баар эбит. Биирдэ үс түүннээх күн кыыран баран: «Оҕо абааһыта ыт буолан сылдьарын тутаммын кыаһылаан, томторуктаан кэбистим», – диэбит. Онтон ыла Бэһиэлэйэп аймах төрөөн-үөскээн испиттэр.
Биир саас, Амма үрэх халаанын уутунан эҥсиллэн; халҕаһата көһөн ньирилээн эрдэҕинэ, улуу Кээрэкээн өлөр кэмэ кэлбит.
Өлөрүгэр кэриэс эппит:
– Мин «Уус Хайатыгар» көмүллэр ыйаахтаахпын. Сибилигин уҥуоргу кытыыга тахсан охтуоҕум. Сүүрүгү өрө көрдөөн булаҥҥыт көмөөрүҥ. Быарым туһунан кэнэҕэс үс салаалаах хатыҥ мас үүнэн тахсыаҕа. Ыт абааһы босхолонор күннээх буоллаҕына, миигин иккиһин төрөтөөрүҥ. Кинини мин эрэ туттахпына тутуом. Мин уҥуохпар үүммүт хатыҥ анныгар аас тэлгэхтэри тэлгэтэн, арыылаах-суораттаах кытыйалары кэккэлэтэн баран оҕото суох эдэр дьахтар сөһүргэстээн олордун. Оччоҕо биир кытыйаҕа ооҕуй үөн түһүөҕэ. Ону суораттары лөглү баһан ыйыһыннаҕына, мин иккиһин төрүөм. Бар дьоммун, хаан аймахтарбын өлүүттэн быыһыаҕым.
Өлөрдүү ыалдьыбыт ойуун кыырбыт. Дүҥүрүн охсо-охсо, чэпчээтэр-чэпчээн, хардыыта кэҥээтэр-кэҥээн, көтө былаастаан атаралаан, киэҥинэн эҥсиллэ турар Аммаҕа, муустан мууска дэгэйбэхтээн, уҥуоргу кытыыга тиийэн иһэн тимис гынан хаалбыт. Халаан уута ааспытын кэннэ, түспүт сириттэн үс биэрэстэ, сүүрүгү өксөйөн кытыыга тахсан сытарын булбуттар. Оҕонньор чэбдик ньуура уларыйбатах.
Эппитин курдук көмөн кэбиспиттэр. Кээрэкээн быарын туһуттан үс салаалаах хатыҥ мас лаглайа үүнэн тахсыбыт, Уус Хайатын үрдүк мөҥүөнүттэн аан дойдуну, улуу алаастары, бар дьону айхаллаан баай лабаатынан талбаатаан наскылдьыйа турбут. Бэһиэлэйэптэр үөскээн-тэнийэн испиттэр.
Кэмниэ кэнэҕэс, кинилэр аймах олорор Эргиттэ алаастарын арҕаа тумулун тумсугар түөрт атаҕа кэлгиэлээх, тумсугар томторуктаах, түүтэ соролоон түһүтэлээбит, «түөрт харахтаах» дьүүдьээки ыт кэлбиккэ-барбыкка эккэлиир, иннигэр-кэннигэр түһэр буолбут. Бэһиэлэйэп аймахтан Сиидэркэ диэн дьадаҥы киһи аһынан, ол ыт хаччаччы хаппыт кыаһытын быһа тарпыт. Ыт кутуругун куйбаҥната түһээт, тыа диэки субурус гынан хаалбыт… Бэһиэлэйэп аймах кыра оҕолорун ол босхоломмут ыт-абааһы кэрийэ сылдьан быһыта хабар. Ол иһин кинилэр оҕолоро өлөр. Арай Сиидэркэ уола Сэмэн бэрт элбэх оҕолордоох. Ыт махтанан, арай кини оҕолорун тыыппат. Ол иһин Бэһиэлэйэп аймах Сиидэркэ уола Сэмэннээҕи абааһы көрөллөр, үтүрүйэллэр.
Күһүҥҥү ый быыһа хараҥаҕа Кээрэкээн уҥуоҕар дүҥүр иҥсэлгэннээх тыаһа иһиллэрэ үһү. Иккиһин төрөтөллөрүн кэтэһэ сатыыра, эрэйдэнэрэ үһү. Кини кэриэһин толорор дьахтар көстүбэтэх. Онтон үс салаалаах хатыҥ мас эмэҕирбит, хаппыт салааларын силлиэ булгурута көппүт. Бэһиэлэйэп аймах мөлтөөн, быстан испиттэр.
Кинилэр тустарынан умнуллан эрэр, дириҥ хоһоонноох ынырык кэпсээн хаалбыта итинник.
Улуу Эргиттэ алаас арҕаа халдьаайытыгар Бэһиэлэйэп аймах дьонун уҥуохтарын ортотугар тойон сэргэ турар.
Мэхээлэ Бэһиэлэйэп аҕалаах ийэтэ өлбүттэрин кэннэ Өлөксөй оҕонньор кинээстээн сылдьыбытын бэлиэтигэр, ол тойон куортугун ойуулаан кэбиспиттэр.
Мэхээлэ Бэһиэлэйэп, аҥаардыы дьабадьытын ыттах гыннара-гыннара