уҥуох сүһүөҕэ сустав; умнас сүһүөҕэ колено; тыл сүһүөҕэ слог; үүнэр сүһүөх молодое поколение; отдел, отделение, алын сүһүөх үөрэхтээһин начальное обучение; порядок, этап; сүһүөхтээх имеющий суставы; сүһүөхтээх уол устойчивый, крепкий в суставах; сүһүөҕүнэн по этапам, включая отдельные этапы; сүһүөх-сүһүөх по частям, по отдельности; сүһүөҕэр туруор поднять на ноги; сүһүөҕэ уйбат не в состоянии; сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн фольк. преклоняя колени.
СҮТ теряться, пропадать, исчезать; потухать, им сүттэ погасла вечерняя заря; тыас-уус сүттэ всё затихло; сүтүк потеря, пропажа; ыар сүтүк тяжёлая утрата; сүтүктэн понести утрату; сүтүктээ обнаруживать пропажу; сүтэр терять, лишаться; итэҕэли сүтэр утратить веру, доверие; өйгүн сүтэр потерять сознание.
СҮҮТҮК напёрсток; тимир сүүтүк металлический напёрсток.
СҮТҮӨР соперник, соперница; сүтүөр аҕа отчим, сүтүөр ийэ мачеха, сүтүөр ойох вторая жена (одьулуун).
СҮӨГЭЙ сливки, сметана; сүөгэй иирдии пахтание; сүөгэй уута пахта.
СҮӨДЭЙ смутно виднеться (большого роста); сүөдэҥнээ ходить медленно, вразвалку; медленно проходить, мешая другому.
СҮӨК мочеполовой орган (о скотине); сүөк буолбут воспаление мочевого канала.
СҮӨКЭЭ опорожнять, вываливать, выливать, опрастывать (посуду), освобождать (от поклажи); сүөкэн опорожняться; мочиться; саахтаа, сыптарый испражняться; эвфем. тахсан киир, чэпчэтин; тэһин, холун.
СҮӨЛ (сүөргү) неприличный, непристойный; сүөргү быһыы неуместный поступок; сүөлүргээ, сүөргүлээ порицать, осуждать, считать странным.
СҮӨМ пядь, расстояние между большим и указательным пальцами; сүөм түс немного разочароваться.
СҮӨР развязывать (платок), распутывать (узел); тимэххин төлөрүт расстёгивать пуговицы.
СҮӨРГҮ неприличный, непристойный, предосудительный.
СҮӨҺҮ скот, скотина, животное; ынах сүөһү рогатый скот; сылгы сүөһү конный скот; дьиэ сүөһүтэ домашнее животное; сүөһү-ас домашнее хозяйство.
СЫБАА мазать, обмазывать; буорунан сыбаа обмазывать глиной; арыыны бис смазывать маслом; сыбаан оҥор (мэһий) лепить; сыбах обмазка помещения, саах сыбахтаах обмазанный навозом.
СЫБДЫЙ легко, быстро, бесшумно ступать, подкрадываться.
СЫБЫЫ (сыһыары) плотно прилегающий; сыбыы тут делать пристрой.
СЫБЫДАХ не запряженный, не осёдланный; сыбыдах ат конь без седла; сыбыдахтаа расседлать; булгут распрягать; сыгынньахтаа раздевать.
СЫЫБЫРҔАА говорить сквозь зубы; жеманиться; сыыбырҕас издающий свистящий звук; сыыгынаа сопеть, шипеть, тяжело дышать.
СЫБЫЫТАА ходить часто, безо всякой цели.
СЫГАН двоюродные, троюродные братья или сёстры.
СЫГААННАА дразнить, издеваться, тешиться, насмехаться.
СЫГЫНАХ