйыс дьылҕатын
Тымыр быатын батан
Сах үйэтин диэки
Сайа көтө турда…
Көрөллөр ини, көрбөттөөр?..
Бээрээ, һуо-аай,
Ити ханна тиийэрдии барда?
Ити тугу көрдүү көттө?!
Һуо-аай!
Көр да маны,
Көрдөрбүтүнэн көттө дии.
Дьэ бэйи,