тахсар. Сүлэ киирбэт: «Мин билбэт сирим», – диир. Онтон иккиһин икки каһаагы таһаараллар, боруоста тутан киириҥ диэн. Сүлэ эмиэ киирбэт.
Онтон биир эмэ киһи киириэххэр сөп, суут ыҥырыытыгар диэн өй уган биэрдэҕэ дии, онон хойут биир доҕор киһилэнэн, икки ыҥыыр атынан, түүлээх ыырдан киирэр.
Ханна да тохтоомуна, суут дьиэтигэр көтөн түһэр. Аан дьиэлэрэ көмүлүөк оһохтоох буолуо, онно сис туттан, иттэ турбут. Ол турдаҕына, ынараа дьиэттэн биир нуучча өҥөс гыммыт: «Бу хайа киһигиний?» – диэбит. Ону: «Кыйаар киһитэбин. Сүлэбин», – диэбит. Бу маныаха: «Каһаактар тахса сылдьыбыттарын билэҕин дуо?» – диэбит. «Билэбин», – диэбит.
Биир каһаакка эппит: «Таһааран ити киһини хаайыҥ», – диэбит. Ону: «Тахсыбаппын. Хоруйдат», – диэбит.
Ол кэнниттэн тойон 12 буолуохтарыгар диэри каһаактары мунньубут, Сүлэни хаайыыга таһаартараары. Сүлэ сис туттан турбута турбутунан, хамсаабат даҕаны. 8 буоланнар каһаактар үтэн-анньан кыайбатахтар. Дьиэлэригэр баппаккалар, быалаан баран тардыбыттар. 11 киһи тардарыгар бэриммэтэх. 12 киһи тардарыгар ат буолбут уонна муннунан, айаҕынан хаана баран өлбүт.
Доҕор киһитэ түүннэри-күнүстэри дойдутун былдьаһар уонна Онокуга: «Аҕаҕын нууччалар өлөрдүлэр», – диэн этэр.
Оноку, дьэ, Дьокуускайга киирэр. Ыаллартан ыйдарар, аҕаҕын оннук сиргэ көммүттэр диэн. Ону баран хаһар, бөрө саҥыйахтаах киһини сулбу тардан таһаарар. Онтон 3–4 тиити суулларар уонна кэччиктээбэккэ эрэ бүтүннүү аҕалтыыр. Аҕалан баран, кэччиктэтэлээн кутаа оттор. Бөрө саҥыйахтаах киһитин бу уотугар быраҕар. Маныаха туран били киһитэ үс төгүл аттыы сүүрэн тахсыбыт. Ону ураҕаһынан ылан уокка быраҕан испит. Ону көрбүт дьоннор, нууччалар даҕаны, сахалар даҕаны: «Бу Кыйаар дьоно илэ абааһылаах дьон эбиттэр», – диэбиттэр.
Оноку ити кэнниттэн аҕатын уҥуоҕун ыырдан тахсыбыт уонна, Нымылах икки Ньурбачаан икки ардыларыгар толоон баар, ол ойоҕоһугар алаас сир баар, ол ортотугар булгунньахха оҥкучах хаһан, көмөн кэбиспит. Оҥкучах хаһыар дылы бэрэмэдэйдээх уҥуоҕун ачаахтаах тииккэ ыйаан турбут. Ол тиит билигин охто сытар. Охтубута уонча сыл буолла. Урут, мин уончалаах эрдэхпинэ, өкөйөн турар эбит этэ. Ачааҕа онно турара. Кэлин ачааҕа хайа барбыт этэ. Бу тиит туһунан миэхэ эһэм оҕонньор, Степанов Алексей, мин уончалаах уол эрдэхпинэ, 69 сыллааҕыта, кэпсээбитэ.
Бу сири, Сүлэ уҥуоҕа көмүллүбүтүн кэннэ, Мэҥэ, Чээнэр 2 Мэҥэтэ диэн ааттыыллар. Былыр киһи уҥуоҕун тутабыт диэбэттэр, киһи мэҥэтин эргийэбит дииллэр. Уҥуох диэхтэрин харыстаан, ыарырҕаан этэллэрэ эбитэ дуу.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
1 Өлөссүбүттэр – охсуспуттар, илиилэспиттэр.
2 Чээнэр – Сүлэ оҕонньоро. Петр Иванов диэн. Ити сир кини ходуһата этэ.
УОҺА СУОХ УОҺАРАП
Быырта икки ойохтоох. Тус-туһунан дьиэлээн олорбут. Улахан ойоҕуттан икки уоллаах: Муҥур Илии Буолкап, Сантаҥа диэн. Оччугуй ойоҕуттан биир уоллаах – Уоһа Суох Уоһарап. Бу уол үөһэ уоһа сиирэҕэс эбит.
Былыр куһаҕан дии санаабыт оҕолорун,