сиэннэрэ сырсан кэлэннэр, эбэлэригэр балачча сыаналаах сертификаттары, бэлэхтэри туттардылар. Саамай элбэх оҕолоохторо Анастасия күн сиригэр икки уолу, үс кыыһы төрөтөн, уон икки сиэннээх, биэс хос сиэннээх, Ариана биир уоллаах, икки сиэннээх, оттон Марианналара биир кыыстааҕыттан икки сиэннээх, үс хос сиэннээх. Сиэннэр кэнсиэр көрдөрөн, кырдьаҕастары уйадыттылар. Оттон Марианна 55 саастаах кыыһынаан Сахайааналыын сахалыы үҥкүүнү үҥкүүлээн, дьон хараҕын сымнаттылар. Киһи сөҕүөҕэ, дьүһүннэринэн наһаа майгыннаһаллар, аны тэбис-тэҥҥэ үктээн хамсаммыттарыгар, ийэтин, кыыһын киһи араарбат үлүгэрэ.
Анастасия, Марианна кыыһыныын үҥкүүлүү тахсыбыттарыгар, Максим тоҕо эрэ тэйэ хаампытын дьиибэргии көрдө. Бачча сааһыгар диэри сүрэҕин хайа эрэ муннугар илдьэ сылдьар муҥа буоллаҕа дуу? Хаһан эрэ холуочуйан баран: «Эн кэргэн тахсыбатаҕыҥ буоллар, Марианнаны кэргэн ылыахтаах этим», – диэн соһутан турардаах. Аата, аны кэлэн кырдьан, иннибит кылгаан, кэннибит уһаан олорон, бу үөрүүлээх күммүтүгэр өр кэм ыал буолан бииргэ олорбут оҕонньорбун куһаҕаҥҥа күтүрүү олоробун дуу? Кэргэним буолааччы, баччааҥҥа диэри, биэс оҕолоохпут үрдүнэн, таайыллыбат таабырын буолла буолбат дуо? Дьэ, бээ, оҕонньорум да буолларгын, кырдьар сааспытыгар, анараа дойдуну өҥөйө сытан, дьиҥ кырдьыккын кэпсээтэххинэ табыллар. Кырдьар да сааска буоллун, чахчытын быһаарыан наада.
– Настаа, туох толкуйугар түстүҥ? – Ариана өттүккэ анньар.
– Ээ, суох, туох толкуйугар түһүөхпүнүй? Марианнаны сөҕө олоробун, эдэр дьахтартан туох да итэҕэһэ суох үҥкүүлүүрүн көрөн, бэркиһии олоробун.
– Ээ, мин да бэркиһиибин. Биһиги нэһиилэ хааман бөкөөлөһөбүт, оттон кини үҥкүүлээн тэйэр.
– Дьэ, билигин ханна барабыт? Хорчуопкаҕа дуо? – Настаа ыйыталаһар. Куһаҕана диэн кэлин истибэт буолан хаалла. Наар кулгааҕын тоһуйа сылдьар. Өссө уонна оҕонньорунаан кэпсэтиэх буолар. Киһи да күлэр ээ.
– Көрбөккүн дуо, дьоммут тыа саҕатыгар остуол бөҕө тарпыттар. Онно олоро түһэн баран, сайылыкпытыгар, били, бэйэбит дьиэбитигэр, барар үһүбүт. Дьиэни-уоту өрөмүөннээбиттэр, гостиница курдук бэлэмнээбиттэр, онно хонобут, тиийэн дуоһуйа кэпсэтиэхпит, – Ариана күлэн мүчүҥнүүр. – Наһаа биэс уон биэс сыллааҕы курдук уолаттар кэлбэттэр-барбаттар ини.
– Саарбахтыы олоробун. Мин Максимым, Марианна кыыһынаан үҥкүүлүүрүн кытта, туран баран хаалла. Бэйэм да соһуйа олоробун, – Анастасия, санаата батарбакка, этэн тыынын таһаарар.
– Ээ, ол иһин уку-суку олорор эбиккин дии. Кытта кырдьыбыт доҕоруҥ Максим эйигиттэн эрэ күнэ тахсарын бары билэбит. Настябын хомоппутум диэн хараҕар уу-хаар баһыылаах олорон кэпсээччи. Марианнаҕа туох эрэ чуубустуба баар да буоллаҕына, эдэр саас быстах үөрүүтэ, мэник саас ибир тыала эрэ буоллаҕа. Оттон кыыһын көрдөҕүнэ, син аҕа хаана тардара ханна барыай? Сатахха, эн кыыскынаан, хааннара тардан, дьүһүннүүн, туттардыын-хаптардыын олус майгыннаһаллар. Оннооҕор мин булкуллабын. Хайаҕытый диэн