эппитигэр маарынныыр быстан түһэ турар кумах сыыр үрдүгэр таҕыста. Бу кыыһым Маайа моҥнон өлбүт маһа турбут сирэ буолуо дии санаан тохтоото. Кини тахсыбыт үрдүк сыырын аннынан, уһун синньигэс хомо уу баарыгар, илдьирийбит эргэ арбаҕастаах балыксыт оҕонньор илим үтэн, тымныы ууга чомпойдоно, төттөрү-таары уста сылдьар.
Ыраах, алын диэки, аҕыс киһи, ханнык эрэ атыыһыт табаардаах аалын соһон, өрүс курустаал таас курдук ыраас салгына дьэргэлгэн буолан оонньууругар, быста-быста салҕанан, улаата-улаата кыччаан, биир сиргэ тэпсэҥнэһэн эймэҥнии сылдьаллар. Харатаайаптаах олорор Төгүрүк алаастара, төһө да киэҥҥэ дылытын иһин, өрүс киэҥ таһаатын, уһун ньуурун, кэрэ көрүҥүн кытта хантан кэлэн тэҥнэһиэ баарай?! Ол эрээри, Бүлүү өрүһүн күһүҥҥү көрүҥэ, сайаҕас салгына, балыксыт оҕонньор сордоох кыракый тыытынан сүүрүгү өрө-таҥнары устан мэскэйдэнэрэ, аал соһооччулар хамсыыллара Ылдьаана оҕотун Маайаны аһыйар санаатын кыайан аралдьыппатылар. Кини хатан хаалбыт хара буорга сөһүргэстии түстэ, бычалыйан тахсыбыт уулаах хараҕынан өрүс диэки көрө-көрө:
– Үтүрдьэхтээх бэйэбитин улаатыннарбыт, кыра бэйэбитин баччырдаабыт, үс үөстээх, үллэ турар быйаҥнаах Бүлүү эбэ хотунум! Мин сордооҕу, аанньа ахтыбата, маанылаабата диэҥҥин, суос-соҕотох оҕобор ымсыыраҥҥын, Маайабын ылбытыҥ буолуо дуо? Оо, оҕом Маайа эрэйдээҕи ылыаҥ кэриэтэ, биһиэхэ биэрбит баайгын-дуолгун барытын да ылбытыҥ буоллун ньии! Оҕом суоҕуна, баай да баар буолан мин сүрэхпин уоскутара биллибэт… – диэн алгыыр икки кырыыр икки ардынан ботугураан барда.
Итинтэн сиэттэрэн, Ылдьаана баай киһи уолугар Сэмэн Харатаайапка эргэ тахсарыгар дьоно, үөлээннээхтэрэ эппиттэрин өйдүү түстэ:
«Баайдык, үчүгэйдик олоруоҥ!»
«Ылдьаана, эн дьоллоох кыыс эбиккин!»
Суох, сымыйа! Кини баай киһиэхэ эргэ тахсан дьолломмото. Кини төрөппүттэрэ төһө да дьадаҥытык, тиийиммэттик олордоллор, кини дьонун аахха олорбут кэмин олус кэрэтик, олус үчүгэйдик ахта саныыра. Оччотооҕуга саас хаар хараарыыта, харалдьык тахсыыта хонууга сырыттахха сиртэн минньигэс, киһини итирдэр, этин-хаанын оонньотор көөнньөрүүлээх сыт аҥылыйар буолара. Ылдьаана баай ыал хотуна буолуоҕуттан ыла ол сааскы сир киһини итирдэр минньигэс сытын билбэт буолбута. Хантан билиэй, кини дьиэтин киилээх киэҥ тэлгэһэтин таһыгар тахсар кыаҕа суоҕа. Ханнык солотунан тахсыай: баай көрүүтэ-харайыыта элбэх.
Эргэ тахсыан иннинэ Ылдьаана дьоно дьиэлэрин таһыгар ыспыт бурдуктарын саһархай өҥнөөх араскыта бытыгыраан тахсарын көрөрө, кэтиирэ. Оо, сип-синньигэс бурдук араскыта хара буору дьөлө көтөн, бытыгыраан тахсара кини сүрэҕин хайдах долгутарай, үөрдэрэй?! Харатаайаптаах хас саас аайы уонунан буут бурдугу ыстарар ааттаахтара да, Ылдьаана манна бурдук көҕөрө бытыгыраан тахсан турарын көрбөт этэ. Көрдөр да, ол бэйэтэ оҕус сиэтэн, сири табыйан, кыраабылынан тарыйан ыспыт бурдугун курдук, кэрэтик көрөрө да биллибэт. Кини баай ыал ийэтэ буолуоҕуттан ыла матыыкка, кыраабыл угун туппатаҕа.
«Баай ыал хотуна буолаҥҥын, үлэлээбэккэ абыраныах