диэҥҥэ. Өҥөлдьөҕө – Хаарыҥда диэн күөлгэ. Улаханнара бу Чуукаар диэн күөлгэ иччи буолбут. Хаар маҥан баттахтаах эмээхсин.
Бастаан нэһилиэккэ кинээс буолбут киһи, быыбардаммыт киһи: «Нэһилиэгинэн хорон уутун түһэрэн, уолба оҥоруохха», – диэбит.
Инньэ дии сырыттаҕына, түүллээхтэргэ биллибит хаар маҥан баттахтаах эмээхсин: «Мин уубун хамсаппатын. Ийэ уубун хамсаттаҕына, бэйэтэ бэйэтиттэн кэмсиниэҕэ», – диэн илдьиттээбит. Ону ол түүллээх киһи манныгы төһөөтүм диэн кинээскэ кэпсээбит. Ол иһин ол кинээс уурайан хаалбыт. Хордорботох.
Сааба аҕабыыт диэн аҕабыыт, мураанын төбөтүгэр мэлиибэн ыллаан, кириэс туруораары, кириэһин оҥотторон бэлэмнээн сыттаҕына, биир түүллээххэ биллибит эмиэ хаар маҥан баттахтаах эмээхсин. Илдьиттээбит аҕабыыкка: «Мин төбөбөр кириэс таһааран аспатын. Астаҕына, бэйэтэ бэйэтиттэн кэмсиниэҕэ», – диэбитин түүллээх киһи аҕабыыкка кэпсээбит. Ол иһин ол аҕабыыт, кириэс аспакка, уурайан хаалбыт.
Сергей Иванович Алексеев (1918). Ньурба, Таркаайы. Орто үөрэхтээх, учуутал. 1969 с. суругуттан.
ЧОЛОҺУЙА
Былыр киһиттэн ураты улахан, модьу, күүстээх Чолоһуйа диэн киһи олорбут. Ол олордоҕуна, Дьокуускайтан биир атыыһыт эргинэ, атыылаһа тахсыбытын, тугу да ордорбокко талаан баран, бэйэтин көннөрү ыыппыт. Дьокуускайга тиийэн кэпсээбитин кэннэ, ону иэстэһэ, Чолоһуйа аатыгар үс туус маҥан аттаах киһи тахсыбыттар. Чолоһуйа туу көрө барбыт. Дьиэҕэ эмээхсинэ эрэ баар эбит. Ол олордохторуна, тыаны ортотунан улаханнаах диэн киһи тымтайын сүгэн кэлэн, тиэргэҥҥэ «лип» гына ууран баран, үс аты дьэ өйдөөн, чарапчыланан көрөн баран «Тоҕо кыраларай, сүөһүлэр дуу, тугуй дуу?!» – диэн сөхпүтэ үһү. Дьиэтигэр үс киһи олорорун көрбүт да, тугу да саҥарбатах, хайыһан да көрбөтөх. Эмээхсинэ улахан баҕайы буор күөстэн улахан мас кытахха балык хоторон биэрбитин, аҕыйахтык сапсырыйбыт уонна, көхсүн этитэн баран: «Хантан сылдьар оҕолоргутуй?» – диэн ыйыппыт. «Дьокуускайтан сылдьабыт», – диэбиттэр. Онуоха: «Быы, тоҕо кыраларай. Дьокуускайтан сылдьабыт диэхтииллэр ээ», – диэбит.
Бу үс киһиттэн саамай бэртэрэ Бүгүллэ Хара диэн эбит. Ол эппит: «Эйигин кытта күөн көрсө, хол былдьаһа, буут мэмэһээннэһэ кэллибит», – диэбит. Ону истэн, күлэ түспүт уонна эмээхсинигэр этэн, хоспохтон охсуһууга, тустууга кэтэр иэн иҥииринэн хоһуланан тигиллибит сарыы, тураҕас сыалыйатын киллэттэрэн кэппит. Уонна этэр: «Ааттаан-суоллаан кэлэн баран, туох көр-нар оонньуунан оонньоору кэллигит, дойду дьоно?» – диэбит. Онно Бүгүллэ Хара: «Тарбах тардыһыахпыт», – диэбит. «Умсары садьыйдахпына, сиргэ сээкэйгитин өлөрдөххүтүнэ, кыыһырымаҥ», – диэбит.
Икки кыраларын кытта тарбах тардыһан, илиитин төбөтүнэн сиргэ умса садьыйталаабыт. Онтон Бүгүллэ Хара киирбитин иккис тардыытыгар, төҥкөйөн баран, иннин диэки сүүрбүт. Ол кэнниттэн Бүгүллэ Харалыын тустубуттар. Саҥа тустаары тарбахтарын төбөтүнэн тутуһан иһэн, Чолоһуйа хараҕын кырыытынан көрбүтэ, икки батыйа көхсүн хараҕар түһэн иһэр. Чолоһуйа, кылана түһэн баран хоспоххо батыйатын ыла сүүрэн киирэн эрдэҕинэ, үс киһитэ куттананнар, аттарын миинэн, күөлү