Уххан

Иэйик хоһуйа


Скачать книгу

айар аҥаарым,

      Эйиэхэ мин —

      ырабын итэҕэйэбин,

      Эйиэхэ мин —

      ырыанан сүгүрүйэбин!

2004 с.

      ТҮБЭЙ СИРЭ БАҔАДЬЫ ҮРЭҔЭ

      Этигэн көстүү

      өйбөр элэҥниир

      Илэ суоҕу

      баардыы тэҥниир.

      Ыгыаттам үрэҕинэн

      устан иһэбин,

      Ахтылҕан уутун

      ытыстан иһэбин.

      Сүүрүккэ оҕустара

      кытылга тиксэбин.

      Сыыртан үөһээ

      сыһыыга таҕыстым,

      Сыллар-хонуктар

      сыыстарын ыраастыы,

      Сыныйан көрө

      сылыктыы батыстым.

      Талах ойуур

      таманыгар хаамтым,

      Тардыылаах дойдум

      талыы таһаата

      Көҕөрө күөгэйэ

      көстө тупсубута

      Көймөстүбүт көхсүбүн

      көҥө кэҥэттэ.

      Ийэ дойдум

      күбэй түбэм —

      Түбэй сирэ,

      Баҕадьы үрэҕэ

      Көрүстэ уолун

      күөх сирэминэн,

      Ааспат ахтылҕан

      быстыспат ситиминэн.

      Түүлбэр, санаабар,

      эбэтэр илэ дуу,

      Тоҕо бэрдэй

      айылҕа дьиктитэ…

      Ийэм эдэрин,

      эһээхэй оҕоҕо

      Бэйэбин көрөбүн,

      бэркиһээн сөҕөбүн.

      Иирэ талах быыһыттан

      Иэйиэхситим иэйбит,

      Аар тиит аттыгар

      Айыыһытым айбыт,

      Кыстык угун саҕа

      кыра балаҕаҥҥа

      Күн сирин

      көрдөрбүт эбит.

      Окко түспүт

      оҥоһуум бичигэ

      Ойуурга-тыаҕа

      оһуор анньыбыт.

      Сиргэ түспүт

      сэрэбиэйим миэнэ

      Көлүйэ таһыттан

      көтө көрүүлэммит.

      Аар тиит аттыгар

      аналым аттарылла,

      Айар кутум

      дьылҕата суруллубут,

      Төлкөлөөх түөрэҕим,

      аман айылгым,

      Суруга суруллубут,

      ыйааҕа ыйыллыбыт.

      Күн ийэкэм

      күбэй-кииммин

      Туора харахтан

      манна кистээбит.

      Абаҕатын аатын

      ахтан-санаан:

      «Уолум миэнэ

      Уйбаан», – диэбит.

      Кыһыл эрдэхтэн

      кырымматахпын.

      Эһээхэй эрдэхтэн

      эргийбэтэхпин.

      Оччолортон ыла

      оспут миэхэ

      Түбэй түбэтин

      омоон суола.

      Түһүүлээх сирбин

      түһээн көрөбүн.

      Этигэн көстүү

      эргийэн кэлэ

      Элэҥнээн ааһар

      эриэккэһин сөҕөбүн.

      Эмиэ даҕаны

      хараастан ылабын…

      КҮНТЭН КҮН

      Түгэнтэн түгэн

      түбэһэн иһэриҥ түргэниэн,

      Күнтэн-күн

      күрэнэн иһэриҥ күлүмэҕиэн,

      Ыйтан-ый

      ыган иһэриҥ ыксалыан,

      Сылтан-сыл

      сыыллан иһэриҥ сыыдамыан.

      Кэлин биллим

      эн айаныҥ хас хардыытын,

      Хаһан да хатыламмат

      харданы эрэйэр атылын,

      Ааһа барар дьыллар

      саҥата суох ыйытыктарын,

      Кэлэн