«Өһөхтөр эйиэхэ, оҕонньорго, сир кэмнии туруохтара дуо, чэ, ыт», – диэбит, итиннэ баран.
Ону Оноку мас оҕунан ыппыт. Ону Дыыгыныыр ырааҕар кыбытан ылбыт. Уолум аһарыыһы дии санаан, Оноку түөртэ ытан субуруппут. Ону Дыыгыныыр: «Сардаан бастаах оҕуҥ 1 кэллэ, сар түүтэ түүлээх оҕуҥ 2 кэллэ, тойон түүлээх оҕуҥ кэллэ, быыра оҕуҥ 3 кэллэ», – дии-дии хабан ылан испит.
Оноку ол кэнниттэн: «Чэ сөп, барыс», – диэбит.
Хонуктара туолан, дьэ, сэптэрин ыырдынан, барбыттар. Сэтиэнэх диэн сиргэ киирэн баран, Оноку эппит: «Болдьоспут сирбит кэллэ. Көрө-истэ ис, сэрэн. Өһөхтөр куруппааскы курдук, дэлбэритэ ытыалаан кэбиһээйэллэр», – диэн.
Утаакы буолаат, кураахтаах саа тыаһа «чаап-чууп» буола түспүт. Арай биирдэ өйдөөн көрбүтэ, уолун ата түҥнэри көтөн кэбиспит. Ат сыҥааҕар ох хорохолоно түспүт. Ат бэйдиэ сүүрбүтүгэр, сырсан, тутан ылбыт. Атын баайан, оноҕосторун көтөҕөн кэлэн иһэн көрбүтэ, уол таба саҥыйаҕын түүтэ бурҕаллыгас үлүгэр. Өһөхтөр ытыалаа да ытыалаа буолбуттар.
Оноку, дьэ, ытыалаһар. Саамай атамааннара, күүстээхтэрэ Өһөх Өргөдьөй диэн Оноку курдук киһи баар эбит. Бу маны туран Оноку ытан биирдэ да таппатах. Бэстилиэнэй биир оҕо хаалар. Мас быыһынан биир, атаҕын өрө көтөҕө-көтөҕө, ытар киһи баар эбит. Оноку: «Абаккабыан, саатар ити киһини хаан таһаарбыт киһи», – дии саныыр уонна атаҕын өрө көтөҕөр бириэмэтигэр ытан саайбыт. Тобугун хараҕынан түһэрэн баран, сототун бөтөҕөтүнэн хайа көтөн тахсыбыт. Онуоха бу киһи: «Атахпын ыарҕаҕа хайа көттүм, ча-айа, ча-айа», – дии-дии быарынан сынан барбыт.
Маныаха Оноку инитэ уол туран кэлэр уонна Дьаарыттар охторун мунньубутун көтөҕөн аҕалар. Ону ынарааҥылар көрбүттэр. Сэптэрэ аҕыйаабыт, биир киһилэрэ бааһырар, онтуларын сүгэн барбыттар. Онуоха Оноку алакыылыыр: «Алакыы! Алакыы!» 4 – диир. Бу саҥаны Дьаарын ойоҕо истэр уонна эрин мөҥөр: «Үөһээҥи уолу сиэбэккэҕин, алдьархайы оҥортордуҥ. Тугу арбын туонай 5 буолаҕын ойумсуйаҥҥын», – диэн.
Дьаарын туран ойоҕун: «Эн да удаҕамсыйан быччайаҕын, Үөһээҥи уолу эн да сиэриий», – диир.
Онтон Дьаарын ойууннарын төрдүгэр кыырар: «Бу киһигитин кыайыҥ-хотуҥ, боччуйуҥ. Алдьархайы таһааран эрэр», – диир.
Маныаха туран, төрүттэрэ бэйэтин мөҥөллөр: «Биир ууттан турбуккут, биир уйаттан үөскээбиккит. Ити эйиигиттэн биир мутук үрдүкү ойуун. Онтугун кытта иирсэҕин дуо?» – диэн үүрэн ыыппыттар. Онон төттөрү кэбин туонан 6 кэлбит.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
1 Сардаан бастаах ох – модьу төбөлөөх ох.
2 Түүлээх охтор – көбүс-көнөтүк барар охтор.
3 Быыра ох – түргэнник барар ох.
4 Алакыы – киргил үөрэн алакылыырын үтүктэллэрэ буолуохтаах.
5 Арбын-туонай – бэйэҕин үрдэтинэҕин, арбанаҕын, кэпсэнэҕин.
6 Кэбин туонар – кэмсинэр, муҥадыйар.
ОНОКУ ОЙУУН ЭБИТ
Үйэтигэр үстэ кыырбыт. Бэрт доҕор киһитэ өлөөрү гыммытыгар кыырбыт. Ол онно кутун көрдүү сатаабыт үһү. Ону биэрбэтэхтэр: «Кута сытыйан, өлөн