Тумарча

Кырыыстаах таас


Скачать книгу

ылан, доҕорун кэтэһэн турда. Лөкөй атын сиэтэн, хамсатын уоппутунан дьонун батыһа сырытта.

      Бастаан тоҕоостоох сир көрдөөн өрө-таҥнары хаамсымахтаатылар. Оломтон биэс уонча саһаан өрө, үрэх тоҕойунааҕы кэҥэс алыыга тохтоотулар. Лаппаакыларын батарыта астылар. Хойгуоларын тутан туран балайда уһуннук тугу эрэ ботугурастылар. Онтон биэтэҥнэтэн баран иннилэрин диэки өрө бырахтылар. Лөкөй дьиибэргээн, хамсатын соппойорун тохтотон, саҥата суох көрөн турда. Дьоно кинини умнан кэбиспит курдук аахайбакка төттөрү-таары быраҕаттана сырыттылар. Сотору Сафейка хойгуота угар диэри инчэҕэй муохха батары түспүтүгэр эрэ тохтоон, уоскуйбуттуу табаарыһын диэки эргилиннэ. Киһитэ хаста даҕаны уһаты-туора быраҕаттааммахтаан баран, киниттэн уонча хаамыы тэйиччи сиргэ уу чугаһыгар тохтоото. Халыҥ бириһиэн плащтарын устан маска ыйаатылар. Батарыта түһэн сытар хойгуоларын угун батыһа устата аҕыс, туората биэс чиэппэрдээх сири кээмэйдээн ыллылар. Лаппаакыларынан муоҕу быһыта үктээн үлэлээбитинэн бардылар. Тимир лаппаакы хайыр тааһы хадьырыйара, хойгуо чиҥ буорга тобулута түһэр бүтэй тыаһа күүстээх сүүрүк биир күдьүс куугунугар ураты дорҕоон буолан холбоһон иһилиннэ. «Кыһыл көмүстэрин итинник көрдүүр эбит буоллахтара» дии санаат, Лөкөй айаннаары атын холунун чиҥэтэ турда. Ону көрөн Бориска тохтотто.

      – Лөгөнтөөй, тиэтэйимэ. Билигин биһиги уурайыахпыт. Маҥнайгы күн сири бааһырдыллыахтаах эрэ. Хата, уотта отун, чэйдэ өр. Бу эһиги дойдугут буорун дьуккуруппуппутун бэлиэтиэх кэриҥнээхпит.

5

      – Иллэрээ саас Бодойботтон күрээбиппит. Ол муус устардааҕы ынырыктаах күнү хаһан дэ умнуо суохпун быһыылаах. Хаста даҕаны баттатан түүлбэр көрөн эрэйдэммитим. Биһиги дьон уһун субурҕатын кэннигэр испиппит. Саалар дэлбэритэ барар тыастарын, дьоннор өлөр хаһыыларын бастаан өйдөөмүнэ дөйүөрэн турбутум, Онтон дьон төттөрү суулан Сафи биһигини ол алдьархайдаах сиртэн үтүрүйэн таһаарбыттара. Кэлин өй ылан бараахпытыгар куоппуппут. Ол күн биэс сүүстэн тахса киһини кэйгэллээбит этилэр. Норуот олус аймаммыта. Ытааһын-соҥооһун… киһи тулуйбат үлүгэрэ буолбута. Үгүстэр кэргэттэрин илдьэ бириискэлэртэн барыталаабыттара. Сафи биһиги сүбэлэһэн, Дьокуускайдыырга быһаарыммыппыт, – Бориска санньыардык өрө тыынна. Киэҥ харахтара тыйыс, тымныы өҥүнэн килбэчистилэр.

      – Дьэ эрэ, өйдөөн кэлбиччэ өлбүттэри кэриэстиэҕиҥ. Туох да буруйа суох дьон, ол иһигэр оҕо, дьахтар сэймэктэммиттэрэ. Өйдөөн кэллэрбин эрэ сүрэҕим ытырбахтыыр, санаам оонньуур.

      Киһи ах барда. Өттүгэстээн сыппытын кубулуппакка тугу эрэ санаан уоһун ньимийэн, өрө-таҥнары көрүтэлээн эрилиҥнэттэ. Ол аайы салгын сиэбит үрдүк сүүһүн мырчыстаҕастара, сытыы быһаҕынан быһыта баттаабыттыы, синньигэс дириҥ сурааһын буолан кэккэлэһэ сүүрэлэстилэр. Лөкөй Борисканы саллыбыттыы көрүтэлээтэ. Кини маннык дьулаан кэпсээни истэ илигэ. «Бодойбоҕо дьону ытыалаабыттар үһү» диэн көннөрү үһүйээн курдук сураҕы Сэйимчээҥҥэ сылдьан былырыын истэн турардаах да, ону ымпыгын-чымпыгын ким да билбэт этэ.

      – Тыый,