дьиҥнээх абааһы эрэ итинник оҥорторуохтаах диэн, дьиэ иһэ толору абааһынан туолбутун курдук санаан, олус куттаналлар.
Ойууннар биэ уулаабыт түннүгүн саптараллар, оһох уотун үлбүттэрэллэр. Эмиэ олбохторугар олорон, кыыран илгистэн бараллар.
– От-мас тиэйэр уолан киһи көхсүн хаанынан утахтаныахпытын, кыҥкыр-хаҥкыр туойар кыыс оҕо кыл хаанынан суунуохпутун баҕардахпытын ньии! – дэһээт, ойууттар тугу эрэ бахсырыйан ыллылар. Эмискэ дүҥүрдэрэ тыаһаабат буолан хаалла.
– Уотта оттон бу көлөлөрү куурда охсуҥ! – диэн Сыгынньах ойуун хаһыытыыр.
Уот оттон, дьиэ иһин сырдатан көрбүттэрэ: үс ойууннарын сирэйдэрэ, дүҥүрдэрэ кыа хаан буолбут.
«Ханнык эрэ суорума суоллааҕы, быстах үйэлээҕи булан сиэтилэр буолла?» – диэн ону көрөн олорор дьон уҥуохтара халыр босхо барыар диэри куттаналлар.
Ойууннар биэ бааллан турар түннүгүн астараллар. Дьиэ иһэ тымныынан аҥылыс гына түһэр. Кырдьаҕас оҕонньоттор тахсаннар кэрэх биэ икки хараҕын саба баайаллар уонна, ымдаан сыттаах ыаҕаһынан мэҥиэлээн, төбөтүн түннүгүнэн дьиэ иһигэр киллэртэрэллэр, быһаҕынан сүнньүн анньан өлөрөллөр.
Ойууннар ыйыыларынан, түөрт уолан киһи кэрэх биэ түөрт атаҕын тириитигэр туйахтарын холбуу сылдьар гына сүлэллэр. Биэни сүлэн, миэстэ-миэстэлэринэн араартаабыттарын кэннэ, Сыгынньах ойуун, биэ хас биирдии миэстэтиттэн быстаран ылан уокка биэрэ-биэрэ алгыыр:
Көй киин, көмүс уорук,
Үс бордооһуннаах
Буор оһохпут иччитэ;
Күл суорҕан,
Көмөр тэллэх,
Бырдьа бытык,
Саалы чанчык,
Булуур мунчук,
Уот мохолу
Тойон эһэ
Аал уоппут иччитэ!
Тоҕус кураах муостаах,
Тимир аарык быарыктаах,
Түөлбэ дүҥүр көлөлөөх
Үс ойуун кэлэммит,
Ас кээһэн ааттаһа,
Бэлэх биэрэн сүгүрүйэ,
Үҥэ-сүктэ, көрдөһө турабыт!
Хара баттахтааҕы харыһыйар
Халбаххай күммүт кэллэ,
Саха урааҥхайы көмүскүүр
Саппахтаах күммүт кэллэ!
Адьарай бииһиттэн ааҥнаабыты
Атаарар аартыкпытын
Арыйан, аһан кулу ньии!
Сыгынньах ойуун үс сиргэ чоххо уурбут сыалара уулан сырдьыгыныыллар, борооххой буруо буолан, эриллэ-эриллэ, оһох үөлэһин тардыытынан таһырдьа субуруйаллар. Онтон күлүм гынан күндээриччи умайаллар.
«Аал уоппут иччитэ кырдьаҕас алгыһын киһилии истэр эбит», – дэһэн көрөн олорор дьон сибигинэһэн кэпсэтэллэр, сөҕөллөр.
Ойууннар иккис түүннээҕи кыырыылара бүтэр.
Харатаайаптаах үс дьиэлэрин оһохторун уота кутаалана умайар. Улахан олгуйдарга кэрэх биэ этин буһаран лыксыталлар. Ойууннар кыыралларын көрө кэлбит дьону барыларын, ким иһэ төһөнү ыларынан, аһаталлар. Кэрэх аһын сокуона оннук этэ. Ким даҕаны айаҕар аһаабытыттан ордубуту илиитигэр тутан дьиэтигэр илдьэ барыа суохтаах. Ону таһынан, кэрэххэ өлөрүллүбүт сүөһү биир да мүһэтин бүлтэһин