Амма Аччыгыйа

Сааскы кэм


Скачать книгу

киһи. Бүгүн кырылас өстөөҕүҥ, сарсын өлөр дьүөгэҥ. Сүрдээх эйэҕэс, наһаа аһыныгас ээ, ол гынан баран.

      – Чэ, тукаам, кэл, чэйбитин иһиэххэ, хайыахпытый?

      Уолбут солуурчаҕы Дьөгүөрдээн оллоонтон ылан сиргэ уурда.

      – Биир сыллааҕы көлөһүммүт умайан хааллаҕа ити дии. Сиэптээҕим эбитэ буоллар, сатаатар харчым бэйэбэр буолуо этэ. Отуу маһыгар кыбытан кэбиспитим…

      Уоттан ордон хаалбыт биир тимир куруусканы кэриһэн сылбаххай чэйдэрин иһэ, күөл бүүрүгүн үрдүгэр сукуһан олордулар.

      Отуу биир ойоҕос маһа тосту сиэнэн хачыр гына сиргэ түһээт, буруолуу сытта…

      Оҕус

      Сааскытыйан барда, хаар үрдэ ууллан, суол кэлтэйдэ. Хаар барана илигинэ Дьөгүөрдээн отун тобоҕун тиэйэн ылаары, икки күн үлэлээн биэрэргэ Байбал Сэмэнэп диэн баай киһиттэн икки оҕуһу уларыста.

      Кыһыҥҥы тымныыга тумнастан-тууйуллан сыппыт сир-дойду холкутук үөһэ тыыммыт, уоскуйбут, кэҥээбит. Алаас-хочо сиксиктэригэр дьэргэлгэн дьиримнии үҥкүүлүүр, күрүөлэргэ илим курдук иилистэр. Саҥа кэлбит тураах хааман маталдьыйар. Үөр туллук быыгыныы көтөн эриэн ирбинньик буолан ааһар халлаан түгэҕэр үрүҥ көмүс кыырпаҕынан ыһыллан сүтэр.

      Сүөһүлэр күн диэки өттүлэрин түүтэ сып-сылаас.

      Күн сылааһар сыламнаан нэһиргээбит оҕуһу мииммэккин, кымньыылаабаккын.

      Оҕустары суолга киллэрэн үүрэн кэбиһэн баран, сыарҕалаах оттор кэннилэриттэн аргыый хаамсан иһэн Дьөгүөрдээн уолунуун арааһы сэһэргэһэр. Кини бултуур туһунан ордук таптаан кэпсиир.

      – Утары ыстанан эрэр эһэни эр бэрдэ киһи ытан бытарытан арҕаһын сиирэ көтүппүт. Ол кыыла саба түһэн эрдэҕинэ, киһи туора ойбут да, саа тимириттэн тутан баран эһэ хоҥоруутун мииннэри охсон чаҕылыннарбыт. Эһэ умса хоруйа түспүт, саа маһа тосту баран ыраах эһиллэн хаалбыт, тимирэ өҕүллүбүт. Умса хоруйа түспүт эһэ, чыпчылыйыах бэтэрээ өттүнэ «өйдөнөн», үрдүгэр түһэн эрдэҕинэ, киһи хаҥас харытын эһэ аппаччы аппыт айаҕар батары биэрбит да тылын төрдүттэн харбаабыт. Эһэ хам ытыран кэбиһэр кыаҕа суох буолан, туора илгиэлэнэн, аһыыларын төбөлөрүнэн киһи харытын тоҕута сиэлийтэлээбит. Киһи ыыппатах. Ыыттар эрэ, өлүө буоллаҕа. Ол курдук киһи уонна эһэ үрэх халдьаайытын тэлгэҕэр күөдүлгэхтэһэ-күрэстэһэ сылдьыбыттар. Онтон киһи мөлтөөн барбыт. Олоро түспүт. Эһэ тиэрэ аттаан эрдэҕинэ, киһи өлөр мүччүргэннээх кэмигэр уҥа сототун таһыттан быһаҕын сулбу тардан ылан, эһэ хонноҕун аннынан батары саайбыт. Ынырык кыылы киһи ол курдук кыайбыт. Харытын быччыҥнарын эһэ аһыылара быһыта соппуттара бүччүрүтэ оспут этилэр.

      Оннук эрдээх дьону хайгыыллар, умсугуйаллар.

      – Көҕүллээх кус дьэҥкэ ууга түһэр, бэйэтэ наһаа нэс кус, үөмпэккэ эрэ киирэн саба тэптэрэн ылыахха сөп. Арамаан Дьөгүөрэп сайылыгын аннынааҕы көлүйэҕэ түөрт көҕүллээх кус түспүт. Үс-түөрт ааттаах сааһыттар умуһах хаһа туралларын үрдүнэн, бэрдимсийэн киирэн, Арамаан тыйдаах биэ сыаналаах икки уостаах сынтарааккатынан тоҥ күөс быстыҥа кыҥаан кынчыатаан олорбут эбээт.

      Кэтэһэн турбут дьон тулуйбатахтар.

      – Доҕоор, ытыаҥ буоллар