Николай Якутский

Төлкө


Скачать книгу

бүтэрэн кэллэхтэринэ, ийэлэрэ малааһыннаан, эмиэ алаадьы алаадьылаабыт буолара. Ылдьаана ол алаадьы сытын алааһын саҕатыгар киирээт билэрэ. Ол уһун сайыннааҕы үлэ бүппүт күнэ кэрэтин кини хаһан умнуо баарай?! Оттон билигин сайыҥҥы үлэ бүтэр эрэ, бүппэт эрэ – Ылдьаана ону билбэт да этэ. Хантан билиэй, бэйэтэ үлэлээн сылайбат. Хамначчыттарын Сэмэн бэйэтэ үлэлэтэрэ.

      Ылдьаана эргэ тахсыаҕыттан ыла бу бүгүн аан бастаан кэлэн былыр оттообут, сөтүөлээбит Бүлүүтүн өрүһүн кэрэ киэлитин көрө турар. Кини бүгүн сиртэн тахсар кэрэ сыты, ойуур дабаххай сыттаах минньигэс салгынын билбэккэ да манна киирдэ. Оннооҕор ойуур иһигэр ыллыыр чыычаахтар саҥаларын кини кулгааҕа ытыыр саҥа курдук истэр буолла.

      Ылдьаана бу туран, эбэтин иччитигэр оҕотун ылбытын иһин хом санаатын барытын этэн, өрүс кытылын үрдүгэр бэрт өр сытан, уоскуйан баран, дьоно сүтүктээн олордохторуна, киэһэ борук-сорук буолуута дьиэтигэр киирдэ.

* * *

      Хагдарыйбыт мутукча, хатыҥ, тэтиҥ сэбирдэҕэ, күһүҥҥү «көтөҕө тэбиир» күүстээх тыалтан, хаар курдук, саккырыы тохтон бүттэ. Хаара суох хара тоҥот күһүн буолла. Ынахтар, сииктээх хара муннуларынан, хагдарыйбыт оту сыллаан көрө-көрө, дьиэлэригэр аччык төннөллөр, маҥыраһа-маҥыраһа тэлгэһэттэн арахпаттар.

      – Хаар түһээри гыммыт, сүөһү дьиэ таһыттан арахпат буолбут, – диэн кырдьаҕастар тойонноотулар.

      Кырдьык, аҕыйах хонугунан кыстык хаар түстэ. Күннэр, нэдиэлэлэр, ыйдар, илим хотоҕоһо ойбонтон тахсарын курдук, утуу-субуу кэлэн ааһан истилэр. Харатаайап кулубалаах кыыстара Маайа маҥнай сүттэҕин утаата, кини аатын күҥҥэ сүүстэ ахталлара, ааттыыллара. Күн, ый ааһан истэҕин аайы, Маайа таҥастаах дьааһыгын үрдүгэр куоппас төһө халыҥыыр да, кини аата соччо аҕыйахтык ахтыллар буолан барда. Киһи тыыннааҕар, баарыгар дьон тылыттан түспэт. Оттон өллүн, суох буоллун, кини аата маҥнай утаа ааттаммахтаан баран, кэлин, күннээҕи түбүккэ үтүрүйтэрэн, улам умнуллан, аҕыйахтык ахтыллар буолан иһээччи. Арай ийэ эрэ оҕотун аатын хаһан да умнубат, мэлдьи саныы, ахта сылдьааччы. Кини өллөҕүнэ эрэ оҕотун туһунан санаабат, аһыйбат буолаахтыаҕа!

      Ыкса күһүн буолуута дьон-сэргэ ортотугар:

      – Харатаайаптаах моҥнон өлбүт кыыстара Маайа үөр буолан сылдьарын көрбүттэр, – диэн кэпсээн тарҕанна.

      Итинник кэпсээннэртэн Харатаайаптаах чугастарыгар олорор ыаллар киэһэ хараҥа буоллаҕына таһырдьа тахсыахтарын дьулахачыйар буоллулар. «Киһи тыла игиитээҕэр сытыы» диэн өс хоһооно баар. Ити кэпсэтии Харатаайаптаах хамначчыт дьонноругар тиийдэ. Куттас сүрэхтээх кыргыттар аны хотонноругар соҕотоҕун киирбэт буолан хааллылар. От-мас тиэйэр хамначчыт уолаттар эмиэ ону-маны көрбүт, истибит буолан кэпсээтилэр.

      Саха киһитин балаҕан иһигэр хаайар кыыдааннаах кыһын ааһар, хаар ууллар, сир кырса көҕөрөр. Уһун кыһын устата хаайтаран олорбут оҕолор, дьахталлар билсэр ыалларыгар ыалдьыттыыллар, кэлэллэр-бараллар, Маайа туһунан кэпсэтэллэр, эбэллэр, күүркэтэллэр…

      Сүөкүлэ кыыс хас киэһэ