Татьяна Находкина

Ньоҕой эрэл


Скачать книгу

көрбүт суох. Биһиги син отуттан тахса сүөһү киирэр улахан хотонноохпут. Кэлин кэҥэттиэхпитин сөп. Оттуурга тиэхиньикэ суоҕа моһуоктуур. «МТЗ-82» тыраахтардаахпыт, пресс подборщиктаахпыт буоллар, көҥүл оттуо-мастыа этибит.

      Ити кэмҥэ тас ыаллара Ааныс, кыра, хатыҥыр дьахтар, чуочаһыйан киирэн кэллэ. Кырабын дэммэт, айбыт айыылара саҥаран баран кэлээр диэбит бэйэлээхтэрэ, баттанным дии санаатаҕына, кими да иннигэр түһэрбэттии саҥарар-иҥэрэр идэлээх.

      – Хайа, Альбина, дорообо. Тугу кэпсээтиҥ? Ити Бүөтүрүҥ күтүөт оҕолуу ханна киэргэнэн-симэнэн барда? Дорооболоһон көрбүппэр, саҥабын истиэхтээҕэр бэйэбин да көрбөккө, хонтуора диэки туос бөтөрөҥүнэн түстэ. Ыксаабыта диэн сүр.

      – Ээ, Ааныс, дорообо. Ол Бүөтүр хонтуораҕа, дьон сылдьар сиригэр, куруутун таҥнар таҥаһын кэтэн барда. Аата, ону бүгүн булан көрдөххүн, – тас ыала дьахтар хараахтарын билэрэ бэрт буолан, дьиэлээх дьахтар саҥатын сымната соҕус саҥарар.– Бөһүөлэккэ туох сонун-нуомас баарын иһиттиҥ?

      – Соһо сылдьар сонун, кэһэ сылдьар кэпсээн кэмчи киһитэбин. Арай тыа дьонугар балтараа мөлүйүөнтэн уон мөлүйүөҥҥэ диэри көмө харчы бэриллэр үһү диэн таһынааҕы ыалбыт Байбал өрө мөхсүү бөҕөтө. Ол киһиэхэ барытыгар биэрэр буолбуттара дуу? Уончаны кыайбат сүөһүлээх дьоҥҥо биэрэр буоллахтарына, миэхэ биэриэхтэрин эмиэ сөп буолбатах дуо? Иккиэн биэнсийэлээхтэр, бүддьүөт тэрилтэҕэ эмиэ үлэлииллэр. Харчы бөҕөнү хотороллор. Табыллыбыт дьон анаан табыллаллар. Биһиэхэ үлэ көстүө суох быһыылаах этэ. Ол бырагыраамаларын ким барыта суруйар дииллэр. Мин кыыспар Олесябар суруйтардахпына, Байбаллаах Марыына саҕа суруйар ини, – Ааныс кэпсиирин омунугар биир кэм түһэҕин охсуна олордо.

      – Ааныс, ол бырагыраамаларын эн биһиги хайа үөрэхпитинэн суруйуохпутуй? Хата, ол Марыына, буҕаалтыр үөрэхтээх дьахтар, суруйуо. Биһиги буолбатах. Уонна бырагыраама буолбатах, биисинэс-былаан дэнэр. Тыа хаһаайыстыбата үөрэхтээх, урукку өттүгэр бааһынай хаһаайыстыба буолбатах уонна улуус баһылыгыттан өйөбүллээх буоллаххына, биисинэс-былаан суруйан көмүскээтэххинэ, кыттар үһүгүн.

      – Ии, ол иһин оннук буолуохтаах этэ. Хайаан да күрүөлээх-хаһаалаах буоллаҕа. Сөп ээ. Чыып-чаап диэбит барыта кыттыа турдаҕа. Ол Байбал аҕатын кытта бииргэ төрөөбүт дьахтар уола – улууспут баһылыга бэйэтэ бэйэтинэн. Байбал баһылык бырааттаах буолан түөһүн тоҥсуммут бэйэтэ. Чэ, бүппүппүт. Эн Бүөтүрүҥ таах сибиэ хонтуораҕа сүүрбүт, кураанаҕы кууһара чуолкай, һэ-һэ… – Ааныс бэлэһинэн күлэр.

      – Ааныс, ону-маны сэрэйэн көрө-көрө, ууну-хаары таһыйаргын тохтот эрэ. Хантан булан Бүөтүрү эмиэ онно-манна сыбыы оҕустуҥ, – Альбина ыалдьытын саба саҥарар.

      – Бардыым, бардым. Бары-барыта кистэлэҥ буолан. Быйыл күһүҥҥүттэн быһа бөһүөлэккэ ким граҥҥа кыттарын кэпсэлэ дии. Онно эһигини эмиэ ааттыыр этилэр. Туох эрэ тыас баар буолан кэпсииллэр ини. Истэр кулгаахтаах буолан иһиттэҕим дии. Сэтинньи ыйга граҥҥа киирсээри бааһынай хаһаайыстыба буолбуттар диэн кэпсээн эмиэ