түөрэҥнэтэн кэбинэ-кэбинэ, ханна эрэ көмүскэтин түгэҕэр кыласпыт мөлтөх кыараҕас харахтарынан икки өттүн оҥой-саҥай көрөн кэбиһэ-кэбиһэ, кини хас төҥүргэһин, хас ыллыгын барытын билэр тыатыгар сылдьар. Туһаҕыттан куобаҕы ылан ыараҥнатан көрөр, эмиһин билээри, самыытын, быттыгын туппахтыыр уонна мас сүгэһэригэр баанан кэбиһэн баран, кэбинэ-кэбинэ, бэрт аргыый хаама турар. Кини куруук тугу эрэ көрдүүр курдук туттар уонна тайаҕын төбөтүнэн мас бытархайдарын туора хаһыйталыыр.
Ити Бокуруоп буолуор, кыстык хаар түһүөр, баай үлэтигэр көлүллүөхтэригэр диэри.
Онтон кыһыны туораан сааскы Ньукуолуҥҥа «кэпсэтиилээх кэмнэрэ» туолар, бэйэлэрин балаҕаннарыгар көһөн күккүрүүллэр. Аҕыйах хоноот «тойоттор» туу сүгэн от үрэххэ күөнэх балыктыы бараллар.
Ол эрээри саамай эрэйдээх, саамай кыра туһалаах эрээри, саамай кэрэ бултааһын – сааланыы.
Дьөгүөрдээн кыбыммытынан улааппыт, кытта кырдьан эрэр, киһи эрбэҕэ эргичийэр киэҥ уостаах «кэтириинискэй доруоптаах». Доруоп маһа хайыттан тус-туспа барыталаабыта сигэнэн, тирбэҕэнэн, ньаалбаанынан үүйүллүбүт. Мас хамсаны умсары туппут курдук болтоҕор сомуоктаах, буспут дьэдьэн курдук кыһыл алтан сыаллардаах. Дьон этэллэр:
– О, доҕоор, бу сааҥ куттала бэрт ээ, уураттаххына сөп буолсу!
– Дьэ, бэйэм да ууратаары сылдьабын… кырдьык, сүрэ бэрт, – диир Дьөгүөрдээн.
Хонуктар ааһаллар. Дьыллар ааһаллар. Саа маһыгар сигэ, тирбэҕэ, ньаалбаан эбиллэн иһэр… Сааланыы уурайбат.
Сааларын тыаһын бары билэллэр. Атын саалар дар гына сатаҕайдык сатарыыллар, кинилэр киэннэрэ ыараханнык «лүҥ» гынаат, дорҕооно алларанан бытааннык тарҕанан барар. Сааскы күөл кытыы лаҥхатынан Микиитэни батыһыннаран иһэн Дьөгүөрдээн нүрүс гына түһэр, такыс гына кэннинэн сапсыйан кэбиһэр уонна, торбос үтүлүктэрин окко түһэртии-түһэртии, күөлтэн тэйэ үөмэн тахсар. Микиитэ лаҥха от быыһыгар олорон хаалар. Аҕата бөкчөччү туттан күөлү кэтэҕинэн эргийэн тиийэн, тоҕонохторунан, тобуктарынан тирэнэн «ат буолан» супту киирбэхтээн иһэн, налыйан, быарынан сыыллан барар.
Күөл кытыытыгар халыйбыт ньалыар ууга от быыһыгар бүкпүт икки көҕөнү билигин Микиитэ да көрөн олорор. Кур лаҥхаттан дэбигис араарыллыбат курдархай өҥнөөх тыһы көҕөн тумсунан от силиһин тардыалаһар, илин өттүн бүтүннүү ууга тимиччи баттанан, кыһыл такымнарын таһаарбахтыыр, ньыхаччы туттан өрө хантайа-хантайа, аһаан-сиэн энньэрэҥниир. Моонньун ортотунан эргиччи синньигэс үрүҥ сурааһыннаах кутуругун төрдүттэн өрө иэҕиллибит күөхтүҥү хара түүлээх, ууга ала буолан көстөр, айылҕа ийэ араас дэлэгэй кырааскатынан күтүрүмсүйбэккэ күндүлээбит кэрэттэн кэрэ атыыр көҕөн бэркэ сибиэккиир, сотору-сотору өрүтэ олоотоомохтуур, эргичийбэхтээн ылар, көстүбэт өстөөҕөр суоһурҕанан бэлэһин төрдүттэн кэһиэхтээхтик, кырыктаахтык хаабырҕаччы саҥарталыыр. Ол кэмҥэ Дьөгүөрдээн хамсаабакка кирийэн кэбиһэр, түүтэ бараммыт арбаҕаһа чачархай лаҥхаҕа симэлийэн сүтэн хаалар.
Онтон көҕөн уоскуйар, үтүөмсүтүк күөкэҥнээн, ньыхаҥнаан кэбиһэ-кэбиһэ, тапталлаахтык, имэҥнээхтик түөһүн