биэрэрэ. Ол курдук түүн үөһүгэр диэри өрө мөхсө сылдьыбыта. Сороҕор суоһурҕанан уоттаах маһынан далбаатанара. Чугаһаатахтарына быраҕаттаан ыытара. Кэнникинэн кыыллара дьулахачыйа быһыытыйан, төттөрү-таары сүүрэллэрин тохтотон, тэйиччи баран төгүрүччү сытынан кэбиспиттэрэ. Бориска эмиэ сылайан сынньана түһүөн санаан, саатыгар өйөнөн көхсүн сыгынахха анньан олорбохтообута. Кыылларын эргиллэн көрө-көрө, уотугар мас быраҕан биэрэрэ. Төһө өр оннук олорбутун билбэт. Биирдэ көрө түспүтэ, хатат уотун саҕардыы, ойоҕоһунан уоттар чаҕылыспыттара. Кыыллара сыылан чугаһаабыттар эбит. Киһи тура эккирээт, чугастааҕы кыылы харахтарын икки ардынан туһаайа тутаат, ытан хабылыннарбытыгар, хатан суоһар сарылааһын иһиллибитэ. Ону кытта тэҥҥэ, оһох кыыма ыһыллыбытыныы, уот харахтар үрүө-тараа төттөрү бырдаҥаласпыттара. Табыллыбыт кыыл ханна эрэ тыаҕа баран оҕунна быһыылааҕа. Ол диэки киһи этэ салаһар кылгас хапсыһыы кэнниттэн, тугу эрэ мамыктыыр, тырыта-хайыта тыытар тыас, ардырҕас саҥа түүҥҥү хараҥаны аймаабыта. Адьырҕа үөрэ биир хааннаахтарын эттэри-тириилэри аһыыларын төбөтүгэр үллэстэн уҥуох туппуттарын сэрэйбитэ. Онтон сарсыардааҥҥа диэри кыылларын кэтээн таҕыста. Хаста да чугаһаан киирэ сылдьыбыттарын, ботуруонун харыстаан ыппакка, уотунан тамнааттаан үүртэлээбитэ. Бөрөлөр халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ күрэммиттэрэ. Киһи, төһө да сылайдар, утуйуон куттанан, хайыһарын кэтэн төттөрү айаннаабыта.
Күнү быһа сукуҥнаан сэниэтэ эстэн, киэһэ дьиэтигэр сыккырыыр тыына эрэ кэллэ. Дьиэтэ оттуллубакка тымныйбыт. Хаамтаҕын аайы атаҕын тыаһа уорааннанан, дуораһыйан иһиллэр буолбут. Бориска кэлээт, сыгынньахтаммакка да эрэ, барааҥка сонун төбөтүгэр саба быраҕынаат, умса түһэн утуйан хаалла. Түһээтэҕинэ арай эмиэ бөрөлөр төгүрүктээһиннэригэр түбэһэн, улахан кутааны оттубут. Уотун суоһа сүрдээх. Бориска итииргээн барааҥкатын уолугун арынна. Хантан эрэ муннугар буспут эт минньигэс сыта саба биэрдэ. Бу өйдөөтөҕүнэ, олус диэн аччыктаабыт эбит. Аһыан наһаа баҕарар да, күөс ханна баара көстүбэт. Ханна эрэ кутаа уҥуор дьон кэпсэтэллэр. Ол икки ардыгар бөрөлөр харахтарын уота кинини тымныынан дьөлүтэ үүттээтилэр. Бориска эмиэ адьырҕалары чуҥнаан, сыгынаҕын улаҕатыгар мөхсө сытта. Эмиэ ханна эрэ дьон кэпсэтэллэр.
– Буорайбыт. Аанньа аһаабакка аччыктаан да иэдэйдэҕэ.
– Санаарҕаан быһар быһаҕаһа эрэ хаалбыт. Чанчыктара маҥхайбыттар, баттаҕа күрэҥсийбит. Урут биир даҕаны маҥан баттах суох этэ.
Бээрэ ити ханна кэпсэтэллэр? Хайдах эрэ билэр куоластара. Бориска кутаа улаҕатын көрө сатыыр.
– Күөспүт буста. Хоторон аһыахха дуу? Киһибитин хайыыбыт?
– Турдаҕына аһыаҕа. Сынньаннын.
Сынньанан буола-буола. Мин сынньана сытар үһүбүн дуо? Бөрөлөртөн тыыммын көмүскэнэн мөхсөбүн дии. Ас сыта муннун кычыгылатта. Эмиэ уот уҥуортан бэркэ билэр саҥата дуораһыйда.
– Дьаабал баара, урут баччаларга бэйэм даҕаны улахан кыылы бултаһар этим. Ону баара быйыл бөрөлөр