Тумарча

Кырыыстаах таас


Скачать книгу

турар этин астыммыттыы көрүтэлээтэ. Илии тастаах икки улахан бууту арааран ылан, эр-биир ыараҥнатан көрдө. Арааһа, балтараалыы эрэ бууту аннынан тардыыһыктар. Тахсан бэрэмэдэйин кичэйэн тэбээн киирдэ. Этин угуталаан тиһиликтэрин бэркэ дьаныһан тистэ. Сүргэтэ улаханнык көтөҕүллэн, биир кэм мичээрдиир. Бэрэмэдэйин бэлэмнээн баран дьиэҕэ киирдэ. Ол киирбитэ Алааппыйа күнүскү чэйин тарда сылдьар эбит.

      – Хайа, бу туохтан көнньүөрэн уоһуҥ ыпсыбат буолла? Кэл, чэйдээ. Ханна бараары тэринниҥ?

      – Били, нууччаларга кыра эт илдьэн биэриэм этэ. Быстардахтара буолуо.

      – Ээ, эрэйдээхтэри. Арба үнүр кэпсээтиҥ этэ дии? Илдьэн биэрдэргин абырыаҥ этэ буоллаҕа дии. Хата, били, көмүстэрин хайдах көрдүүллэрин көрөөр эрэ.

      Күн дьааһыгырыыта Лөкөй Сиридикээҥҥэ, урут көмүс булбут оломугар, кэллэ. Хайдах эрэ бу сирэ кини хараҕар кэрэтийэн көһүннэ. Урут атын мииммитинэн кэстэрэн туоруур бэйэтэ бу сырыыга атыттан түстэ. Тоҕо сатыылаабытын бэйэтэ даҕаны өйдөөбөккө хаалла. Уу улаханнык түспүт. Аатын эрэ сыккырыыр. Баҕар, эмиэ туох эмэ көстөөрөй диэбиттии Лөкөй туораан иһэн, уу түгэҕин кыҥастаста. Ол аайы бу сырыыга туох да кылабачыйары таба көрбөтө. Атын сиэппитинэн көмүсчүттэр хойгуонан быраҕаттаммыт алыыларыгар тиийдэ. Ол тиийбитэ чугас-чугас хаһыллыбыт оҥкучахтар чөҥөрүһэн көһүннүлэр. Лөкөй хас да оҥкучаҕы кэрийэ хаама сылдьан өҥөйөн көрүтэлээтэ. Ол кэрийэ сылдьан иһигэр үлэ да бөҕөнү көрсүбүттэр диэтэ. Уот оттон ириэрэ-ириэрэ хаспыттар дии. Чоҕун, ситэ умайбатах мастарын биир сиргэ чөмөхтөөбүттэр. Бу тоҕо бачча элбэҕи хаспыттара буолуой уонна тоҕо дириҥнэрэй. Арааһа, балтараалыы, иккилии саһаан баар быһыылаахтар. Көмүс булбут буоллахтара дуу? Хайа оттон таһаарбыт буордара ханнаный? Лөкөй муодарҕаан тула көрдө. Суох. Оҥкучахтар тастарыгар барбах маҥнай сыппыт суолларын омооно эрэ баар. Лөкөй ити мунаарбыт ыйытыытыгар кыайан харда булан ылбакка тэпсэҥнээмэхтээн баран, элбэхтэ киһи сылдьан тэпсиллибит ыллыгын батыста. Барбахтыырын кытта Муҥур үрүйэ төрдүгэр саҥа үүтээн дьиэ көһүннэ. Турбаттан буруо бургучуйар. Дьиэ таһа им-дьим. Лөкөй атын аан аттынааҕы тииккэ баайда. Бэрэмэдэйин сүкпүтүнэн дьиэҕэ көтөн түстэ.

      – Дьэ, Лөгөнтөй, оруобуна бараары олордохпутуна кэллиҥ. Ботуоҥкабытын хааланан адьас аттанаары бэлэмнэнэн олоробут. Сарсыарда эрдэ туран Сэйимчээҥҥэ айанныахтаах этибит. Хата, эн бэркэ баттаһа кэллиҥ. Биһиги кыһалҕабытын хантан биллиҥ? – Бориска үөрүүтүттэн хойуу хара бытыгын быыһыттан айаҕа оҥойон көстүбүтүн, Лөкөй тоҕо эрэ били чөҥөрүспүт ииннэр айахтарыгар маарынната көрдө.

      – Ээ, оттон үнүр кэпсээбиккитин истэн, быстаран эрдэхтэрэ диэн сэрэйбитим.

      – Дьэ, улахан махтал. Оччоҕо Сэйимчээҥҥэ барарбытын тохтотобут. Хата, улаханнык тымныйа илигинэ, бу күннэргэ хостообут кумахпытын сууйан кэбиһиэхпит.

      – Ити сүрдээх да дириҥ оҥкучахтары хаспыккыт. Тугу эмэ буллугут дуо? – Лөкөй хойуу чэйи итиилии алтан куруускаттан сыпсырыйа олорон ыйытта.

      – Мэлийдибит.