Сэмэн Уйбаанабыс остуолугар бүк түһэр.
Суруксут тоҥуй баҕайытык ымайар.
– Атын дьахтар албыннанарын «мин кыыһым» диириҥ эмиэ сатаммата буолуо… «Букатын билбэт дьахтарым» диэххитин… эһиги кыыскыт буолан хааллаҕына, эмиэ да табыгаһа суохха…
Сэмэн Уйбаанабыс суруксутун диэки куһаҕан баҕайытык хатыылааҕынан көрөн кэбиһэр.
– Тохтоо, туох ааттаах буолан биир кэм «сатаммата», «сатанара» буолуо буолан мээрилээтэххиний!.. Ыл, суруй! «Мин Маарыйа диэн суос-соҕотох оҕолооҕум өлбүтэ үс сыл буолла… Онтон ураты биир да оҕом суох», – диэн баран, киэр хайыһар, хараҕын уутун соттор.
Улуус суруксута өр соҕус суругун хайдах саҕалыан булумуна саарбахтаан олорор.
«Якутскай уокурук тойон мировой судьуйатыгар», – диэн саҕалыыр. Маны суруйарыгар буукубаларын бэркэ эрийэн таһаарбытыттан бэйэтэ бэйэтин хайҕанан, санаата көтөҕүллэн, суруйан барар:
«Мин, Бүлүү уокуругун Орто Бүлүү улууһун инородческай быраабатын кулубата Семен Каратаев, эһиги 187 нүөмэрдээх суруккутун ылбыппын биллэрэн туран, онно ыйытар Мария Владимирова диэн дьахтаргытын билбэппин иһитиннэрэбин. Якутскай уокурук, Нам улууһун инородческай быраабатын кулубата Яковлев мин кыыспын хаһан да албыннаан хамначчытыгар кэргэн кэпсэппэтэҕэ. Мин суос-соҕотох Мария диэн кыыстааҕым 1900 сыллаахха өлбүтүн эйиэхэ биллэрэр чиэстээхпин, онтон атын оҕом суох».
Суруксут, Дьокуускай курдук ыраах сиргэ уонна мировой судьуйа курдук үрдүк сололоох тойоҥҥо суруйбут суруга табыллыбытыттан бэркэ диэн астынан олорон, тойонугар ааҕан иһитиннэрэр.
Харатаайап кулуба тугу да саҥарбат, мээнэ истэн эрэ кэбиһэр. Суруксут иһигэр саныыр: «Э-э, үөрэҕэ суох хараҥа киһи диэн баҕайы, сурук табыллыбытын-табыллыбатаҕын хантан өйдүө баарай?!»
– Сэмэн Уйбаанабыс, бэчээккин аҕал, ууруум.
Сэмэн оҕонньор, хайдах эрэ саараабыт курдук, саҥата суох олорор. Аргыый аҕай ыстаанын сиэбиттэн бэчээтин уга сылдьар сарыы саппыйатын хостуур.
«Оҕом Маайа чахчы тыыннаах сылдьар буоллун… Мин бу бэчээппинэн кинини өлөрөбүн буолбат дуо?.. Суох, кини оччо ыраах сиргэ хайдах да тиийиэн сатаммат… Сымыйа буолуо ээ», – дии санаан мунаахсыйа-мунаахсыйа, суруксутугар бэчээтин уунар.
Суруксут бэчээти ылан туоһунан тордуур уонна кумааҕытын тылынан салаан илитэн баран: «Аны таҥнары түһэрэн кэбиһиэм», – диэн эргитэ-урбата тутан көрө олорор.
Харатаайап: «Тохтоо!.. Мин баран билсэн кэлиим», – диэри айаҕын атан эрдэҕинэ, кылбаа маҥан кумааҕыга хара тордох бэчээт суола чөҥөрүйэн хаалар. Ол хара тордох бэчээт суолун ортотугар икки маҥан «С.К.» диэн буукубалар дьэрэлиһэллэр.
– Бэчээппит бэркэ диэн таҕыста, дьыала табыллаары гынна! – диэн суруксут үөрэр.
Сэмэн Харатаайап, сарыы саппыйатыгар бэчээтин кистии уган баран, саҥата суох, хайдах эрэ ньүкүччү туттан хос иһиттэн тахсан барар.
«Кыыһым Маайа тыыннаах дуу, хайдах дуу?» – диэн санаа бу күнтэн ыла кини сүрэҕэр ыар баттык буолар.
Үһүс баһа
I
Төһө