Амма Аччыгыйа

Сааскы кэм


Скачать книгу

чэйин иһэрин тохтотто, хайдах эрэ көрдөөхтүк уоһун чорботон баран ойоҕун одуулаһан олорбохтоото, онтон Сөдүөччүйэни, Микиитэни, бэйэтин оҕолорун одууласта уонна наһаа холкутук эттэ:

      – Бэйэтиттэн ыйыт…

      – Сарахыас, бу туох айылаах буоллуҥ?

      Маайа тохтуу түстэ, бөтө-бөтө, ордоотоон кэбистэ:

      – Үтүө дьахтар, өйдөөх дьахтар, эн үөрээр-көтөөр. Мин, акаары киһи, аһыйабын, ытыыбын…

      Эмиэ ытаан ньиккирээбитинэн барда.

      Муннукка бөлүөхсэн турар оҕолору Сөдүөччүйэ ааҕан көрдө быһыылаах.

      – Күтүөр, оҕолоруҥ бары бааллар буолбат дуо? Икки улахан оҕоҥ таһырдьа.

      – Баар буолбакка ханна барыахтарай?! Арай өллөхтөрүнэ астынаары гынаҕын дуо эн, – диэтэ, Маайа ытаан улуйарын быыһыгар.

      – Сүөһүгүт хайдах турар? – диэн Сөдүөччүйэ дьиэлээх тойонтон ыйытта.

      Өлөксөй эмиэ чэйин тохтотон хотонун диэки хайыһан иһиллээн олордо. Баарын биллэрбит курдук, хотоҥҥо ынахтара тыаһаата…

      – Соҕотох ынахпыт баар.

      – Хайа-хайа үөдэн буолтуй бу күтүр… – диэн Сөдүөччүйэ мунаарда.

      Сарахыс Маайа сүүстэри, сэҥийэлэри барытын биирдэ ытыһан эргитэ сотон баран, туора садьыйан кэбистэ:

      – Кинээспит, ырҕайа сытыйбыт, дыгдайа сытыйбыт баара, улахан уолбун Буутаны оскуолаҕа уган кээспит…

      – Дьэ онно?..

      – Мөссүйүөҥҥэ киллэрбит үһү. Хааһына аһыгар…

      – Дьэ онно?

      – «Дьэ онно» диэбит буола-буолаҕын. Ону билэҕин дуо, кисиэ! Ол аата саллаат буолар буоллаҕа дии. Хайа дойду баһыгар-атаҕар тиийэн оҕом умса түһэрин ким билиэй!..

      Маайа эмиэ ытаан бөтүөхтээн барда.

      Сөдүөччүйэ күлэ түһээт, эттэ:

      – Күтүр, аньыы даҕаны – тыыннаах киһиэхэ…

      Эр киһи чаанньыгын толорон уокка уурда уонна үлэтигэр таҕыста.

      – Күлүмэ, эн да оҕолордооххун, онтукаларыҥ мөссүйүөҥҥэ бардахтарына үөрүөҥ дуо? Көр, киһи эрэ барыта оннук, – диэтэ Маайа, өрүтэ бөтүөхтүү олорон.

      – Күтүр, уурай, киһи өлбүтүгэр дылы сүрүн баҕаһын!

      – Эн үөрээр…

      – Үөрүөм.

      – Эн уолаттарыҥ учуутал буолуохтара.

      – Буолуохтара даҕаны.

      – Эн уолаттарыҥ аҕабыыт буолуохтара.

      – Буолуохтара даҕаны.

      – Эн уолаттарыҥ хородобуой буолуохтара.

      – Ээ, лахсыйыма! Хаһан көрбүт тойоммутун баран… Хата чэйгин кут. Итиилээн баран дьиэбитигэр барыахпыт этэ.

      – Чэйбэр тугум да суох. Сылбаххайдыы кутан көрөр инибин… – Маайа туран оһоҕор мас уурда, чаанньыгар чох тарта. – Оҕолорум улааттахтарына киһилии олоруом диэбитим. Ханна баар? Ырҕайа сытыйбыт, өссө бардьыгыныыр: «Акаары», – диир. Биһиги нэһилиэктэн биир оҕону мөссүйүөҥҥэ көрдөөбүттэр. Оҕолоох элбэх. Атаҕастабыллыы мин оҕобун биэрэр буоллаҕа, ырҕайа сытыйбыт…

      Микиитэ оннук ынырык дойдуга түбэһэн хаалбыт эбит.

      Оскуола эргэ «нуучча дьиэтэ». Дьиэ ортотунан кылгас, хараҥа көрүдүөр. Көрүдүөр аҥаар өттүгэр мөссүйүөн оҕолоро уонна кинилэр астарын бэлэмниир эмээхсин икки оҕотунуун олороллор,