Тумарча

Кырыыстаах таас


Скачать книгу

чугаһаата. Суоллара инчэҕэй муох үктэллэнэн барда. Аттар бадарааннаталаан ылаллар. Хочолорун баһыгар кэллилэр. Манна хара маһа баранан, онно-манна хаптаһан сытар бэс болбукталарынан солбулунна. Дьон тыын быһаҕаһынан тыынан, атахтарын тиҥилэҕин ат туйаҕыттан куоттаран, суолу ойоҕолуу хаамсан, көнтөстөрүн кылгастык тутан, умса-төннө түһэллэр. Эппэҥнэс гына аҕыластылар. Көлөһүннэрэ сарт түспүт. Төһө да сылайдаллар, тохтоон сынньаналлара сатаммат. Дабаан кэмигэр ыарахан ындыылаах ат тохтоотоҕуна көхсө сааллар.

      Үөһэттэн хаһан да уҕараабат хайа сөрүүн тыала аргыйда. Дьон умсугуйбуттуу уолуктарын арынан, бэргэһэлэрин устан итииргээбит эттэрин салгыҥҥа оҕустардылар. Сотору кэтэһиннэриилээх кэдээллэригэр таҕыстылар. Манна тохтоон сынньана түһэргэ быһаарыннылар. Ындыыларын түһэртээтилэр. Аттар сөрүүкүөхтэригэр диэри, туруохтааҕар Бориска кэдээли батыһа чугас турар хайа оройун диэки хаамта. Арҕаһы батыһа чубукулар ыллыктара болбукта быыһынан эрийэ-буруйа тыргыллар. Ыллык устун хаамарга сирэ дэхси, тирэхтээх. Килбэчигэс хара өҥнөөх тырыыҥкаламмыт чараас таас бытархайдарын дэхси дьапталҕатын быыһынан, түүнүк курдук, күрэҥ муох үүммүт. Сылгы дьогдьоҕор саалыгар майгынныыр сыыйа үрдүүр арҕас оройугар таҕыста. Уйаара-кэйээрэ көстүбэт мэҥэһик-мэҥэһик салҕанан бара турар кэрискэ хайалары, ахсаана биллибэт үрэхтэр, үрүйэлэр хайыта солоон түспүт хаспах хочолорун эргийэ сылдьан сөхпүт хараҕынан дуоһуйа көрдө. Туохха да уолуһуйбат холку, улуу көстүү. Оол, арҕаа өттүнэн киһи хараҕа ыларын тухары Халыма салааларын эҥэр хайалара, кирээдэ курдук, туора кэккэлээн ыраах күөх тумарыкка тиийэн сыыйа симэлийэн хаалаллар. Улуу өрүс киэҥ хочото, сүдү улахан моҕой кыыл хамсаабакка бүгүллэн сытарыныы, онон-манан өҕүллэҕэстэнэн хоту диэки нэлэһийэн түһэ турар. Илин диэки эргиллибитэ хаарынан сабыллыбыт адаардаах сис хайалар кылааннаах өргөстөрө мөһүүрэ өҥүнэн күлүмнэһэллэр. Ок-сиэ, киэҥ, кэрэ да дойду!.. Ама маннык бэйэлээх баараҕай сир күөрэлэммит кураанах сымара таастарынан эрэ муҥурданыа дуо? Бу үлүгэрдээх сүдү кыраай ахсаана биллибэт үгүс үрүйэлэригэр, дириҥ хаспахтарыгар айылҕа күндү баайын араас көрүҥнэриттэн биирдэстэрэ эмэ хайаан да кистэнэ сытар буолуохтаах. Хайаан да баар, ону Лөкөй Лөгөнтөй булбут сомоҕо көмүһэ туоһулуур. Биһиги быйыл саас Муҥур үрүйэттэн мэлийдибит эрээри, атын үрэхтэри, үрүйэлэри билбэппит эбээт. Ханан эрэ элбэх, бөдөҥ көмүстээх сир баар буолуохтаах. Ону көрдүөххэ, булуохха эрэ наада. Туора салаа үрэххэ кыһын хаспыт уонча ииммитин быыс булан сууйбакка хааллыбыт. Кинээс тиэтэппитин кэннэ өрөлөһө сылдьар кэлиэ дуо?! Ол кэриэтин үлэ тохтууругар тиийэр. Бостуой холдьохсо, хайыы сылдьыа. Кэнники төннөн кэлэн да сууйуллуо. Бориска арҕас оройун эргийэ барда. Уһуктаах, кырыылаах үрүт өттүлэрэ түүнүгүрбүт таастар бэрээдэгэ суох күөрэ-лаҥкы дьапталана сыталлар. Түҥнэри сирэйгэ ситэ ууллубакка хаалбыт хаар лоскуйун алын өттүгэр эмиэ да маҥан, эмиэ да саһархайдыҥы бороҥ өҥнөөх көһөҥө