Николай Якутский

Төлкө


Скачать книгу

дьиэлэригэр үс ойуун кэллэ. Кинилэргэ арыгы иһэртилэр, ас маанытын аһаттылар. Ойууннар ама дьон курдук хонон турдулар. Сарсыарда кинилэр кэрэххэ анаммыт биэни, хаппахчы иһигэр сытар эмэгэти көрөттөөтүлэр, хос иһигэр үһүөйэҕин хаалан тугу эрэ бэрт өр сүбэлэстилэр. Дьэ ол кэнниттэн кыырар таҥастарын, дүҥүрдэрин киллэртэрэн куурда уурдардылар. Кыырар хосторун кэтэҕэрииҥҥи түннүгүн тыгар саҥа сэргэ туруортардылар.

      Киэһэ аһылык кэнниттэн Сыгынньах ойуун кэрэх биэтин аҕалтаран саҥа сэргэҕэ, түннүк аттыгар баайтарда. Хаҥыл биэ барахсан, дьиэ иһигэр хас киһи саҥатыттан, кыра да тыастан барытыттан үргэн, муннун тыаһа хап-хаһыҥырас буолла, сэргэтин кытта өрө туста, мөхсө турда.

      Ойууннар кыыралларын көрөөрү эдэр уолаттар, кыргыттар сыбыытастылар. Чугастааҕы ыаллар бары кэллилэр. Урут чугас эргининэн үс ойуун биирдэ кыырбыта диэн суоҕа. Ол да иһин элбэх киһи муһунна.

      Ойууннар кыырар аан хосторун түннүгүн-үөлэһин саптардылар, оһох уотун бүрүйтэрдилэр. Улахан ыаҕаска суоратынан ымдаан оҥорторон, биэ баайыллан турар түннүгүн анныгар туруортардылар. Дьэ ол кэнниттэн оһох иннигэр үс олбоҕу уурдаран баран, кыырар таҥастарын таҥыннылар, дүҥүрдээх былаайахтарын ыллылар. Сыгынньах ойуун бастаан, кини уҥа өттүгэр Ньээкээ ойуун, хаҥас өттүгэр Алыһардаах удаҕан ытарҕалаан:

      – Үөһэттэн үлүгэрдээх үргүөр үргүйүмэ! Аллараттан алдьархайдаах аргыар аргыйыма! – диэн алҕаан, үс төгүл эргийэн баран, олбохторугар олордулар. Дүҥүрдэрин дөр-дөр охсо-охсо, абааһыларын ыҥыран иһиирэн сирилэттилэр, кэҕэлээн чоҥуйдулар, куоҕастаан хахаардылар, чөкчөҥөлөөн чобурҕаатылар. Дьэ онтон кутуран илгистэн бардылар:

      – А-ба-ба-ба-ба! О-ба-ба-ба-ба! Үөһэттэн уһуллубут, үрдүктэн айыллыбыт, үргэл сулус үктэллээх, үс хороҥнуур бастаах Өксөкү кыыл эмэгэттэрбит, өлбөт үҥэр таҥараларбыт, бэттэх-бэттэх буолуҥ!

      А-ба-ба-ба-ба! О-ба-ба-ба-ба! Уолах тиит быһаҕаһын саҕа уот моҕой тыллаах, хаардаах харыйа саҕа күөх ньалаҕай тыллаах, сэттэ бэлэс сиэмэх хааннаах эмэгэттэрбит, бэттэх-бэттэх буолуҥ!

      Итинтэн салгыы, кэдэрги таттарбыт, кэлтэгэй атахтаах кээлээни абааһыларын киллэрэн, хос иһин эргийэ хааман:

      – Аҕыс халлаан анараа өттүттэн, ааһан-туораан кэллим эбээт! Хайа, туох аһатар астаах, сиэтэр симэһиннээх буолаайаҕыат? – диэн Кээлээни абааһылара ас көрдөөтүлэр.

      – Аһатар аспыт адьас суох, сиэтэр симэһиммит букатын суох! – диэн кулуба тойон бөөҕүнээтэ, мэлдьэстэ.

      Утаа соҕус ону-маны тиҥсирийэн, оһох холумтанын тула хаампахтаан баран:

      – Ыраах сиртэн ыксаан кэллибит, хайа, эргэ наадыйар субан кыргыттар, манна бааргыт буолаарай? – диэн айдаардылар.

      – Суох, манна тоҕус уоннарын туолан токуйа кырдьыбыт эмэх эмээхситтэр эрэ бааллар! – диэн дьиэлээх киһи, Харатаайап кулуба, мэлдьэстэ.

      – Оччоҕо ойоххо наадыйар уолан дьон олороргут буолаарай?

      Ойуун кыырарыгар уруккуттан сылдьар дьон Кээлээни киирэн кэбилэниитин билэр буоланнар:

      – Кэбис, тохтооҥ, киэр