Тумарча

Кырыыстаах таас


Скачать книгу

баран, саас түүлээх ыҥырдан Уолаҕа киирбиппит. Уолаттан Шпакпыт түүлээҕин пароходка тиэнэн, соҕуруу барбыта. Биһиэхэ хамнаспыт оннугар айаҥҥа сылдьыбыт аттарын хаалларбыта. Онтон, хата, Ян Юльевич Розенфельд диэн, били, эн көмүскүн атыыласпыт киһини көрсүбүппүт. Кини Халымаҕа диэри сирдьит дьоҥҥо уонна көлөҕө наадыйар буолан биэрбитэ. Онон төннөр буолбуппут. Таарыччы көмүс көрдүөхпүт диэн сэп-сэбиргэл, таҥас-сап ылыммыппыт. Хата, аспытынан татым соҕуспут. Кыстык аһылык булуннарбыт, үлэлиэх этибит.

      – Дьол-соргу көрдөһөн диэхтиигин да, бу үлүгэрдээх дөйө тоҥмут тымныы дойдуга хайдах үлэлиэххитин өйүм хоппот ээ, – Лөкөй умуллан хаалбыт хамсатын кураанаҕынан соппойо олордо.

      – Биһиги сааспыт тухары көмүс үлэтигэр мискиллибит дьоммут. Эрэйбит тиллэрин биллэхпитинэ, сырабытын харыстыахпыт суоҕа. Оннук буолбат дуо, Сафи?

      Баччааҥҥа диэри саҥата суох, доҕорун кэпсээнин сөптөөх миэстэлэригэр төбөтүн кэҕиҥнэтэн бигэргэтэ олорбут Сафейка соһуччу ыйытыыга тута булан хардарбата. Ыстаабытын ыйыстан дьүккүйбэхтээтэ. Онтон кэһиэҕирбит куолаһынан:

      – Оннук… Биллэр дьыала, – диэтэ.

      – Ол эрэйгит тиллэрэ саарбах ээ.

      – Бастаан саарыыр этим. Онтон эн көмүскүн көрөн баран эрэлбит улаатта. Бу үрэх салааларын барыларын да сүргэйэн туран көмүһү булуохпут дии саныыбын. Оччоҕо эн өҥөҕүн саныахпыт.

      – Мин өҥөм диэхтээн туох кэлиэй, алҕаска көстүбүт түбэлтэ буоллаҕа дии.

      – Ити түбэлтэ баар буолан биһиги манна кэлэн сыттахпыт эбээт. Онтон атын биһиги Балыгычааҥҥа барар санаалаах этибит.

      – Арба, били, быһааскы тойоҥҥут ханна барбытай? Барахсан бэрт сымнаҕас киһи быһыылааҕа.

      – Сэрии буолбут сураҕын истэн, соҕуруу барбыта. Онтон атын манна, биһигини кытта баар буолуо этэ. Атыыһыт аймахтан кини эрэ киһи быһыылаах, сирэйэ-хараҕа суох албыннаабат. Оттон Шпак диэн дьиҥнээх адьырҕа диэтэҕиҥ. Былырыын биһиги ыҥырдан аҕалбыт табаарбыт улахан аҥаара наар испиир этэ. Дьону итирдэн баран, түүлээхтэрин босхо кэриэтэ хомуйталыыра.

      – Ол былыргыттан идэлэрэ. Биһиги дьоммут эрэйдээхтэр бу аска умса түһэллэр, – Лөкөй эппитин бигэргэтэрдии куруускатын түгэҕэр оппут арыгыны сыппайан кэбистэ.

      – Кырдьык, бу хотугу дьон арыгыга олус хоттороллор эбит ээ. Туох дьиибэтэ буолла? – Сафейка ыйытардыы дьонун диэки көрүтэлээтэ. Бытыылкаҕа баар тобоҕу тэҥҥэ үллэрэн кутуталаата.

      – Арыгы диэн ордук кыра омуктарга олус кутталлаах ас быһыылаах. Киин сирдэргэ көрдөххө, боростуой норуот өттө төһө да испитин иһин олус балык буолбаттар ээ. Эттэрэ-хааннара арыгы дьаатыгар утарсар өрүттээх буолуон сөп. Оттон маннааҕы норуоттарыҥ диэн айылҕа оҕолоро буоллахтара дии. Урут аһаабатах астарын ыыра-дьаара кинилэргэ содуллаах, кэбирэхтик иҥимтиэ буолара чахчы.

      Лөкөй тиһэх өлүүтүн дьонун иннинэ түһэрэн кэбистэ. Бориска кэнники тылларын өйдөөбөтө. Кураанахтаммыт бытыылка диэки хомойбуттуу көрөн ылла. Онтон санаа булан