улаханнык ночоотуруо суох курдуктар. Ол курдук, хаһаайыстыбаттан кыһыҥҥы өттүгэр төһөнү биэрэллэринэн ыанар ынаҕы ылар. Ыыр кэмигэр, ыанар ынах биир ыйга төһө киилэ үүт биэрбититтэн көрөн, биэс бырыһыанын хамнаска ылар, уоннааҕытын хаһаайыҥҥа биэрэр. Биллэн турар, хаһаайыннар бэйэлэрэ отторун оттууллар, тиэйэн биэрэллэр. Бааһынай хаһаайыстыба барыһа диэн: төрөөтөхтөрүнэ, хас ынаҕы биэрбиккиттэн көрөн, аҥаарын бэйэтигэр ылар. Холобур, түөрт ньирэйтэн иккитин бэйэтигэр хаалларар. Олус бэркэ толкуйдаммыт. Ким да баттаммат, – Иван Еремеевич, бас-көс киһи быһыытынан, бэйэтин санаатын соҥнуурдуу дьиппиэнник туттан, кытаанах куолаһынан кэпсиир.
– Төрдүһүнэн, улуус баһылыгын убайа, бэсиһинэн, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр аймахтаах диэ, – Ким Николаевич кэм да тарбаһан хаалар.
– Ким Николаевич, наһаа барыма эрэ. Чэ, тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Ньургун Александрович, үһүөннэрин кытта үлэлэспит киһи быһыытынан, түргэн соҕустук түмүктээн эт эрэ, – баһылык сөбүлээбэтэҕэ сирэйигэр-хараҕар көстөр.
– Нэһилиэктэн үс киһи кыттара, биллэн турар, үчүгэй. Үһүөн баҕалаахтар. Ол эрээри, Иван Еремеевич эппитин курдук, улууска биир хаһаайыстыбаны мэктиэлиэхтээхпит. Улуус хамыыһыйата үс киһини киллэрдэхпитинэ, олох сөбүлүө суоҕа. Үлэлэспэтэххит диэхтэрэ. Сүнньүнэн, биһиги нэһилиэк сүөһүтүн ахсаана сыллата аччаан иһэр. 2015 сыллаахха 815 буоллаҕына, быйыл 2016 сылга төбөтүнэн 785 сүөһүлээхпит. Ол иһиттэн ынаҕа былырыын 270, быйыл 249. Онон сүөһүгэ үлэлэһиэхпитин наада. Грант икки бырагыраамата иккиэн ынах сүөһү ахсаанын элбэтиигэ уонна үүт бородууксуйатын дэлэтиигэ үлэлииллэр. Бааһынай хаһаайыстыба, ала-чуо үүккэ үлэлэһэр эрэ буоллаҕына, үс мөлүйүөҥҥэ тиийэ ылыан сөп. Ол курдук, хотон туттуон, сүөһү, тиэхиньикэ атыылаһыан сөп. Байбал Никииппэрэбис иккис бырагыраамаҕа киирсиэн баҕарар. Үүккэ үлэлэһэбин диир эрээри, ынаҕын ахсаана үс эрэ. Этэргэ дылы, ыанар ынаҕа саатар уонча буолуон наада. Граҥҥа кыттыан баҕалаахтар икки эрэ сыл киирсэллэр. Быйыл аккаас ыллаҕына, эһиил бүтэһигин кыттар. Онон арыый бэлэмнээх кыттара ордук. «Дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыыга» диэн бырагыраамаҕа эһиилгиттэн кииристэҕинэ, сүүйтэрэрэ суох, – Ньургун Александрович, үгэһинэн кими да өһүргэппэтэрбин диэбиттии, толкуйдаан көрө-көрө наҕыллык саҥарар. Үрдүк уҥуохтаах уол кыаһаан сирэйигэр мичээр толбоно оонньуур.
– Ээ, чэ, этэн ис. Онон-манан эргитимэ, – землеустроитель быһа түһэр.
– Үлэлиэ диэбит хаһаайыстыбаны таһаарыаҕыҥ. Табаарыс, доҕор, аймах диэн суох буолуохтаах, – Иван Семенович бэйэтин санаатын тиэрдэр.
– Бу граҥҥа Уйбаныаптар кыттыахтарын сөп. Сопхуос эстибитин кэннэ кинилэр эрэ сүөһүлэрин баччааҥҥа диэри аччаппакка, этэҥҥэ иитэн туруораллар. Урукку сопхуос сайылыгын кинилэр эрэ сөргүтэн, сыл ахсын тахсаллар. Сайыҥҥы кэмҥэ үүттэрин сүөгэйинэн туттарар буолан, биллэн турар, ночоотурдаллар да, сыллата уон үс туонна үүтү туттараллар. Тиэхиньикэлэрэ суох буолан сайыны быһа