толоонтон туттаран ыла-ыла, дэлби сүүйтэрэн баран илистэн, салбаҕыран кэлэр. Хотун түҥнэри хайыспытынан табах тардан унаарытар, кини кэлбитигэр кыһаммат. Мэхээлэ сыгынньахтанан баран, табахтаары, кураанахтаммыта ырааппыт саппыйатын тэбии сатыы турар.
Дьиэ иһэ чуҥкунуу чуумпурар.
Онтон хотун туран чэй тардаары остуолга чааскылары уурталыыр. Ол сылдьан эрин аттынан ааһан иһэн, сүр хатаннык «Ньаах!» диэн часкыйа түһэр да, харытын таһынан эрин ороҥҥо тиэрэ хаһыйан ааһар.
– Һок! Иирдэ дуу! – диэн Мэхээлэ дьардьыгыныы түһэр уонна сибилигин туран өлөрсүөхтүү кырыктаахтык көрөн-истэн сирэйиттэн-хараҕыттан уот сардыргыы олорор.
Этиһии суох.
Хотун иккис кэлиитигэр табахтаах саппыйаны остуолга элитэн ааһар. Киһиэхэ кыыһырар, киһини сынньар сөп. Оттон табаҕа суоҕун билэн баран, табах биэрбэт олус сүрэ бэрт! Табахтаах саппыйаны көрөөт, Мэхээлэ тута сымныыр. Буруйдаммыт оҕолуу сурдурҕаан туран, ыраахтан уунан, тарбаҕын төбөтүнэн саппыйаны аргыый соһо тардан ылар.
Иирээн итинэн бүтэр.
Атыырын, икки биэтин, ат соноҕоһун Мэхээлэ сайыҥҥы биир кылгас түүҥҥэ сүүйтэрэн, сылгы аатыттан «ытыһын соттон» турбута. Кыратык кубарыйбыт уонна өкчөччү туттан баран тулатын көрүммэхтээн эргичиҥниирэ өссө түргэтээбит этэ.
«Лэппиэскэни уокка ититэн баран арыыны сотон ньалҕарытан сиир барыыстаах. Кыраны сиигин да, арыы амтана син баар», – диир. От үлэтигэр ол ньыматын туттар.
Лэглээриннэр хас да сайын кинилэргэ ынахсыт буоллулар. Хаһааммыт арыылара биир күһүн уонча муунта итэҕэстийдэ. Мэхээлэ кыратык да иэс көһүппэт киһи буолла, кыыһыран өрө күүдэпчилэнэ түстэ:
– Мин киһиэхэ арыы иэс күүтэр баайдаах киһи буолбатахпын! Бүтүн сайыны быһа хаһааммат диэн тугуй! Арыыны аҕалыҥ, ылбакка эрэ барыам суоҕа!
– Булан төлүөхпүт этэ. Ханна күрүөхтэрэ диэтэххиний? Оҕолуун-уруулуун аһыыр буоллахпыт дии. – Ситэ хаһаамматах буруйдаах киһи Сөдүөччүйэ эйэлээхтик кэпсэтэ сатаата.
Дьөгүөрдээн саҥата суох, төҥкөйөн олордо.
– Эн оҕоҥ-урууҥ миэхэ наадата суох. Аҕал, арыыны! Бу дьахтары көрүҥ!
«Оҕотун-уруутун» аанньа ахтыбатаҕыттан уонна «дьахтар» диэбититтэн өһүргэнэн биирдэрэ харса суоҕар түстэ. Харыс уһун быһаҕы сулбу тардан ылан, сибилигин ыйаан уурталаабыт арыылартан биирдэрин хас да сиринэн батарыта анньан баран хайа олуйан кэбистэ. Мэхээлэ хайыан билбэккэ, «һок-һок-һок!» диэмэхтээбитинэн өрүтэ ойбохтоон өкчөрөҥнүү турда.
– Баарбын-суохпун барытын мунньан биэртим үрдүгэр өссө үөҕэҕин! Уоллуун-кыыстыын хоргуйан барыам дуо? Бу арыыны биэрбэппин… – Хайа аспыт арыытын аҥаарын харбаабытынан үгэх диэки дьулуста.
Мэхээлэ кууруссаны күөйэрдии, икки илиитин быластаан, күөйэ турунна уонна бокулдьуйа-бокулдьуйа, этэн аҕыластаата:
– Һок-һок-һок! Бу дьахт… Ээ… Тугун сүрэй, доҕор! Бэйи, тохтоо. Арыыны аҕал. Суох, маны, маны… Оттон итэҕэһи кэнники төлөһүөхпүт буоллаҕа. Хайыахпытый…
Иккиэн