иһэн, аллара ньимис гынан хаалтар. Кыланар саҥаларын истэннэр, дьон сүүрэн тахсыбыттара, 9 оҥхой эрэ хараара сытар үһү. Онтон бэттэх Мырааны иччилээх диэн улаханнык дьиксинэр буолтар.
Бу үһүйээн хаһааҥҥыта биллибэт. Биир кырдьаҕас оҕонньор өлөрүгэр кэпсээбит үһү. Дьэ, ол оҕонньор эдэригэр Мырааҥҥа тугу эрэ гына тахсыбыт. Ол сылдьан, сири дьөлө үктээн, аллара сурулаан иһэн, элигин элик, силистэн тутуһан ылбыт да үөһэ биирдэ баар буолбут. Куттаммыта ааһан, туох ааттаахха түстүм диэн, дьөлө үктээбит сирин сэрэнэн өҥөйөн көрбүт. Онто туох эрэ иинэ эбит. Өссө сирийэн көрбүтэ: иинин анна уулаах, ол уута сүүрүгүрэн кылыгырата сытар үһү. Оччолорго сир анна ууланарын ким этиэ баарай. Уол, сир түннүгэ буолуо диэн, мас булан үрүттээн, хатырык хастаан сабан баран, буор кутан кэбиспит уонна: «Икки атахтаах таба хаампатын, икки харахтаах таба көрбөтүн», – диэн алҕаабыт.
Кини, бу сир түннүгэ буоллаҕа, абааһы мантан тахсан дьон дууһатын илдьэрэ буолуо диэн наһаа куттаммыт. Дьоҥҥо эттэхпинэ, сэттээх-сэмэлээх буолуо диэн кимиэхэ да кэпсээбэтэх.
Иван Петров. Ньурба, Өҥөлдьө. 1964–1965 сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
ӨҤӨЛДЬӨ
Былыр биһиги сирбитигэр Өҥөлдьө диэн ааттаах, туһугар син эмиэ сураҕыра сылдьыбыт күүстээх киһи олорбут. Манна Дыгын сэриилээн ыла кэлбитигэр, бу Өҥөлдьө балтараа көстөөх Андайбыт диэн сиргэ тахсыбыт. Бу тахсан, Быһаҕаһа Сирэй диэн оччолордооҕу сытыы-быһый киһини кытта, дьон хомуһа, Хорула диэн үрэх баһыгар тахсыбыт. Манна тахсан, кинилэр сырыыларын сылдьыах, кыайыахтарын кыайыах, хотуохтарын хотуох киһини булбакка, төннөн киирбиттэр. Аара кэлэн иһэн, Быһаҕаһа Сирэй Өҥөлдьөтүгэр маннык диэбит: «Сураҕырдаллар-сураҕырдаллар да, биһиги киһибит өҥүн, дьүһүнүн-бодотун да көрбөккө кэлбиппит. Өлүөх буоллахпытына, ийэ буорбутугар охтуохпут. Онон баран, сөптөөх сири булан, сэриилэһэн көрүөххэ».
Кинилэр манна сөп буолуо диэн икки улахан, Эбэ уонна Кэнэни диэн, күөллэри силбиир сиргэ кэлэллэр. Бу силбэһии кэтитэ 1,5 биэрэстэ кэриҥэ. Оттон сэриилэһэр сэппит диэн арай Быһаҕаһа Сирэйгэ оноҕоһо суох ох баар эбит. «Бэйэлэрин киэнин бэйэлэригэр ыытыллыа», – диэн, улахаҥҥа уурбаттыы, киһитигэр хоруйдаан кэбиспит.
Бу икки киһибит Чохоол Тумуһа диэн тумуска, оттон Дыгын – бэтэрээ өттүгэр сыппыттар. Дыгын ытыалаан киирэн барбыт. Онуоха ынарааҥҥылар кэлбит оҕу тарбахтарын икки ардыгар кыбытан ыла-ыла төттөрү ыыталаан испиттэр. Дыгын, дьоно аҕыйаатар аҕыйаан иһэллэрин көрөн, мутук дьөлөҕөһүнэн Быһаҕаһа Сирэйдээҕи көрө сыппыт. Онуоха Быһаҕаһа Сирэй тумул төбөтүгэр ойон тахсыбыт. Ону көрөн, Дыгын оноҕос ыыппыт. Ынараа киһитэ ону, кыбытан ылан баран, Өҥөлдьөтүгэр эппит: «Ыл, көр эрэ. Ол дүлүҥ ынараатыгар туох чоҕулуҥнууруй? Бу оноҕос онтон кэлэргэ дылы гынна дии», – диэн, балтараа биэрэстэ бэттэх сытар киһини ыйа-ыйа, эппит. Уонна, төттөрү ытан кэбиспитэ, Дыгын аҥар хараҕар кэлэн түспүт. Дьэ, онтон Дыгын, сатаныам суох дии санаан, ити сиртэн тэскилээн биэрбит.
Онтон Быһаҕаһа Сирэй, баттаммыкка