Амма Аччыгыйа

Сааскы кэм


Скачать книгу

учууталы «тарбаан» араас кыһыылаах тыллары этэр. Учуутал буоллаҕына, аҕабыыт уруогун кэмигэр бэйэтин хоһугар дьону мунньан гитаралыыр, хомустуур, ыллыыр, айдаарар. «Учуутал соруйан айдааран уруогум куһаҕаннык барда» диэн аҕабыыт сурунаалга бэлиэтиир. Биир буукуба алҕас суруллубутун булан сарсыҥҥытыгар учуутал сүүнэ улахан «я» буукубанан көннөрөн баран, ойоҕоһугар: «Кылаас сурунаалын алҕас суруйуунан марайдыыр сатаммат», – диэн суруйар. Учуутал суругун аҕабыыт тырыта сотон кэбиһэр. Аҕабыт суругун учуутал эмиэ сотор. Куораттааҕы тойотторугар үҥсэн дьыала ыраатта. Хардарыта: «Мин хотон эрэбин», – диэн оҕолорго кэпсииллэр.

      Үҥсүүгэ биирдэ учуутал хотто. Аҕабыыт «таҥара үҥүүтүгэр түбэспит» аатырда. «Киһиэхэ иини хаһыма, онно бэйэҥ түһүөҥ» дии-дии, таҥара дьиэтигэр кини «бүрүкүөт» аахта. «Учууталбытын кыраата» диэн дьон аҕабыыкка өстөннүлэр. Буруйун толуйа куоракка биир ый буолан баран, аҕабыыт былҕаччы уойан таҕыста. Эмиэ моһуоктаспытынан барда.

      Күрэстэһии үтэһэтэ биир сарсыарда туолла.

      Ол сарсыарда учуутал тоҕо эрэ өргө дылы утуйда. Оҕолор сааскы дьиэ таһыгар оонньуу сырыттылар. Аҕабыыт нэлэстэнэн кэллэ да, «Кылаас!» диэн хаһыытаата. Учуутал төһө да хойутаатар «таҥара уруога» буолара ыраах этэ, оҕолор, саараан, тэпсэҥнэһэ турдулар. «Кла-асс!» диэн хаһыытаан бытарытта ыксаабыт аҕабыыт. Тигинэһэн киирбиттэрэ, көрүдүөртэн кылааска киирэр аан иһиттэн хатааһыннаах эбит. Аҕабыыт икки ытыһынан баттаҕын имэриммэхтии түһээт, күлүүһү көтүрү тардан кэбистэ. Малыыппалара бүтэн, саҥардыы үөрэнэн эрдэхтэринэ учуутал хоһун диэки аан тэлэллэ түстэ, бөлтөрүттэҕэс алтан тимэхтэрдээх «куорма» таҥаһын таҥныбьгг учуутал аҕабыыкка сүүрэн кэлэн, остуолу сутурҕалаата да, бардьыгынаан тоҕо барда:

      – Эн аҕабыыккын дуо?

      Аҕабыыт ойон туран утары хаһыытыы тоһуйда:

      – Аҕабыыппын! Эн туоххунуй?

      – Мин учууталбын! А ты разбойник!

      Оҕолор уолуйан өрүтэ көбүөхтэһэ түстүлэр.

      – Оҕолор, барымаҥ, учууталгытын көрүҥ! – диэн ордоотоото аҕабыыт.

      – Тахсыҥ! – диэн кыланна учуутал.

      Охто-охто, түҥнэритэ көтүһэ-көтүһэ, оҕолор таһырдьа ыстаннылар. Кинилэр кириэтэһэ хааллылар.

      Онтон учуутал тахсан: «Класс!» – диэн хаһыытаата.

      Онтон ыла аҕабыыт дьулаана оҕолорго мөлтөөтө. «Учууталбыт амырыын киһи эбит» диэн буолла. Таҥара дьиэтигэр сылдьыбат, аҕабыыт уруогар бэлэмнэммэт, аҕабыыты көрсөн баран бэргэһэлэрин устубат буолан хааллылар.

      Бу сырыыга үҥсэн аҕабыыт хоппут аатырда.

      Саас үөрэх бүппүт күнүгэр оҕолору кытта учуутал уураһан бырастыыласта. Ол туран кини эмискэччи сыҥааҕа титирээтэ, аллараа уоһун хам ытырбахтаата уонна: «Барыгытын таптыыбын… Бука барыгытын!» – диэн баран, киэр хайыста. Сиэбиттэн маҥан былааты сулбу тардан таһаарда да, хоһугар ыстанна.

      Атын ыраах оскуолаҕа уларыппыттар. Түөрт нэһилиэккэ соҕотох оскуола баара учуутала суох хаалла.

      Тымтык