ойуун кыыран «Маайа үөрүн» үтэйиэхтэриттэн сыл кэриҥэ кэм ааһар. Ким даҕаны Маайа туһунан ахтыбат буолан барар. Ол курдук, уу чуумпутук олордохторуна, Бүлүү уокуругун ыспараанньыгынан эргийэн, бэрт дьикти ис хоһоонноох сурук кэлэр. Ол суругу Сэмэн Уйбаанабыс улуус суруксутугар аахтаран истибитэ маннык диэн этэ: «Семен Иванович Каратаевка, Орто Бүлүү улууһун инородческай быраабатыгар.
Якутскай уокурук мировой судьуйата бу суругунан Эйигиттэн көрдөһөр: Киллэм дэриэбинэтигэр олохтоох Иннокентий Спиридонов атыыһыкка хамначчытынан үлэлиир Мария Владимирова чахчы эн төрөппүт кыыһыҥ буоларын туоһулуур сурукта ыытаргар. Итини таһынан, Якутскай уокурук, Нам улууһун инородческай быраабатын кулубата Яковлев эн кыыскын, Мария Владимированы, (билиҥҥи эрин араспаанньатынан) хайдах албыннаан хамначчыт уолугар Федор Владимировка кэргэн ылларбытын суругунан биллэрэргэр баҕарар».
Харатаайап кулуба суругу истэн олорон хайдах эрэ сирэйэ уһуурга, хараҕа кэҥииргэ дылы буолан барар. Киһи иһиттэҕинэ, эмиэ да чахчы кини кыыһын Маайа туһунан суруллубут, эмиэ да букатын атын дьахтар быһыылаахха дылы.
– Бэйи, тохтоо!.. Өйбүн-төйбүн булунуум, – диэн Сэмэн суруксутун тохтотор. – Хат аах эрэ, хайа сиргэ хамначчыттыыр диэбиттэрий? – диэн ыйытар. Кини, Мария Владимирова ханна хамначчытынан үлэлиирин истэн баран, аны ким хамначчытын кэргэнэ буолбутун аахтаран истэр.
Харатаайап кулуба өр соҕус саҥата суох санаарҕаан олорор:
– Суох… Ыал хамначчыта… Хайдах да биһиги Маайабыт оннук буолуон сатаммат… Сымыйа!.. Эмиэ да, ол эрээри, оҕобун ыйыттара кэлэ сылдьыбыт Дьаакыбылап кулуба аата таба ааттанар эбит, – диэн мунааран ылар. Онтон эмискэ бэйэтин санаатын кытта мөккүһэн этэр: – Суох-суох!.. Оннук буолуор сатаммат… Мин оҕобун Хабырыллайап атыыһыт уола кэлэн кэпсэтэн барбыта… Бэйи эрэ, ким сах кэргэнэ буолбут диэн суруйалларый? Суох!.. Букатын атын дьону буккуйа сылдьаллар быһыылаах… Мин оҕом ыал хамначчыта буолбатаҕа биллэн турар!
Улуус суруксута тойоно туох диэн хоруйдаан бу ыйытыыга суруйтарарын кэтэһэн олорор. Харатаайап кулуба билигин да өйүн-төйүн ситэ була илик быһыылааҕа. Кини санаатыгар, үс сыллааҕы сайын соҕотох сиидэс ырбаахылаах эрэ сүппүт кыыһа оччо ыраах сиргэ тиийиэн сатаммат курдуга. Эргэ да тахсыбыт киһитин аата эрэ Хабырыллайап атыыһыт уолунуу эбит, араспаанньата чыҥха атын. Онон ол киһи буолуон букатын сатаммат.
«Ити аата ханнык эрэ илэчиискэ дьахтар, мин оҕом Маайа эмискэ сүтэн хаалбытын истэн, сымыйалыыр дуу, эбэтэр били «кырдьаҕастар» мин оҕом «үөрүн» ол сиргэ тэбэн кэбиспиттэрэ сылдьара дуу?..» – Сэмэн Уйбаанабыс ити санаатыттан куйахата ытырбахтаан, этин сааһа аһыллан, тымныйан ылар.
– Ким билэр… Мин оҕом онно эрэ тиийбитэ буолуо дии санаабаппын… Барыта хайдах эрэ түүл-бит курдук, эмиэ да мин оҕом аата баарга дылы, эмиэ да букатын атыҥҥа дылы…
– Туох эрэ диэн хоруйдаатахха сатанар, – диир суруксут.
Сэмэн Уйбаанабыс суруксутун диэки: «Сүбэлээ,