күлэллэр. «Оҕонньорго туох буолуой, эрэйэ – сымыыттыыр киһиэхэ буоллаҕа» диэн түмүктүүллэр.
Ити устатыгар мөлтөөтөр мөлтөөн иһэр уот сырдыга дьиэ эркиниттэн, сыҥаһаттан, остуол атаҕыттан хастанан оһох диэки сыҕаллан иһэр. Хараҥа улам хойдон иһэр. Онтон күөх төлөннөрүнэн чыпчылыйбахтыыр кыһыл чохтор эрэ хаалаллар, холумтаҥҥа турар хампархай чаанньыгы эрэ тунаархайдык сырдаталлар.
– Чооруос чыычаах төбөтө кыһыл ээ, доҕоттоор, – диир Даарыйа эмээхсин саҥата. – Ити маннык. Былыыр-былыр чооруостаах күүдээх күүстэрин холбоон бииргэ кыстыырга сүбэлэспиттэр. Күүдээх бытаны, сардаананы, бурдугу хаһааммыт. Чооруос мас дабаххайын, эрбэһин туорааҕын хаһааммыт. Кыһын ортотугар дылы күүдээх хасааһын иккиэн сиэн бүтэрбиттэр. Онтон чооруос хасааһыгар киирбиттэрэ, дабаххайы да, эрбэһин туорааҕын да күүдээк аһаабат астара буолан биэрбит. Күүдээх ыксаабыт.
– Эн миигин албыннаабыт эбиккин, хара түөкүн! – диэбит.
– Мин эйигин албыннаабатаҕым, бэйэм аһыыр астарым. Бу көр ээ! – диэбит да чооруос бэйэтин хасааһын тоҥсуйан тобугураппытынан барбыт.
Күүдээх абаланан чооруос үрдүгэр саба түспүт. Охсуһуу буолбут.
Чооруос түөһүн күүдээх хайыта тыыппыт уонна куйахатыттан ойо ытырбыт.
Күүдээх хомурҕанын уҥуоҕун чооруос тосту тоҥсуйбут.
Онтон ыла чооруос түөһэ кыһыл эбирдээх уонна төбөтө кыһыл түүлээх буолбут. Онтон ыла күүдээх хомурҕанын уҥуоҕа тостон баран оспут курдук бөлтөгөрдөөх буолбут.
Үҥсүү барбыт.
Көтөр кынаттаах ыраахтааҕыта Хомпоруун Хотой эппит:
– Мин киһибин Чооруоһу атаҕастаабыттар.
Сүүрэр атахтаах ыраахтааҕыта Хахай кыыл эппит:
– Мин киһибин Күүдээҕи атаҕастаабыттар.
Икки ыраахтааҕы тыл тылларыгар киирсибэтэхтэр. Онтон Хомпоруун Хотой туран, көтөр кынаттаах тоҕус бииһин ууһун Сытыы Кырбый суорумньуһутунан күөйтэрэн аҕалтарбыт уонна Суор Суруксукка бирикээс биэрбит:
– Халыҥ сэриини испииһэктии оҕус! Хааннаах кыргыһыы тахсаары гынна!
Онуоха Хахай кыыл туран, сүүрэр атахтаах аҕыс бииһин ууһун Сур Бөрө сонордьутунан хомуйтаран ылбыт уонна Саһылыкаан Албыҥҥа ыйаах ыйбыт:
– Ааттаах аармыйаны ааҕа оҕус! Алдьархайдаах айдаан тахсаары гынна!
Хомпоруун Хотой таас дьааҥы чабырҕайыгар тахсан даллаарыс гына олоро түспүт да, таҥнары көрөн олорон, таҥалайын таҥсынан дьаҕырыйбытынан барбыт. Хахай кыыл улуу тумул тумсугар «адьырыс» гына ыстанан тахсыбыт да өрө көрөн туран, ынырыктык ырдьыгынаан ыкпытынан барбыт.
Чооруостаах күүдээхтэн төрүөттэнэн, аан дойду көтөр кынаттааҕа бары, аан дойду сүүрэр атахтааҕа бары улуу кыргыһыыны аһаары гынан эрдэхтэринэ Микиитэ утуйан барар…
Кэмниэ кэнэҕэс, уутун быыһынан иһиттэҕинэ, эмээхсин саҥа кэпсээни бүтэрэн эрэр буолар:
– Туруйа туран, онтон өһүргэнэн, боҕурҕана муҥнааҕы хаптаччы тэпсээн-тэпсэн кэбиспит…
– Эмээхсиэн, түксү! Ньаллырҕаама! Иирээри гынныҥ дуу? – диэн эмээхсин улахан уола Сөдүөт бардьыгыныыр