Амма Аччыгыйа

Сааскы кэм


Скачать книгу

олороору гынар» дии саныыр. Нуучча сири тиҥилэхтээт, хаһыытыы түстэр эрэ, хотоҥҥо ыстанар өйдөөх.

      Сөдүөччүйэ иһит арыгыны киллэрэн, Мэхээлэҕэ биэрдэ.

      – Чэ, чэ, тахса охсуохха! Сүрэ бэрт. Дьэ дойду! – дэһэ-дэһэ, ыалдьыттар тахсан бардылар.

      Балаҕан иһигэр тымныы тумана күөгэлдьийдэ.

      Нуучча, доҕотторуттан хаалан, Микиитэ лаглаҕай гына ымынах буолбут иһин диэки сөмүйэтинэн суптурута ыйыталаан баран, эттэ:

      – Сууйда надо. Мин мыло биэрдэ.

      – Мыына ньынаада, – Сөдүөччүйэ илгистэн кэбистэ. – Миэхэ бурдук, килиэп наада… Баранчаактар ис хапсыыла, – оҕолорун диэки ыйыталаата.

      Нуучча чыпчырынан, илгистэн кэбистэ. Тугу эрэ бэйэтин тылынан саҥарда уонна таһырдьа ыстанна.

      Сыарҕалар тыастара дьиэ таһыттан тэйиэр диэри ким да саҥарбата.

      – Ити нуучча төлүөбэтэҕинэ да, көҥүлэ киси… – дьукаах Сөдүөт оһоххо хардаҕаһы эргитэ туран, уоту көдьүттэ. Онтон балачча буолан баран, эбэн эттэ: – Күтүр хараҕа көҕөрөн түһэн, сүрэ бэрт, доҕоор!

      Нуучча хараҕын истээт, бары саҥарбытынан бардылар.

      – Мэхээлэ бэрдэрдэ дии… Хайа үлүгэрий. Баарбын-суохпун барытын мунньан, ыллартарбытым, – диэтэ Сөдүөччүйэ.

      – Мэхээлэ эмиэ хантан билэ охсубута эбитэй? – Эрдэлиирдэр ийэлэрэ Даарыйа эмээхсин хаҥас муннукка күөдэл курдук нэк оронуттан тыл быраҕан эҥээрийдэ.

      – Тыый, кининэн ылларбытым дии!

      – Ээ… Куоратчыт таһаарбытыгар, Даарыйа эмээхсиҥҥэ илдьэн биэрэн сээкэйи туһаныам дии санаахтаабыта… – диэн, Даарыйа эмээхсин кимиэхэ эрэ туора киһиэхэ кэпсиир курдук эҥээрийбэхтээтэ.

      – Суох, дьэ ити нуучча төлөөбөт! – диэтэ Сөдүөт сүрдээх эрэмньилээхтик. – Иһэн баран, таһы умнан кэбиһиэ буоллаҕа дии. Төлүөн саныыра буоллар, Балааҕыйа эмээхсинтэн ылыа этэ. Ол эмээхсиҥҥэ кини тотор арыгыта баар ини.

      – Ити, кырдьык, дьиибэ… – Даарыйа эмээхсин мунаара олордо. – Чугас баар лааппыттан ылбат, хата, Сөдүөччүйэ эрэйдээх кинээс дуу, аҕабыыт дуу, Балааҕыйа эмээхсин дуу таарыйдахтарына толук туттуом диэн булунаахтаабыт биир иһит арыгытын таба көрбүт. Төлөөбөтөҕүнэ иэдээн…

      Улахан кинээс Уйбаан Сыҕаайап хотуна, уонча бууттаах, харалҕан харахтаах Балааҕыйа эмээхсин, эмтиэкэттэн чугас, Эргиттэ алааска лааппыланан олорор. Нуучча, чугаһыгар баар мааны дьон лааппыларыттан ылбакка, сэттэ биэрэстэлээх сиргэ дьадаҥы дьахтар биир иһит испиирдээҕин эккирэтиһэн кэлбитэ, кырдьык да дьиибэ.

      – Ити нуучча хата төлөөбөт! – Сөдүөт өссө ордук эрэмньилээхтик саҥарда.

      – Төлүөҕэ! – диэтэ Миитэрэй.

      – Көрдөөтөххө, үлтү бардьыгынаан таһаарыаҕа.

      – Таһаарыа суоҕа-а!

      – Бэрт киһи, эн баран ыга тутан ылаа инигин?

      – Ылыам, доҕор!

      – Кэбиһиҥ даа, мөккүһүмэҥ! – диэн эҥээрийдэ ийэлэрэ.

      Нуучча арыгыны төлүүрүн дуу, төлөөбөтүн дуу туһунан балачча өр дьүүллэстилэр да, оччо быһаарбатылар. Нуучча төлөөбөтөҕүнэ, Мэхээлэттэн иэстииргэ сөптөөх диэн түмүктээтилэр. Сөдүөччүйэ сарсыарда тураат «итиитинэ» ирдэһэ барыах