Амма Аччыгыйа

Сааскы кэм


Скачать книгу

дириҥник тимиччи олорбут ыыс-араҕас хараҕа төгүрүйэн баран дьону соруйан булан этиһэр, ииссэр, уолуктаһар. Сыллай Луха күүһэ, кини өйө аатыран эрэр. Кини сэлиик атынан сундулутан тиийэн кэллэҕинэ, балаҕантан ампаарга төттөрү-таары сүүрэкэлэһии буолар. Биэс-алта сыл үөрэнэн, Сыллай Луха икки группаны бүтэрэн баран уурайбыт, үөрэҕэ да суох аҕатын, аймахтарын баайдарыгар олороо ини диэн буолар.

      Мэхээлэ Бэһиэлэйэптээххэ биир иитиэх кыыс баар. Иирэ талах курдук имигэс, уон түөрдэ-биэһэ буолбут, кэрэ-нарын дьүһүннээх Даайыс кыыс. Кини быыс буоллар эрэ хомуһунан оонньуур, бурдук отунан, күөл хомуһунан «кырыымпа» оҥостон араас ырыалары ыллыыр. Туоһу кырыйан араастаан дьохсооттоһон турар сылгылары, сиэлэн атаралаан эрэр тайахтары, табалары оҥортуур. Үтүөкэн майгыннаах кэрэ кыыс оҕо.

      Кинини оччо сынньан-мөҕөн атаҕастаабаттар. Ол эрээри, кырдьаҕас хотун «Туораах сиэнээ!» диэн кини дьиҥнээх эһэтин, «куһаҕан киһини» өйдөппөхтүүр. Оччоҕо Даайыс. «Ээ, арба, иитиэх кыыс этим дуу», – диэбиттии курус гынар, уоһун ньимиччи туттар, имэрийиэхтии сымнаҕас толбоннордоох киэҥ хара харахтарын таҥнары көрөн барар.

      – Ынахтарыа! – диэн эмээхсин чоргуйар.

      Хочо саҕа талахтарын быыстарыгар үүнэр «күрдьүтэс күрүөтэ» окко мэччийэ сылдьар ынахтар диэки Даайыс хааман, кылгас сиидэс ырбаахытын тэлгэҕэ тэлбиҥниир.

      – Хамсаамахтаа!

      Кымньыынан оҕустарбыт курдук Даайыс «ходьох» гынар, абааһы тайаҕа эрбэһин сараҕар төбөтүн илиитин таһынан булгу сөрөөн ылар, бурдук ото «кырыымпатын» дьабалдьытынан өрө үрэн кэбиһэр да өрүтэ ойуолаан дьиэрэҥкэйдээбитинэн барар. «Хабарҕа ырыата» диэни ыллаан, күөмэйин төрдүнэн курдургуурун быыһыгар, өрө ойуутугар дэгэттээн, күөрэччи ыллыыр. Килэриччи тоҥмут уулартан да, хочо түөрэҥэлэс үрдүк дулҕаларыттан да иҥнибэккэ кини ыллаан-дьиэрэҥкэйдээн курбачыйа турар.

      Сотору талахтар быыстарын аайыттан араас эриэн, саадьаҕай, кугас ынахтар сүүрэн сүллүкүччүһэн тахсаллар. Даайыс бэйэтэ көстүбэт. Талах кэннигэр, ырыата сүтэн намырайан бара-бара, күөдьүйэн иһиллэр.

      Ыҕым-ырым!

      Бобо туппут

      Ыҕым-ыҕым!

      Болтуолаах,

      Ыҕым-ыҕым!

      Хам туппут

      Ыҕым-ыҕым!

      Хаалтыстаах,

      Ыҕым-ыҕым!

      Маҥан дьоруо

      Ыҕым-ыҕым!

      Аттардаах,

      Ыҕым-ыҕым!

      Махсыахалыыр

      Ыҕым-ыҕым!

      Суруксут…

      – Хотуой! Туораах кыыһаа! – диэн эмээхсин кыланар.

      Туораах диэн сэҥийэтин төбөтүгэр үрүҥ мөчөкө бытыктаах, кыһыннары-сайыннары уларыйбат арбаҕастаах, акыйбыт улахан оҕонньор. Кини күһүн биирдэ кэлэн сиэнин Даайыһы көрөн барар. Кэлэн атах орон маҕанатыгар өйөнөн олорон, уһун ньолоҕор сирэйин иҥнэҥнэтэн, эргэлээх бөлтөгөр хараҕын быһыта симмэхтии-симмэхтии, арыычча хараҕын ыратынан хаҥас диэки одуулаһар.

      Хамначчыттар үс атахтаах остуолларыгар эмээхсин чаанньык, чааскы уонна тооромос лэппиэскэ аҕалан уурар. Чэй куттан