Багдарыын Сүлбэ

Үһүйээннэр, номохтор


Скачать книгу

дьэ, төрүт сирдэрин төрдүгэр тахсан кыыраллар уонна оҕо көрдүүллэр. «Бу Айыыһыкка киирэммит баттардыбыт, онон бөҕө тылбын биэрдим, бэйэм айдарбыт сирбиттэн оҕо аҕалыам диэммин. Миигин саха урааҥхайга саакка киллэримэҥ, сиикэй ааттаамаҥ. Онон оҕото аҕалыҥ», – диир ойуун.

      «Ылгын оҕобутун сиикэй ааттатыахпыт дуо, биэриэхпит икки оҕону, – дэтэр. – Улахан уолу Чокуук диэн ааттааҥ, оччугуй уол Сүүлэр Былыт Төрдүттэн Айдарбыт Сүлэ Багдарыын диэн буоллун. Бу оҕону маанылаатыннар, отунан охсубатыннар, талаҕынан таарыйбатыннар. Ол курдук куһаҕаннык тутар буоллахтарына, бэйэбит оҕобутун бэйэбит харайыахпыт, төттөрү сылгылыахпыт. Итинник бөҕө тылынан биэрэбит», – дэтэр.

      Онтон туран, оҕо кутун иҥэрэбит диэн ааттааннар, эмээхсин төбөтүн оройугар алгыыллар. Бу алҕааттарын кытта, эмээхсин төбөтүн оройугар ат кымньыытын тиэлиитин 1 саҕа уот субурус гынар. Дьахтар уҥан хаалар. Онтон эр киһиэхэ имэҥ иҥэрэбит диэн эмиэ алҕаабыттар. Онтон бары даҕаны үөрэллэр-көтөллөр. Икки оҕону көрдүөн ылбыт дьон буолан. Аайдаан 2 киирэн бараллар. Уонна: «Соболоҥҥутун тугу ылаҕыт?» – диэн ыйыталлар.

      Онуоха: «Биһиги билигин оччо күҥэйбэппит 3. Тугу саныыргытын хойут саныаххыт. Аны үс сылынан эргийэн кэлиэхпит – биир оҕоҕут биирдээх, биир оҕоҕут иккилээх эрдэҕинэ. Онно тугу биэрэргитин бэйэҕит билиэххит. Оттон билигин ханныгы эмэни кыраны биэрдэххитинэ сөп», – диэбит.

      Үс сыл буолан баран эргийэн кээлтэр. Эппит икки уоллара баар буолбут. Оҕонньордоох эмээхсин аттарын ырдыытынан тииҥ, саһыл, эһэ тириилэрин биэрэн ыыппыттар.

      Хойукка дылы оҕо-дьахтар өс хоһооно гыналлара, Сүлэ ыһыах уурдаҕына: «Бүгүн эмиэ самыыр буолара буолуо», – диэн. Сүлэни былыттан айдарбыт киһи диэн номоҕо кэлэ турар эбит.

      Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:

       1 Кымньыы тиэлиитэ – ат кырыаччытын төбөтүгэр аты кымньыылыыр быа баайаллар. Сороҕун өрөн, сороҕун хатан. Дьэ, ону тиэлии диэн ааттыыр сахаҥ.

       2 Аайдаан – хайҕанан, маала үрдүктүк туттунан. Быытта, аныгылыынан боруоста эттэххэ, киһиргэнэ саныыллар, тылбыт тилиннэ диэн.

       3 Күҥэйбэппит – олус ымсыырбаппыт.

      ОНОКУ

      Икки уоллаах эбит. Быырта, Дьэгин Бөҕө. Дьэгинтэн билигин бэрт аҕыйах киһи баар.

      Оноку бэрт күүстээх киһи, тарсыына. Сөтөллөрө, ытырдара көстөн иһиллэр. Үөгүлүүрэ үс көстөөх сиртэн иһиллэр. Санатория хоту өттүгэр Күөх Хайа баар. Тордохтоох Хайа диэн. Дьокуускайга түүлээх киллэрэн баран (өлбүгэтин төлөөн баран), Дьаарын бэйэтэ киллэрэн биэрбэт, туой тарсыынатын ыытар эбит. Төннөн иһэн, Тордохтоох Хайаттан үөгүлүүр: «Тыыта таһааран кулуҥ», – диэн.

      Омолдооттор туораппаттар эбит. Сэптэрэ суох буолуо буоллаҕа, баҕар, өстөөх да буолуохтара. Ол үөгүүнү Сүлэттэн, Хотоҕос диэн сиртэн, истэннэр, баран тыы таһааран биэрэллэр эбит.

      Бордоҥнортон, түүлээҕи кыайан толорботохторун туһугар, тарсыыналарын, Онокуну, сото охсоллор. Буруйдааннар, сото кэбиһиннэрэн олордон бараннар, сототун кырыытыгар сото охсор сүллүгэһинэн казактар биэртэлииллэр эбит. Ол охсулла олорон: