10 килограмтан ордук ыарахан ыйааһыннаах сомоҕолор ахсааннара 8–10 тыһыынча кэриҥэ. Кинилэртэн аарыма улаханнарын ахсаана уонунан эрэ ааҕыллар үһү. Маннык сомоҕолору үксүгэр көмүс үлэһиттэрэ анаан-минээн көрдүү сылдьан булуталаабыттар. Ол эрээри алҕас түбэһэ түһэн булуллубут түбэлтэлэр эмиэ бааллар. Холобур, «Оливер Марти» диэн Америкаттан көстүбүт 36,3 килограмм ыйааһыннаах көмүһү биир старатель өлбүт доҕорун көмөөрү иин хаһа сылдьан булбут. Бу олус саталлаах киһи эбит. Кини көмүһүн тиэйэ сылдьан, Америка куораттарыгар харчыга көрдөрөн 10.000 доллары хомуйбут. Онтон кэлин 22.700 долларга атыылаан кэбиспит.
Бориска итинтэн төһөнү билэрин сэһэргээбитин, Лөкөй бэркэ болҕойон олорон иһиттэ.
Икки ыҥыыр аттаах киһи Сиридикээни таҥнары айаннаан иһэллэр. Инникитэ чоккуруос харахтаах, хара элэмэс акка нүксүччү олорбут кыра хатыҥыр оҕонньор икки өттүн өлбөөдүччү көрүтэлиир. Иэдэһин этэ уостан, икки омурда хапсыйбыт. Энньэйбит уһун сыҥааҕын аннынан күрэҥсийбит сэпсигир бытыктаах. Эҥэрин түүтэ бүтэн, лаҕыыр курдук хара сарыы буолбут арбаҕаһын, иһин түгэҕинэн тирбэҕэ быанан бобо тардыммыт. Сотору-сотору куобах чомпойун өрө анньынан, бакыр уҥуох тарбахтарынан төбөтүн тарбаммахтыыр. Иккиһэ, Сиидэр кинээс сылгыһыта Миитэрэй, маҥнайгы ат кэнниттэн олук үктэһэн иһэр маҥан аты мииммит. Хайа тэллэҕинээҕи тумус тыа эргииригэр саҥа охсуллубут үүтээн турарын соһуйа көрдүлэр. Суолтан туораан, дьиэни эргийэ хаамтардылар. Дьиэ таһыгар киһи хараҕар быраҕыллыахха айылаах туох да көстүбэт. Аан баттатыылаах. Ол кэннигэр истиэнэҕэ тимир күрдьэх өйөнөн турар. Кыс маска аҕыйах кураанах дүлүҥ кыстана сытарыттан, биирдэстэригэр тэрээк сүгэ батары охсуллубут.
Салаа үрүйэни өрө икки уллуҥах кэтитэ киэҥ чигдитийбит орох суол оҥойор. Суолу батыстылар. Толору биэс уон саһаан сири бара иликтэринэ, үрүйэ кытыытыгар хаарынан бүрүллүбүт икки чөмөх буор өрөһөлөнө сытарын көрдүлэр. Аттыгар кэлэн икки дириҥ иин айахтара оҥоһон сыталларын көрөн, оҕонньор өмүрэн бабыгыраата. Туох суолталаах ииннэр буолалларын таайа сатаан, кыайан быһаарбатылар. Суолларын салгыы батыстылар. Эмиэ хаарынан бүрүллүбүт чөмөхтөр, чөҥөрүһэ оҥоспут ииннэр көһүннүлэр. Тэйиччи өссө икки чөмөх харааран сытар. Буордара саҥа таһаарыллыбыт. Мэктиэтигэр буруолуурга дылылар. Ханна эрэ сир анныгар тугу эрэ охсуолуур бүтэҥи тыас иһилиннэ. Оҕонньор соһуйан ньолох гынна. Атын тохтотон бэргэһэтин хаҥас кулгааҕын сэгэтэн, тыас хоту иҥнэйэн олорон сэрэхэдийбиттии иһиллээтэ. Иччитэ суох харахтара мээнэнэн килэҥнэстилэр. Ону көрөн Миитэрэй иһигэр күлэ санаата да, таһыгар биллэрбэтэ. Кини бу ииннэри төһө да маҥнай көрдөр, кимнээх үлэлииллэрин сэрэйэр. Былырыын күһүҥҥүттэн ыла татардары көрсө илик. Бу ойууну кытта аараттан ыла аргыстаһан иһэр. Сиридикээн баһыгар Хоболоох төрдүттэн көһөн тахсыбыт эбээннэргэ Миитэрэй бастыҥ тордохторугар көтөн түспүтэ, оҕонньор саҥардыы аҕай кыыран бүппүт этэ. Ыалдьыбыт дьахтар тыынын араҥаччылаан, маанылатан, аһыы-сии олороро. Миитэрэй