Тумарча

Кырыыстаах таас


Скачать книгу

биллэ. Өртөн күүппүт курдук эҕэрдэлии тоһуйда. Бориска Солобуйуопка кинээһи билиһиннэрдэ. Туох соруктаах кэлбиттэрии аҕыйах тылынан кэпсээтэ. Түүлээх сураҕын истэн хаһаайын үөрбүтэ өтө билиннэ. Кэтит баппаҕайдарынан Сиидэр кинээс илиитин бобо тутан туран ибигирэппэхтээтэ. Тугу эрэ түргэн баҕайытык саҥаран куллугураабытын Бориска тылбаастаан биэрдэ.

      – Кинээс тойон, эйигин кытта билсиһэрбиттэн олус үөрэбин. Хомойуох иһин, быйыл Кушнарев атыыһыт базатын пароходунан Халыма төрдүгэр көһөрбүтэ. Шпак соторутааҕыта табаарын онно илдьибитэ. Миэхэ кыра табаар баар, онон кэпсэтэн көрүөхпүтүн син. – Дьиэлээх атыыһыт көрүҥэр холооно суох түргэн туттунуулаах киһи буолла. Ындыылары тэҥҥэ көтөхсөн ампаарытар тастаран кэбистэ. Аттары сарай күлүгэр баайтарда. Суһаллык тардыллыбыт остуолга чэйгэ ыҥырда.

      Киэһэ икки тойоҥҥо тылбаасчытынан Сафейка хаалла. Бориска Миитэрэй билэр ыалыгар барыста. Биэрэги батыһа дэриэбинэ хотугу уһугун диэки хаамыстылар. Муора кырылас таастаах сытыары биэрэккэ, ыаҕастаах уулуу, аатын эрэ дьалкылдьыйар. Сииктээх сиккиэр тыал сирэйгэ ибиирбэхтиир. Бысталаммыт сарадах былыттар быыстарынан киэһээҥҥи күн саһарҕата арҕааҥҥы кэрискэ хайалар кэтэхтэриттэн сандаара саһарар. Киэҥ хомону иилии эргийэр хайа соҕуруу уһуга тумустуу токуруйан киирэн, намтаан-синньээн муора мэндээрхэй урсунугар уйдаран турардыы тунаархай саҕахха сыыйыллаҕас күлүк буолан дьирбиилэнэн көстөр. Бориска кэннин хайыһан, чуумпурбут муора модун күөнүгэр килбэчийэ оонньуур сарыал чаҕылын, ыраас саҕахха кылдьыы курдук кырыыланан көстөр бүүрүк хайаны одуулаһан турбахтаата. Онтон киэҥ-киэҥник атыллаталаан, сис туттан холкутук хааман иһэр Миитэрэйи ситэн ылла. Уһук дьиэлэртэн иһирдьэ соҕус турар үүт бүтэй олбуордаах туруорбах балаҕаҥҥа киирдилэр. Ааны аһалларын кытта муннуларыгар буспут балык сыта билиннэ. Көмүлүөк оһох иннигэр улахан үскэл көрүҥнээх, кыырыктыйбыт баттахтаах оҕонньор олоппос өйөнөрүгэр сыҥаах баттанан аргынньахтаан олорор. Оһох чанчыгар, сирэйигэр көрүөхтэн ынырык, чэрдийбит баастаах хатыҥыр киһи сыпсынан чох ытыттаран ылан хамсатын уматта турар. Кэтэҕэриин ороҥҥо сэргэх сэбэрэлээх эдэрчи киһи кэтэх тардыстан тиэрэ түһэн сытан, дьон киирбиттэригэр соһуйбут курдук тура эккирээтэ. Миитэрэйи билэн мичээрдээбитинэн утары кэллэ. Оҕонньор эмиэ олоппоһугар хонос гына түстэ. Хаҥас диэки, соҕуруокка кэннигэр, оҕолор тугу эрэ былдьаһан айдаарсаллар. Ону ханна баара көстүбэт дьахтар саҥата буойталыыр. Холумтаҥҥа улахан төгүрүк лэппиэскэ тимиргэ ыраахтан хатарылла турар.

      Дьиэлээхтэр киирбит дьону кытта сахалыы сиэринэн иҥнигэһэ суох хардарыта тыл бырахсан кэпсэтэн-ипсэтэн, сонуннарын үллэстибитинэн бардылар. Ыалдьыттар сыгынньахтанан бу ыалга хонордуу оҥоһуннулар. Бориска кэпсээнин дьиэлээхтэр сонургуу иһиттилэр. Бодойбо курдук ыраах сиртэн кыһыл көмүс көрдүү кэлбиттэрин олус сөхтүлэр, сэҥээрдилэр. Бухатыырдыы көрүҥнээх дабдыгыраабыт оҕонньору саҥа ыалдьыт ордук астына көрдө.

      – Мин эдэрбэр киэҥ сиринэн тэлэһийэн сылдьыбыт киһибин.