Тумарча

Кырыыстаах таас


Скачать книгу

да көрдө. Лөкөйгө тугу эрэ баллыгырыыр. Онтон балаҕан аанын тэлэйэн туран: «Борис-ка, Бориска!..» – диэн хаһыытаата. Үс киһи сырсан тэлэкэчиһэн киирдилэр. Тойонноро тугу эрэ омуннаахтык саҥара-саҥара, тааһы дьонугар көрдөрдө, Лөкөй диэки ыйбахтаата. Аны дьонноро соһуйан-өмүрэн турдулар. Эмискэ буолбут бу сүпсүлгэнтэн дьиэлээхтэр дьиксинэн бардылар. Оҕолор остуол уһугунааҕы кэтэҕэриин муннугу буллулар. Алааппыйа хаҥас диэки дьалты хааман биэрдэ. Аҕалара эрэ соччо уолуһуйбатахтыы модьу олоппоһугар аргынньахтаан олорбутун кубулуппата.

      – Хантан буллуҥ, хаһан?.. – Бориска диэн ыҥырыллыбыт били сахалыы билэр киһи, сирэйэ-хараҕа өрүкүйбүт, килбэчигэс киэҥ харахтарын дьиэличчи көрөн, Лөкөйгө омуннаахтык ынан кэллэ.

      – Бу күһүн Сиридикээнтэн.

      – Ноо… ханан?

      – Иккис оломтон.

      – Эн билэҕин дуо, бу туох тааһын?

      – Суох.

      – Оксиэ, дьэ буоллаҕа. Оттон тоҕо ылбыккыный? – Бориска бэркиһээн ыйытта.

      – Бээрэ, ону эһиги тоҕо туоһуластыгыт? Оттон кылабачыйарын иһин муодарҕаан ылбытым, – Лөкөй урут хаста даҕаны сэмэлэммит дьыалатыгар аны бу дьон орооһоору гыммыттарыттан кыйаханан барда.

      Алааппыйа киһитин ити тааһынан сылтаан туох эрэ буруйга түбэһиннэрээри гыннылар дии санаан ыксаан, көмүскэһэн көрөргө быһаарынна.

      – Ээ, ити киһийдэх акаарытыгар тэптэрэн, оҕолорун саататаары өрүс тааһа баранан, хас да көстөөх сиртэн атыгар ыҥырдан аҕалбыт мала диэн ити эрэ. Атын тугу даҕаны алдьаппатах-кээһэппэтэх сордоох этэ, – диэтэ.

      «Дьахтарым эрэйдээх син сөпкө этээхтээтэ ээ», – дии санаан, Лөкөй ымах гынна. Бориска бэркиһээбитэ бэрдиттэн күлүөн дуу, сөҕүөн дуу билиминэ саҥата суох сонньуйан кэбистэ. Анарааҥҥылара киһилэрэ тугу кэпсиирин кэтэспэхтээтилэр, онтон тулуйбакка ыйыталаспытынан бардылар. Бориска кэпсээбитигэр эмиэ биир туспа сөҕүү-махтайыы буолла. Тойонноро тугу эрэ эппитигэр икки киһи таһырдьа тахсан эр-биир биирдии куулу тутан киирдилэр. Остуолга обургу ыга эриллибит хара сукунаны, икки «Дорообо» чэйи, хас да баайыы сэбирдэх табаҕы, мээрэйи умса уурбут курдук гынан баран, уһуктаах үс улахан куһуок саахары уурталаатылар. Тойонноро уолаттар кип-киэҥ харахтарынан дьиибэргээн чаҕылыһа олороллорун көрөн, күллэ уонна иккиэннэригэр биирдии ньаалбааннаах кэмпиэти туттартаан кэбистэ. Дьиэлээххэ туһаайан саҥарбытын Бориска тылбаастаан биэрдэ.

      – Эһиги бу табаары барытын ылар үһүгүт, оттон кини ити эһиги тааскытын көрдүүр, – дьиэлээхтэр тугу даҕаны өйдөөмүнэ көрсөн кэбистилэр.

      – Бээрэ, ол туох айылаах тааһай, ити? – эр киһи бэркэ мунааран ыйытта.

      – Кыһыл көмүс.

      – Эс, суох, ама, бу дойдута кыһыл көмүс үөскүө үһү дуо? – Лөкөй истибитин итэҕэйиминэ, эмискэ хамсаабытыгар, олоппоһо ыһыллан хаалыахтыы, улаханнык тыаһаан хаадьах гынна.

      – Дьэ, хаһаайын, туох диигин? – тойон ыйытар.

      – Ээ, оттон ыллын. Биһиги туохпут көмүһэй… – дьиэлээх киһи соҕотохто байбытыттан долгуйан куолаһа титирэстээн