турабын. Өлө сыспыт түбэлтэм үгүс этэ. Олортон бу кэнники көрсүбүт кыылым маннык кэбилээтэ, – Ли көрүҥ диэбиттии тохтоон дьонун диэки мылах гынна, хамсатын оборбохтоото. Уонна кэпсээнин салҕаан барда. – Ол сыл кулааһай элбэх этэ. Мин күһүн маҥнайгы хаар кэнниттэн икки кыылга түбэһэн биирдэрин охторон баран, иккиһин бааһырдан ыыттым. Маҥнайгы кыылбын түргэнник астаан лаабыстаан кэбистим. Аһыы түһээт, кыра үтэ эт ылынан иккис кулааһайбын суоллаатым. Ыраах сири бардым. Кыылым улаханнык хаанырбыт эрээри, тохтообокко сиэлэ былаастаан хааман бара турбут. Киэһэрэн барда. Тохтоон, хонорго сөп этэ буолан баран, тоҕо эрэ миэхэ күрэхтээх санаа киирэн, өссө даҕаны хатыһан туран батыһан истим. Сотору кыылым суола үрдүк мырааны таҥнары түһэн улахан өрүс хочотугар киирдэ. Мин өрүскэ диэри батыһарга сананным. Мырааны таҥнары түһэн, сэдэх мастаах маардары туораталаатым. Ол иһэн маар быыһынааҕы ойуурга киирбитим, кыылбын баабыр суола батыспыт. Мин саабын бэлэмнэнним. Төһө да дьулайдарбын, урут хаста да баабыры бултаһан турардаахпын. Киэһээҥҥи барыамах түстэ. Ол да буоллар хонук сирбэр, өрүс үрдүгэр тиийэргэ сананным. Үрдүк сөкү оттоох бөлөх-бөлөх талах ойуурдаах күөл баһыгар кэлиибэр, баабырым суола хаҥас диэки туораабыт. Кулааһай сөкүнү силэйэн уҥуоргу тыаҕа тахсыбыт. Баабыр киһи иһэрин биллэҕинэ, туораан чуҥнааччы. Саам сомуогун туруоран ытарга бэлэмнэнним. Мас-от аанньа көстүбэт буола хараҥаран барда. Аҕыйахта хардыылаат, баабыр суолун эмиэ көрдүм. Бу сырыыга кэлэн уҥа диэки быһа охсон туораабыт. Ол курдук сөкү ортотугар киириэхпэр диэри хаста даҕаны төттөрү-таары ааһыталаабыт. Мин ыксаатым. Муҥ саатар сөкү ортотугар киирэн биэрдим. Хайа өттүбүттэн түһэрэ биллибэт. Оттон миэхэ хаххаланарбар туох да мас-от суох. Сатаан бардахха, аһаҕас сир буолан, тыал суугуна тыас ылары мэһэйдиир. Бу түгэҥҥэ саба түһүөхтээҕин мин эппинэн-хааммынан сэрэйдим. Ону адьырҕам уодаһыннаах санаатыттан биллим. Миигин муннаран уонна уолутаары суолун хаста даҕаны төттөрү үктээн ааһыталаабыт. Тыҥааһын улаатта. Тымныы ууну испит курдук, уҥуоҕум салҕалас буолла. Оттон бэйэм тириттим. Быһахпын ылан тииспэр ытырдым. Бэркэ сэрэнэн иннибин-кэннибин кэтэнэн сөкүттэн тахса охсор баҕалаах баран истим. Туораатарбын эрэ тыа саҕатыгар тахсан уот оттунар санаалаахпын. Уот туһунан санаат, сөкүнү уматаары хатаппын ылан эрдэхпинэ, кэннибэр от кэһиллэр суугунас тыаһа иһилиннэ. Мин эмискэ эргиллэрбэр, атахпын окко эрийэ үктээн, тэмтэрийэн тиэрэ баран иһэн көрбүтүм, кэннибиттэн ойоҕолуу соҕус хара күлүк сөкү быыһынан көстөр халлаан лоскуйун сабардаан үрдүбэр түһэн эрэр эбит. Сатаатахха төттөрү өттүбүнэн эргиллэн, кыылым күлүгэ хаҥас өҥүс баһым туһаайыытынан буолла. Мин охтон иһэн иэҕиллэн, куһу күөрэтэр курдук иннинэн соҕус туһаайан чыыбыспын тардан кэбистим. Алыс иннинэн көрөн кэбиспиппин, сыыстым быһыылаах. Дьэ, өллөҕүм диэн санаа төбөбөр охсуллан ааста. Ол икки ардыгар сирэйим, куйахам биирдэ атый гынан, уҥуох алдьанар тыаһа «харк» гына түстэ, ханна да барбыппын билиминэ хааллым. Биирдэ өйдөнөн кэлбитим,